Биир дойдулаахпыт Харитина Семенова идэтинэн педагог-психолог. Кини оскуолатааҕы сылларыттан психологияны интэриэһиргээн туран үөрэппитэ, бу тиэмэнэн араас научнай-практическай конференцияларга кыттан кэккэ ситиһиилэрдэммитэ. Онтон ыла олоҕун психологияны кытары ситимниир сыалтан, 11-с кылаас кэнниттэн М.К.Аммосов аатынан государственнай университет педагогическай институтугар «Преподаватель педагогики и психологии» үөрэххэ туттарсан киирбитэ. Үөрэҕин ситиһиилээхтик түмүктээн, айымньылаах үлэтин 2006 сыллаахха улуустааҕы Үөрэх управлениетыгар «Центр профилактики кризисных состояний» салааҕа саҕалаабыта. Билигин Харитина Валерьевна улуустааҕы оҕо дьиэтигэр 2009 сылтан педагог-психологынан үлэлиир, 8-тан – 11-с кылааска үөрэнэр оҕолору көрөр-истэр.
— Туох сыалтан-соруктан предприниматель буоларга сананнын?
— Мин чааһынай практиканан дьарыктаныахпын баҕарбытым ыраатта, бу киириилээх-тахсыылаах, уларыйа турар олоххо нэһилиэнньэ психолокка наадыйар буолла дии саныыбын. Психолог хамнаһа кыра диэн билиниэххэ наада, ол иһин дьиэ кэргэммэр эбии дохуот киллэринээри предприниматель буоларга сананным. Оскуолаларга психолог соҕотохтуу үлэлиир буоланнар, оҕолору барыларын кыайан көрбөттөр-истибэттэр. Төрөппүттэр оҕолорун кытары көмө көрдүү, сүбэлэтэ-амалата кэлэллэрэ баар суол.
— Эйигин нэһилиэнньэ «Genetic—test» тарбаҕынан быһаарар тиэһинэн дьарыктанааччынан билэллэр, элбэх киһи эн өҥөҕүнэн туһаммыт буолуохтаах. Бу туһунан билиһиннэр эрэ.
— Бу тиэһи Новосибирскайдар учуонайдара айбыттара, 85-95%-на кырдьыгы таһаарар буолан, биир сааһын ааспыт оҕолортон саҕалаан биэнсийэлээхтэр кытары айылҕаттан туох дьоҕурдаахтарын көрөн арыйаллар. «Genetic-test» киһи тарбаҕын ойуутун көрөн, үөрэтэн, кини характерын, темпераменын, доруобуйатын, ханнык идэҕэ барсарын, спортка сыстаҕаһын суоҕун о.д.а. таһаарар. Сорох дьон маны хиромантияны кытары бутуйаллара сыыһа, бу учуонайдар хас да сылы быһа чинчийбит үөрэхтэрэ буолар. Кинилэр быһаарыыларынан, оҕо ийэтин сүрэҕин анныгар сылдьар кэмигэр, ниэрбинэй килиэткэлэрин кытары тарбахха уруһуйдар тахсаллар. Бу уруһуйдар киһи олоҕун устата уларыйбаттар, сүппэттэр, киһи туһунан элбэҕи кэпсиэхтэрин сөп.
Оҕо кыра эрдэҕинэ «Genetic-test» ааһара наадалаах дии саныыбын, тоҕо диэтэр кини талаанын таба көрөн, дьоҕурун арыйан ситэ сайыннарыахха сөп. Эдэр ыччат иккис үрдүк үөрэҕин да баһылыырыгар, ханнык үөрэҕи иккис идэ оҥостуохпун сөбүй диэн боппуруос үөскээтэҕинэ, генетическэй тест көмөтүнэн идэтин уларытыан сөп.
— «Genetic—test» туһунан хантан билбиккиний?
— Чугастыы сытар Бүлүү улууһуттан генетическэй тест бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн үлэлээн барбыттара, олохтоохтор бу тиэһи ааһан олус астыммыттар, бэйэлэрин тустарынан элбэҕи билэн үөрбүттэр этэ. Онно бу тест туһунан билиэхпин, үөрэтиэхпин баҕарбытым. Интернет ситимин хасыһан, көрөн-үөрэтэн, аппаратураны сакаастаан ылбытым. Онтон ыла манан умсугутуулаахтык дьарыктанан саҕалаабытым, Нам, Ороһу, Харбалаах, Далыр, Кэнтик нэһилиэктэргэ сылдьан олохтоохтору кытары үлэлээбитим. Саамай элбээбитэ 40-ча киһи сылдьааччы. Уһуйааттарга сылдьан эмиэ үлэлиибин, Үрүйэчээҥҥэ, Аленушкаҕа, Теремокка «Genetic-test» ыыппытым. Билигин олорор дьиэбэр ыҥыран тиэһи ыытабын, интэриэстээх төрөппүттэр оҕолорун кытары ыалдьыттаан бараллар.
— Маны таһынан оҕолорго аналлаах туох үлэлэри ыытаҕын?
— Инники эппитим генетическэй тест эбит буоллаҕына, оҕо эбии дьоҕура сайдыбытын суоҕун тиэһинэн бэрэбиэркэлиибин. Бу тест 7-тэн — 11-с кылаас оҕолоругар ыытыллар, ханнык дьоҕурдара сайдыбатаҕын көрөн – эбии эрчиллэллэр. Кэнники сөпкө, баҕарар үөрэхтэригэр туттарсан киирэн үөрэнэллэригэр, инникитин үлэлииллэригэр көмөлөһөр, төһүү күүһүнэн буолар. Ону таһынан, биирдиилээн консультациялары ыытабын, манна хайаан даҕаны оҕону кытары төрөппүт баар буолара булгуччулаах. Иккиэннэрин кытары олорон кыһалҕаларын төһө кыалларынан быһаарабын.
