Новости
Учуутал Варвара Бурцева «Марафон уюта» холбоһук бырайыагар кытынна
27 февраля 2024

Кулун тутар 8 күнүн көрсө бу күннэргэ дьиэ ис бараанын оҥорууга хаһаайкалар ортолоругар өрөспүүбүлүкэҕэ «Марафон уюта» холбоһук көҕүлээһининэн ыытыллар тэрээһиҥҥэ Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын английскай тылга учуутала, үс оҕо ийэтэ, ураты дьоҕурдаах, талааннаах Варвара Бурцева кытта сылдьарын истэммин, чуолкайдаһа, ыйыталаһа сырыттым. Аһаҕас, үтүө майгылаах эдэр хаһаайка сөбүлэһэн маннык хоруйдаата:

– Биһиги ыал Бороҕон Радиотумулугар Эбэни өҥөйөн олорор кэрэ миэстэҕэ чааһынай 8*9 дьиэ туттан киирбиппит быйыл номнуо бэһис сыла буолар. Дьиэбитин Намтан «Стройуниверсал» тутуу тэрилтэтэ 2019 сыл муус устар ыйыгар 10 күн иһигэр тутан биэрбитэ. Дьиэбит аныгы «Липснеле» оһоҕунан оттуллар, ону таһынан толору хааччыллыылаах.

Тохсунньу бүтүүтүгэр социальнай ситим нөҥүө өрөспүүбүлүкэ араас муннугар олорор дьиэ хаһаайкаларыгар, кэрэ аҥардарга «Марафон уюта» холбоһук тэрийиитинэн ыытыллар румтурга (ол эбэтэр дьиэ ис бараанын хайдах дьаһанан олорор туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүү, кэпсээһин) 15 кэрэ аҥаар быыстарыгар киирсэн, бэйэм дьиэм туһунан бу өрөбүллэргэ икки күн устата кэпсээтим, билиһиннэрдим.
Бу бырайыакка кыттаары дьиэбит ситэриллибэтэх өттүн ситэрэн, дьиэ ис бараанын тупсаран, дьиэбит олус сэргэхсийдэ.

Ол курдук, дьиэм хос ааннарыттан саҕалаан, ис эркиннэрин аныгы кыраасканан сотон, онно ханыылыы бэйэбит араас миэбэллэри оҥордубут. Миэбэллэрбитин тупсаран сырдык маска аналлаах, буоскалаах арыынан, сыта суох, түргэнник куурар маҥан кыраасканан соттум.

Бу икки күн кэпсиирим миэхэ бэйэбин атын өттүнэн арыйда. Бэйэни туораттан устуу, тута куйаар ситимигэр тахсыы, бэйэни хайдах баарынан ылыныы сайдыыга саҥа үктэл буолла.

Дьиэм ис бараанын, оҥорбут оҥоһуктарбытын дьон хайҕыы көрдө, олус интэриэһиргээтэ, бэйэлэригэр тустаах сүбэни миигиттэн ылбыттара буолуо диэн эрэллээхпин. Ону таһынан бэйэм сөбүлүүр дьарыгым быысапкам туһунан сырдаттым. Маннык сонун, интэриэһинэй түгэни бэлэхтээбит «Марафон уюта» холбоһукка махтанабын.

Ити курдук эдэр хаһаайка талааннаах тарбахтарынан, сатабыллаах дьаһалынан, аныгылыы сонун көрүүлэринэн айан-тутан таһаарар оҥоһуктара дьон биһирэбилин ыла турдуннар.

Источник