Алексей Петров уустук кэми аахсыбакка, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрэн, күн бүгүнүгэр диэри далааһыннаахтык үлэлии сылдьар. Бииргэ төрөөбүт балыстарын, бырааттарын кытта «Атамай» бааһынай хаһаайыстыбаны тэринэн, ынах-сүөһү, сыспай сиэллээҕи ииттэллэр.
Биир үтүө күн Петровтарга тиийэн, үлэлэрин-хамнастарын билистим. Оруобуна күнүскү үлэ үгэнигэр түбэстим.
«Атамай» бааһынай хаһаайыстыба аҕыс үлэһиттээх. Уопсайа 60 ыанар ынаҕыттан 30 ньирэй төрөөбүт. Былырыын сайын күннэтэ ардаан, оттуурга кэккэ күчүмэҕэйдээх буолан, быйыл Нам улууһун Партизаныттан 40 тн от атыылаһан, 50 тн бэйэлэрин сенаажтара уонна 300 тн бэйэлэрин отторун бэлэмнээн, этэҥҥэ кыстаатылар. Сылга 150 тн үүтү ыаннар, «Горнай Ас» ТХПК туттараллар. Төрүөх саҕаланыаҕыттан ыанньык ынахтарын күҥҥэ түөртэ ыыллар. Онон ыанньыксыттар үлэлэрэ үксүүр.
Билигин үлэһиттэр саҥа аныгылыы тутуулаах хотоҥҥо үлэлии сылдьалларыттан олус үөрэллэр. Киирдэ түһээт, киэҥ-куоҥ, сырдык, ыраас хотону көрүү ураты көстүү буолар. Үлэһиттэр ынахтар саахтарын таһааралларыгар анал транспортерга күрдьэҕинэн салайан эрэ биэрэллэр. Хотонноро гааһынан ититиллэн турар. Кыһыҥҥы томороон тымныыга олус сылаас буолар. Аны кэккэлэһэ турар сынньанар дьиэлээхтэр, ол иһигэр туспа аһыыр хостоох, душтаах, уотурба хараллан ууруллар, ыаммыт үүтү кутан сойутар оборудованиелаах хостордоох. Хотон толору хааччыллыылаах тутуулааҕа олус үөртэ.
Сайынын бөһүөлэктэн тэйиччи сытар Ытык Эбэҕэ ынахтарын, ньирэйдэрин илдьэ сайылыыллар. Хаһаайыстыба улаханнаах кыра атыыр оҕустаахтар. Сайылыкка олорор дьиэлээхтэр, хотонноохтор, күрүө-хаһаа тутуулаахтар. Бэйэлэрин күүстэринэн сирдэрин оҥостоллор.
2021 с. Бэс күөлгэ уустук балаһыанньа үөскээбитэ. Кылгас кэм иһигэр баараҕай хотону тутан, «Хаҥалас – Тутуу» ХЭТ (ген. дириэктэр Кан Терешкин) үлэҕэ киллэрбиттэрэ.
Алексей Петров салайааччылаах «Атамай» бааһынай хаһаайыстыбатын үлэһит дьонунан киэн туттабыт, сүгүрүйэбит. Үлэ киһини киэргэтэр диэн этиини бука барыларыгар аныыбын.
Модун Россиябыт Президенигэр Владимир Путиҥҥа, Ил Дархаҥҥа Айсен Николаевка, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан үлэлээбит Дмитрий Бердниковка, Горнай улууһун баһылыгар Никита Андреевка махталлара муҥура суох.
Эрчимнээх бэйэлэрин кэмэ суох кэрэхсиибит, ыарахан үлэттэн күнүстэри-түүннэри, сайыҥҥы куйаас күнүн, кыһыҥҥы томороон тымныытын аахсыбакка, биир да өрөбүлэ суох илиигитин араарбакка үлэлии сылдьаргытыттан сөҕөбүт.
Валентина Яковлева