Региональная общественная организация "Дальнобойщики Республики Саха (Якутия)"
Ыраах айан суоппардара ассоциация тэриннилэр
30 ноября 2017

Үс сыллааҕыта Чурапчыга ыраах айан урбаанньыт-суоппардарыгар уопсастыбаннай тэрилтэ тэринэллэригэр “күөх уот умайбыта”.

edersaas.ru

Дальнобойщиктар сыл аайы бэ­йэлэрин истэригэр “Бадараан күнэ” диэн кыһыҥҥы рейстэри түмүктүүр бырааһынньыктаахтар этэ. Арааһа, ити курдук бэйэлэрин истэригэр бэлиэтии сылдьыахтара эбитэ буолуо, өскө, Чурапчы сэлиэнньэтин урбаанньыттарын сүрүннүүр сэбиэт салайааччыта Евдокия Дьячковская “Ыраах айан суоппардара” диэн бэстибээли тэрийэргэ санамматаҕа буоллар.

ЭКСПЕРТ САНААТА:

Евдокия ДЬЯЧКОВСКАЯ, СӨ дальнобойщик-суоппардарын регионнааҕы ассоциациятын салайааччыта:

— Суолталаах тэрээһиҥҥэ  дальнобойщик-суоппардар улуустааҕы түмсүүлэрин тэрийэргэ тыл көтөхпүттэрэ. Ыраах айан суоппардарыгар аналлаах кинигэ таһаарбыппыт, видеокиинэлэри устубуппут. Быйыл кулун тутарга өрөспүүбүлүкэ дальнобойщик-суоппардарын регионнааҕы ассоциациятын тэрийбиппит. Бу уопсастыбаннай тэрилтэ 1-кы сийиэһин ыам ыйыгар ыыппыппыт.  Ассоциациябыт  Тырааныспар, Урбаан уонна Инвестиционнай сайдыы министиэристибэлэрин кытта бииргэ үлэлэһэн эрэр. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи урбаанньыттар бырааптарын көмүскүүр боломуочунайы кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ илии баттаста. Билигин өрөспүүбүлүкэ дальнобойщик-суоппардарын регионнааҕы ассоциацията 18 улуустан чилиэннээх.

Уопсастыбаннай тэрилтэ 9 ый устата тугу оҥордо?

  •  Дальнобойщиктар ассоциациялара СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн ыраах айан суоппардарын 1-кы сийиэстэрин тэрийэн ыытта.
  • Урбаанньыттар бырааптарын көмүскүүр боломуочунай Айталина Соколованы кытта бииргэ үлэлэһии хайысхатын торумнаата.
  • СӨ Урбаанньыттары өйүүр киинин кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэһии түһэристэ.
  • Тахограф боппуруоһун быһаарыыга үлэ ыытар.
  • КамАЗ-лизинг нөҥүө ассоциация чилиэннэригэр — икки дальнобойщикка субсидия биэрэри туруорсар.
  • Лизинг нөҥүө КамАЗ атыылаһыыга юридическай сүбэни оҥорор.
  • Ассоциация чилиэннэрэ олорор улуустарыгар араас тэрээһиннэри ыытар тосхоллору торумнаата.
  • Дальнобойщиктар династияларын сырдатыыга өрөспүүбүлүкэ иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэрин кытта ыкса сибээһи олохтоото.
  • РФ Автотранспортнай сойууһун кытта үлэлэһэргэ кэпсэтии ыытта.

Өрөспүүбүлүкэ дальнобойщик-суоппардарын регионнааҕы ассоциациятыгар чилиэннэринэн киирбит дьон санааларын истиэҕиҥ:

Прокопий ДЬЯЧКОВСКАЙ (Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Майа):

— 40 сыл суоппардаабыппыттан 20-тэн тахса сыл урбаанньыт-суоппарбын. 1995 сыллаахха бэйэ дьыалатын тэриммитим. Хоту улуустарга таһаҕас тиэйиитигэр үлэлээбитим. Үс сыл буолла ыраах айантан тохтообутум. Билигин самосвал массыынабынан үлэлиибин. Кыһынын сынньанабын, сайын дойдубар суол өрөмүөнүгэр, таас таһыытыгар үлэлиибин. Уолаттары кытта олорсон, сылгы аҕала таарыйа, саас анаан хоту улууска ыраах айаҥҥа бара сылдьыбытым. Уларыйыы баара харахха быраҕыллар. Массыына олох субуллан олорор. Барыта саҥалар — лизинг, кирэдьиит бигэтик олоххо киирбитэ биллэр. Киһи үөрэ көрөр хартыыната эрээри, суоппардар бэйэ-бэйэлэрин өйөһүүлэрэ мөлтөөбүт дуу диэн көрдүм. Урут нуучча буол, саха буол, кыһын буоллун, сайын буоллун, тохтоон, бэйэ-­бэйэбитигэр көмөлөһөр буоларбыт. Билигин тохтоон турар суоппарга ким да кыһаллыбат эбит. Ол иһин ыччат суоппардарга: “Ким эмэ тохтоон турар буоллаҕына, хайаан да туох наадатын ыйыталаһан ааһыҥ. Онно улахан бириэмэ барбат. Баҕар, бу кэмҥэ кини эмискэ ыалдьан хаалыан сөп, улаханнык алдьанан турара буолуо. Кый ыраах туох да, ким да суох сиригэр бэйэ-бэйэни өйөһө сылдьыахха наада”, — диэн үөрэтэбин.  Бэйэбит улууспутугар ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардар түмсүүлэрин тэриннибит. Онон ассоциация ыытар үлэтин биһириибин.