Кэнники өссө сайдар, үлэлиир туһуттан «ВедаПульс» диэн ааттаах аныгы аппаратураны сакаастаан ыллым. «ВедаПульс» диэн киһи организмын пульсовай диагностиканан быһаарар, киһи физиологическай систиэмэтин көрдөрөр. «Все болезни от нервов» диэн этиигэ мин сөпсүһэбин. Киһи стресстээбитэ кини огранизмыгар быһаччы дьайар. Психолог ыарыы тахсыбатын туһугар эмиэ үлэлэһиэн сөп дии саныыбын. Көрдөрөөччү киһи долгутар боппуруостарын кэпсээн, кыһалҕатын арыйан ыарыыттан босхолонуон сөп. Манна «ВедаПульс» аппарат киһи төһө стресскэ киирбитин, доруобуйатыгар дьайыытын ыйар-кэрдэр. Бу аппарат диагностика кэнниттэн диетаны аныыр, отунан-маһынан эмтэнэр рецептэри таһаарар. Кэнники үгүс дьон антибиотик эмтэринэн эрэ буолбакка, эрдэттэн БАД-ынан туһанар. Маныаха, «ВедаПульс» ханнык БАД-ынан туһаныахха сөптөөҕүн, ханнык эмп-том ордук көмөлөһүөҕүн сөбүн сүбэлиир. Биоэнергетиканы, духуобунай практиканы интэриэһиргиир дьоҥҥо аураҕа, чакраҕа тиийэ көрдөрөр.
— Харитина Валерьевна, предприниматель быһыытынан инники былааныҥ?
— Улуус киинигэр психологическай кабинет арыйыахпын баҕарабын, эбии психологтары, билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаах логопедтары үлэлэтэр баҕа санаалаахпын. Аныгы, оҕо сайдарыгар аналлаах аппаратуралар бааллар, доруобай уонна доруобуйаларынан хааччыллыылаах оҕолору кытары үлэлиэхпин баҕарабын.
Улуустааҕы киин балыыһаны кытары үлэлэһиэхпин баҕарабын, «Школа молодых матерей» үөрэҕэ олус наадалаах дии саныыбын. Оҕо доруобай төрүүрүгэр ийэ улахан оруолу оонньуур. Эдэр, бастакытын төрүүр ийэни бэлэмнииргэ улахан үлэ ыытыллыахтаах, кинини психологическай өттүнэн бэлэмниир наадалаах. Кэлин ийэ «сыыһа төрүүр» диэн этэллэрэ элбээтэ, манна психологическай өттүнэн көмөлөстөххө, сыыһаны суох гыныахха сөп. Ийэ төрөөбүтүн кэнниттэн, «Послеродовая депрессия» диэн өйдөбүл баар. Сорох ийэлэр стресстэн ситэ тахсыбакка хаалаллар эбит, оччоҕуна кини оҕотугар, кэргэнигэр кыыһырара элбиир. Дьиэ кэргэн ийэ настырыанньатыттан тутулуктаах диэн мээнэҕэ эппэттэр, дьиэ кэргэнтэн бүттүүн общество тутулуктаах. Онон, ийэни ийэ буоларга бэлэмнииргэ үлэ ыытыахха диэн ыҥырабын.
— Эйигин психологынан эрэ буолбакка, элбэх оҕолоох ийэнэн эмиэ билэбит. Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Мин кэргэннээхпин, биэс оҕолоохпун. Улахаммыт Аня 13 саастаах, уолбут Саша 11-дээх, онтон кыраларбыт Айян биэстээх, Эрсаммыт үстээх, Эльдарбыт иккитин саҥардыы туолла. Оҕолорум бары «Genetic-test» ааспыттара, төрөппүт буоларбыт быһыытынан, оҕолорбут туох дьоҕурдаахтарын интэриэһиргиибит. Кэргэмминээн иккиэн тиэспит сөрү-сөпкө тахсыбыта, олохпутугар сөбүлүүр идэлэрбитин баһылаабыппыт диэн үөрэбит. Ийэ буоларым быһыытынан, оҕолорбор барыларыгар болҕомто уура сатыыбын. Оҕо, сааһыттан тутулуга суох, болҕомтоҕо олус наадыйар. Оҕону 5 сааһыгар диэри иитиэхтээххин, кинилиин дьарыктаныахтааххын. Ол сатамматаҕына, оҕо подростковай сааһыгар кыһалҕа үөскүөн сөп.
— Кэпсииргиттэн иһиттэххэ, идэҕин сөпкө талбыт, олус сөбүлүүр эбиккин…
— Мин дьон доруобуйата тупсарын туһугар үлэлиибин. Киһи психологията уонна этэ-сиинэ биир, киһи кыһалҕата организмыгар хатанар. Ол буолбатын туһуттан, психолог күүстээхтик үлэлэһиэхтээх.
— Харитина Валерьевна, кэпсэтииҥ иһин махтанабын, инники үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын.
Источник: Екатерина Николаева, представитель Центра поддержки предпринимательства в Верхневилюйском улусе