Новости
Тумсэр сатаныа дуо?
5 марта 2018

Маны таhынан киhи биологическай нуорма ирдэбилинэн сылга 20 киилэттэн лаппа тахса балыгы сиэхтээгин билигин нэhиилэ 19 киилэни эрэ уссэнэрин да таарыйыахтара.Ааттыын да комус хатырыктаахтар сыаналара баhырхайынан кырдьык, комускэ тэннэhэн эрэллэрин эмиэ тумнуохтара суога. Магаhыынна атыыланар балыктар 20-25 бырыhыан урдэтиллэн чараас хармааннаахтары костоох сиринэн тэйиппиттэриттэн хомолтолорун биллэриэхтэр этэ. Бу-дойду урдунэн.Оттон биhиэхэ балаhыанньа хайдагын билээри оройуоннаагы ТХУ салайаачытын э.т.Г.В.Атласовтыын корустубут.

-Григорий Васильевич,Арктика Госкомитетыттан быйылгы балыктааhынна былаан туhэ илигинэн ааспыт сылы эргитэ тутуохха,2017 сылы балыктааhынна хайдах тумуктээтигит?

_Былырыын оройуоннаагы ТХУ чэрчитинэн 170 туонна былааннаахпытын аhара толорбуппут. Балыктааhынан дьарыктанар 9 ИП-пит.Д.Г.Саввин салайааччылаах «Сайдыы»ТХПК уонна «Туллук» фермер-бааhынай хасаайыстыбалар бааллар. Оттон Кэбэргэнэгэ К.И.Слепцов «Опора» родовой общината,»Черов и К»,»Ефимов и партнер» уонна Урасалаах агрооскуолата ХЭТ-лэр о.д.а .14 учаастактаахтар.Бу балыксыттарга балык хайдах кэлэриттэн корон квотаны «Росрыболовство»Ленатаагы территориальнай управлениета тыырар.Оско оройуон былаана туолбут эбит буоллагына уоhэ ааттаммыт балыктааhынан дьарыктанааччылар кордоруулэрэ араас.Биирдиилээн ыллахха маннык:ИП Борзов П.В былаантан 65  бырыhыаны,Банщиков А.А-37,Афонскай А.Н-64 уонна Садовников В.К,Новиков Е.И-70 бырыhыан толорбуттара.Оттон Черов и К» ХЭТ-28,237 кг.тиэрдэн 95 бырыhыан ситиспит..Саввин Д.Г-100%,Ефимов А.П-96%,Опоралар,Чирков А.К-100%толорбуттара.Онон балыктыыр субъектарга квотанан бэриллибит былаан 298 туонна 480 кг эбит буоллагына 254 туонна 724 кг тиийэн сорудах 85 %туолбута.

-Квоталаахтарга былаан туолбатагар араас биричиинэ баара чуолкай. Былырыын оройуон салалтата балыксыттары мунньан ассоциация тэрийиэххэ, оччотугар баар кыhалгалары туоратарга Госкомитекка туруорсарга табыгастаах буолуога диэбитэ.Хомойуох иhин,когулээhин ойобулу ылбатага.