Виталий СЕМЕНОВ (Нам):

— 23 сыл буолла бэйэ дьыалатын тэриммитим. Сэбиэскэй кэмҥэ “Комсомольскай” сопхуоска үлэлээбитим. Большой Неверинэн, Анаабырынан таһаҕас тиэйэр этим. Билигин “Сила Сибири” Газпром тэрилтэтигэр турбалары таһабын. Кыһыннары-сайыннары – сылы эргиччи үлэлиибин. Сэбиэскэй кэм саҕана бас­тайааннай үлэлээх этибит. Уматыккын толуонунан ылаҕын, хамнаһыҥ кэлэ турар. Билигин үлэҥ кэмигэр төлөммөт. Уматык сыаната олус ыарахан. Туох барыта харчынан сыаналанар. Ол эрээри, барыта куһаҕан буолбатах. Киһи наадыйдаҕына, үлэ булар кэмэ кэлэн турар. Мин 33 сыл устата ыраах айаҥҥа сырыттым. Үлэбин сөбүлүүбүн. Суоппардары түмэр тэрилтэлэммиппит олус бэрт. Түмсүүлээх буолан, биир санааҕа кэлэн кыһалҕабытын быһаарсыа этибит.

Никифор КУТУГУТОВ (Таатта улууһа):

— Биһиги дьиэ кэргэн – династия суоппардарабыт. Бииргэ төрөөбүт түөрт уол бары дальнобойщиктарбыт. Уолаттарбыт эмиэ суоппардар. Сыл аайы нэһилиэкпитигэр Суоппардар күннэрин ыытабыт. Онно спортивнай күрэхтэһиини тэҥэ, суоппар идэтигэр сыһыаннаах күрэхтэһиилэр буолаллар. 2005 сыллаахха бэйэ дьыалатын тэриммитим. Массыынам бортовой буолан, сүрүннээн, чох тиэйэбин. Ассоциацияҕа быйыл кулун тутарга киирбитим. Ыраах айанныыр суоппардар сүрүн кыһалҕабыт — улахан кээмэйдээх үлэни булуу.

Гаврил АЛЕКСЕЕВ (Уус Алдан улууһа):

— 33 сыл суоппар ыстаастаахпын. Эмиэ табаарыстарым курдук, сопхуос ыһыллаатын кытта бэйэ дьыалатын тэринэргэ санаммытым. Уус Алдаҥҥа ассоциация филиала былырыын тэриллибитэ. Урукку сылларга бэйэбит бэйэбитигэр эрэ буһар-хатар этибит. 1-кы сийиэскэ тахограф ирдэбилин уларытарга туруорсубуппут. Тахограбы Саха сирин суоппардара хайдах да туһанар кыахпыт суох. Ол эбэтэр ити ирдэбили тутустахпытына, аҕыс эрэ чаас (түөртүү чаас буола-буола — сынньалаҥ) айанныахпытын наада. Кыһыҥҥы тымныыга биһиги сынньана сыттахпытына, массыынабыт тоҥоругар тиийэр, уматыкка да ороскуоттаах. Аны айаныҥ ырааҕа бэрт буолан, нэдиэлэни быһа айаннаан тиийиэххэ наада. Сийиэскэ ити боппуруостары туруорсубуппут. Уопсайынан, сотору-сотору мустарбыт биһиэхэ ордук. Бэйэ-бэйэбитин билсэ олоробут.

Сергей ИГНАТЬЕВ (Таатта улууһа):

— Суоппардаабытым 35 сыл буолла. Саха сирин барытын кэрийдим. Суоппар киһи араас быһылааҥҥа түбэһэр буоллаҕа. 1994 сыллаахха муус устарга суол сабыллыбытын кэннэ, Өлүөнэ өрүһү туораан иһэн, “Урал” массыынам тимирбитэ. Бэстээҕинэн ыыппаттар этэ, ол иһин Төхтүрүнэн туоруурга соруммутум. Оччолорго харчыбыт мөлүйүөнүнэн ааҕыллар кэмэ этэ. Онон 50-ча мөлүйүөннээх табаар массыыналыын-байдыын тимирбитэ. Таатта лесопуунун үлэһиттэрин биэс ыйдаах хамнастарын аһынан ылыахтаах бородуукталара этэ. Кабинам үөһээ люктаах буолан, онон быыһаммытым. Хата, кыра массыыналаах дьон кэннибиттэн иһэр буолан, кинилэр ылбыттара. Иэс-күүс бөҕөҕө киирдэҕим дии. Дьоммуттан тыраахтар ылан, ону атыылаан саҥа массыына ылбытым. Суоппар үлэтэ дьэ оннук уустук. Бииргэ үлэлиир суоппар табаарыстарым өйөөн, атахпар турбутум. Онон дальнобойщиктар бэйэбит түмсүүлээх буоларбыт наада.

 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Сха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.