Эдэр ыччаттар бэйэлэрин төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэктэрин сайдыытыгар кыахтара баарынан көмөлөһөллөрө хайҕанар уонна убаастанар эрэ дьыала. Бу соторутааҕыта Сатаҕай нэһилиэгин биир ыччата, экономист үөрэхтээх Ефим Шишигин бэкээринэ аһан, килиэп амсатан олохтоохтору олус диэн үөртэ.
— Дьэ бэйэбит килиэптэммиппит наһаа үчүгэй. Күн аайы сибиэһэй килиэбит сиибит, минньигэс баҕайы. Урукку өртүгэр Алтантан кэлэр буолан, барыта нуорма. Ордук отчуттар эрэйдэнэллэр этэ. Билигин дьэ абыранабыт. Инникитин өссө кэскиллээхтик үлэлээн, кондитерскай иһин оҥоһуктары астыы турдуннар, — диэн этэр нэһилиэк төрүт олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ М.Е. Никандрова.
— Бэйэ килиэптээҕэ олус бэрт. Килиэбэ суох олорбот буоллаҕын. Күн аайы наада. Ону дьэ бу бэйэбит оҕобут Ефим өйдөөн нэһилиэгэр олус наадалаах тэрилтэни арыйан үлэлэтэн эрэриттэн биһиги олохтоохтор үөрэбит уонна астынабыт. Киниэхэ саҕалаабыт үлэтигэр ситиһиилэри эрэ баҕарабыт,- диир Лукин аатынан хаһаайыстыба профсоюһун бэрэссэдээтэлэ М.В. Иванова.
Ити курдук норуот астынар. Ол саамай сөп. Ол аата нэһилиэккэ дьон наадыйар, туһалаах тэрилтэтэ аһыллан, үлэ миэстэтэ тахсан кэскиллээх дьыала саҕаламмытын бэлиэтэ. Бэкээринэ иһигэр киирэн үлэһиттэри кытта кэпсэтэбин. Килиэп минньигэс сыта муннугар саба биэрэр.
-Үлэлээбиппит аҕыйах ый буолла. Сатаҕай олохтоохторобут. Иккиэбит. Тиэстэбитин электрическай мешалкаҕа мэһийтэрэбит. Сарсыарда кэлэн оһохпутун оттон килиэппитин буһарабыт. Оһоххо буспут килиэп минньигэс. Мин бэйэм аан бастаан манна кийиит буолан кэлэн баран бэкээринэҕэ үлэлии сылдьыбытым. 50 киилэлээх куул бурдуктан 90 килиэп тахсыахтаах. Биһиги 800 грамнаах 105 килиэби буһарабыт. Биир угууга. Оннук иккитэ таһаарабыт. Оһохпутун толору уктахпытына 135 килиэби биирдэ буһаран таһаарыахпытын сөп. Билигин күҥҥэ 200 килиэби таһаарарбыт тиийэр. Үлэбитин астынабыт, үчүгэй. Хаачыстыбатын дьонтон ыйытан, итэҕэс баар буоллаҕына ону көннөрөн биэрэн буһарабыт- диэн кэпсиир Е.Г. Окорокова.
Бэкээринэ биир өртүтэ маҕаһыын. Манна Ефим ийэтэ Лидия Антоновна Шишигина үлэлиир. Бэйэтэ урут маҕаһыыннаах эбит. Онтун көһөрөн аҕалан манна барытын биир сиргэ кииннээбиттэр. Ийэ киһи быһыытынан оҕотун өйөөн, көмө-тирэх буолар. Ефим эмиэ онтон үөрэр уонна махтанар.
— Ийэбэр махталым улахан. Билигин манна үлэбин барытын кини көрөр-истэр. Бу дьыалабын саҕалыырбар тэрилтэм күүс-көмө буолбута. Бэйэм онно аһыллыаҕыттан баарбын. Нистрой диэн тэрилтэ иһинэн Экоэнерго тэрилтэ дириэктэринэн үлэлиибин. Маҕаһыын-бэкээринэбитин олунньу ыйтан тутан саҕалаабыппыт. Каркаснай. Иһэ эковата диэн матырыйаал. 12х10 кв. миэтэрэ иэннээх. Оборудование булуутугар кыра ыарахаттар бааллара. Чопчу маһынан оттуллар килиэп буһарар тэрили көрдөөбүтүм. Уопсайа тутууга, оборудованиеҕа диэн 2 мөл. солк. курдук ороскуоттанна. Саха Республикатын предпринимателлэри өйүүр киинтэн программаҕа киирсэн оборудование ороскуотун 50 бырыһыан сабар субсидия ыллым. Инникитин кэҥээн, саҥа кондитерскай оһоһуктары буһарар оборудование атыылаһан булочка араас көрүһүн, торт, бирээнньик иһин астыырга былаанныыбыт. Килиэппит 800 гр буолан 45 солкуобай. Килиэппитинэн чугас нэһилиэктэри эмиэ хааччыйыахпыт дии саныыбыт,- диэн кэпсиир эдэр урбаанньыт Ефим Шишигин. Ефим элбэх саҥата суох, бэрт сэмэй киһи. Саҥа тэрилтэтэ аһыллан олус долгуйар. Ол гынан баран бастакы оҥоһуктарын дьон-сэргэ астыммытыттан, нэһилиэнньэ үөрбүтүттэн үөрэр.
Дьэ бу курдук сайдам сайаҕас дьоннордоох Сатаҕай нэһилиэгэр бэкээринэ-маҕаһыын аһыллан дьон-сэргэ үөрүүтэ үгүс буолла. Эдэр киһини улуус дьаһалтатын аатыттан баһылыгы тутууга солбуйааччы Д.Д. Иванов, нэһилиэк баһылыга С.Д. Давыдов, Лукин аатынан хаһаайыстыба профсоюһун бэрэссэдээтэлэ М.В. Иванова эҕэрдэлээтилэр. “Биһиги нэһилиэк дьоно бары биир ыал курдукпут. Бу бүгүн эмиэ бука бары кэлэн ахтыбыт бэкээринэбитин уруйдуу сылдьабыт. Биһиэхэ урут уруккуттан бэкээринэ баар этэ, онон төрүт үгэспит да диэххэ сөп. Онно Артемьева-Чемокина Дария Тимофеевна, Иван Ксенофонтович Андреев үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыттара. Онно кэлэн бары көрсөн, кэпсэтэн, сонуммун үллэстэн барарбыт. Ефим Сатаҕай төрүт ыччата. Бу дьыалатын төрөппүттэригэр махтал бэлиэтин курдук көрөбүн. Лидия Антоновна оҕотун үлэҕэ хайдах курдук эппиэтинэстээх гына ииппитин сөҕөбүн. Онон оҕону үлэҕэ дьиэ кэргэһһэ иитиэххэ наадата өссө биирдэ дакаастанна дии саныыбын,- диэн олус истиҥ тыллары нэһилиэк дьаһалтатыгар өр сылларга үлэлээбит И.М. Адамова эттэ.
…Килиэп барыга бары баһылык. Килиэбэ суох-олох суоҕун кэриэтэ. Сатаҕай төрүт ыччата Ефим Шишигин “Сайдыы тэтимэ-ыччат илиитигэр” диэн санаанан салайтаран социальнай суолталаах дьыалата бары эдэр дьоһһо холобур буолан инникитэ кэскиллээх, саҕалааһына саргылаах буоллун.
Автор: Наталья Бубякина