Оско ассоциация тэриллибитэ буоллар дьоммут тумуллэн-сомоголоhон этэр этиилэрэ да ыйааhыннаах буолуохтаага.Биирдиилээн сылдьан ыарахаттардыын киирсэр бэрт уустук, багар, инникитин хаhан эрэ ассоциацианы тэрийии боппуруоhун балыксыттар бэйэлэрэ когулуохтэрэ. Ис дьинэр, биhиги балыксыттарбытыгар уоhэттэн ойобул суох буолбатах,баар.Былырыынныттан агыйах холобуру агалыам.Ефимов и партнер ХЭТ-5э республика бюджетыттан  9 мол.2220тыс.005 солк бэриллибитэ,онтон 3 мол кэринэ балыктааhын промысловай базатын туту сириэстибэтэ.Сайдыы ТХПК-гар2 мол.991 тыс.740 солк.тыырыллыбыта, ол исигэр 743  тыс.балыктааhын ороскуотун толуйуу,ордуга балык харыйар ледниктары реконструкциялааhынна уонна механизациялааhынна бэриллибитэ.Оттон Туллук хасаайыстыбага 506 тыс.870 солк.тиксибитэ.Григорий Атласовтыын кэпсэтиибит тумуктэннэ,ол кэнниттэн миигин биир сана ууйэ тута.Ойдуурбут курдук,хас да сыллаагыта аргаа дойдулар Россияны огуруот аhынан,фруктанан хааччахтаан битэмииннэрэ тиийбэккэ россияннар буомуруохтара диэн кулуктэригэр имнэммиттэрэ.Биhигини уустуктар ыстааллыы хатаралларын кинилэр ойдообтохтор:кун бугун дойдубут урдунэн огуруот аhа,фрукта дьон  наадыйыытын толорон,таhынан барыах айылаах.Ол хайдах ситиhилиннэ? Урдуку салалта  огуруот астарын,фруктаны харайар баарагай ыскылааттары  согуруу регионнарга туттарбыта туhалаата. Урут кинилэри  харайыы боппуруоhа харах далыгар киирбэккэ сылдьыбыта онон элбэги ууннэрэр да туhата суох курдуга.Бу балыгы бултаан харайыыга быhаччы сыhыаннаагын балыксыттар иилэ хабаннар дойду урдуку салалтатыгар бодон холодильнай ыскылааттары тутары туруорсаллар.Биллэн турар,биhиги балыктаах Уhук Илин буолбатахпыт.Ол да буоллар ,оройуон балыксыттара бултаабыттарын харайалларыгар ыарахаттары корсоллор,былыргылыы ледника угаллар.Онтулара да халаан уутуттан угустэрэ туhаттан тахсыбыттара.Онон холодильнай установкалар син биир наадалар,биирдиилээн балыксыт дэбигис ылбат.Оттон багар,ассоциация баaра буоллар кинилэр тумсэн-кииннэнэн бу боппуруоhу быhаарсарга далаhа ууруохтар этэ.Атын да кыhалгалар бааллар буолуохтаах.Салгыы корреспондент Индигирдээги хонтуруол,надзор уонна биоресурсалары харыстааhын отделыгар тиийэн И.Н.Сорокоумовтыын кэпсэтэ сырытта.Иван Сорокоумов бу курдук эттэ:

Быйыл,2018 сылга,оройуонна балыктыыр 12 охотпользователь баар.Республикатаагы Арктика дьыалаларыгар Госкомитет биhиги дьоммутугар промышленнай балыктааhынна биологическай ресурсалар квоталарын уллэрэн буппутэ. Уопсайынан республикага 693 тыс.тн259 киилэ балык бултаныахтаах.Балыктар коруннэринэн квотага тиийдэххэ,бэйэбит дьоммут тоhону балыктыахтаах эбиттэрий?Холобурдар:Ефимов и партерХЭТ ыырга -11 тн.671 киилэ,муксуунна-310 кг о.д.а бултаан 19 туоннаттан тахсаны туттарыахтаах.Оттон Черов и К чыыра -8 тн тахса буолуохтаах,ИП Борзов П.В чыыра квотата икки анар туонна уонна Садовников В.К киэнэ 1 тн 347 кг буолуохтаах.Тууччэх квотата бэрт кыра,эмиэ холобур :Сайдыы ТХПК -168 киилэ,Опоралар -82 киилэ,о.д.а.

Оройуон любитель балыксыттара быйыл тохсунньу 9 кунуттэн балыктааhынна киирбит сокуонна уларытыылары сиэрдээхтик ылыннылар,»пятидневка» уурайбытын сэргээтилэр,экземплярынан бултанары  утарбатылар.Россия быраабын хонуутугар олорбутунан кинилэр сокуон буукубатын тутуhан балыктыылларыгар саарбахтаабаппын.Уу биологическай ресурсаларын популяциятыгар биhиэхэ балаhыанньа учугэй, ону балык коруннэрин чинчийээччилэр бигэргтэллэр.

 

Афанасий Иванов