Аммаҕа “Ыалдьытымсах буолуу Ааҕыныстыбата” диэн бэрт уратытык иһиллэр тэрилтэ үлэһиттэрэ кэлэн бардылар. Эҥинэ эгэлгэ ааттаах тэрилтэ ааттарын иһиттибит ини, истибэтибит ини. Соһутуох айылаах суох курдук этэ да, дьэ, баар эбит. «Ыалдьытымсах буолуу» диэни, бастакы омуҥҥа, киһи муодарҕыы истэр. Суолталаах үлэни ыытар, тэрийэр тэрилтэҕэ ханан даҕаны холооно суох ааттаахха дылы. Ол гынан баран, бу ааҕыныстыбабыт гостиница, ресторан уонна туризм индустрията сайдарыгар кырата суох кылааты киллэрсэр, ахсыс сылын тигинэччи үлэлии сылдьар тэрилтэ. Ааҕыныстыба улуустары кытары сөбүлэһии түһэрсэн үөрэтэр-такайар семинардары, куурустары ыыталлар. Горнай уонна Нам улуустарыгар сылдьан баран Аммаҕа ыалдьыттаатылар.
Ааҕыныстыба салайааччыта Татьяна Тымырова уонна тэрилтэ экспертэ Сардаана Григорьева дьону сынньатар, аһатар-сиэтэр, көччүтэр туристическай баазалаах урбаанньыттары кытары көрсөн киэҥ ис хоһоонноох кэпсэтии тимэҕин төлөрүттүлэр.
“Ханнык баҕарар турист саҥа сиргэ тиийдэҕинэ туох-ханнык иннинэ хонор, түһэр сирин булар, салгыы ханна аһыырын, ол кэннэ хайдах сынньанарын туһунан толкуйдуур. Урбаанньыт – турист бу баҕатын таба ханнарарга, сынньалаҥын сөпкө тэрийэргэ дьулуһуохтаах. Сервиһи үчүгэйдик тэрийиини сүрүн сыал-сорук курдук көрүөхтээх», — диэн этэр Татьяна Александровна
Үчүгэй, толору сервис үс бүк сүүйүүлээҕин туоһулуур холобурунан аатырбыт Атласовтар уһаайбаларын, “Орто Дойду” экопарканы, “Алаас” уонна “Тыгын Дархан” гостиницалары ааттаата. Дьону хабахха тыыннарбыт хамсык кэмэ ааспытын кэнниттэн туристическай базалар быһа барбыт быһыттыы хото тутуллан элбээбиттэрэ. Татьяна Тымырова этэринэн, аҥардас быйыл саха сирин үрдүнэн 68 саҥа туристическай база баар буолбут. Ааранан Аммабытыгар даҕаны ааҕан көрдөххө, 39 сынньалаҥы тэрийэр баазалаахпыт. Балар, биллэн турар, дьоҥҥо биэрэр өҥөлөрө сүнньүнэн майгыннаһар. Ол гынан, Татьяна Александровна этэрин курдук, сервиһин ордук тупсаран оҥорбут базалар атыттардааҕар сүөм саҕа үрдээн тахсаллар. Сынньанар киһи ханна санаата сыппыт сиригэр хаттаан сынньана тиийэр буоллаҕа. Көннөрү айылҕаҕа сынньанары сэргэ кэнники кэмҥэ агротуризм олус сайдан эрэрин Татьяна Алекандровна бэлиэтээтэ:
“Куорат дьоно тыа сирэ тугунан тыынан олорорун сэргиирэ элбээтэ. Аҥардас ынах хайдах ыанарын, от оттонорун, бултууру-алтыыры көрүөн-билиэн баҕалаахтар бааллар. Итини эмиэ туристическай маршрут быһыытынан киллэрэн дьон болҕомтотун тардыахха сөп. Холобур, былырыын горнайдар күһүҥҥү муҥхаҕа 50 туриһы сырытыннарын астыннаран тураллар”.
Сайынын Аммаҕа умсугуйан талаһар, кини кэрэ айылҕатыгар куустарыан баҕалаах былыр да, быйыл да, аны да элбэх. Татьяна Александровна итини сөпкө туһанарга ыҥырар.
«Аммаҕа, атын улуустарга тэҥнээтэххэ, кэлэр-барар дьон үгүс. Туристар аҥардас биир үксүн кэлэн баран өрүскэ балаакканан түһэн сынньанан бараллар. Олору бэйэҕитигэр тардар суолу тобулуоххутун наада. Атын улуустар дьону угуйар сыалтан араас усулуобуйаны олохтуу сатыыллар. Онтон эһиэхэ дьон, ыҥырыыта да суох, кэлэрэ сыл аайы элбэх. Ону таба туһаннаххытына туризм Аммаҕа лаппа сайдар кыахтаах», — диэн ааҕыныстыба салайааччыта бэрт сөпкө бэлиэтээн эттэ.