Урбаанньыттыы сылдьан биири өйдөөн хаалбыппын: түүннэри-күнүстэри, өрөбүлэ суох үлэлиир эрэ буоллаххына баҕарбыт дьыалаҥ табыллар диэни. Кырдьык да оннук эбит. Барытын бэйэҥ эрэ сүүрдэххинэ-көттөххүнэ барыта баар буолар. Урбаанньыт булугас-талыгас, бары өттүттэн өйдөөх, үөрэҕи чэпчэкитик ылынар, сүрдээх үлэһит киһи. Туох баар ньочоотун, докумуоннарын, былааннарын, отчуотун, дохуодун бэйэтэ оҥорор. Бу кэмҥэ саамай алтыһар дьоннорунан урбаан киинин исписэлиистэрэ, нолуок, пенсия, страховка уорганнара, баан үлэһиттэрэ буолаллар. Дьэ маны барытын кыайыам диир киһи урбаанньыт быһыытынан үлэлээн саҕалыыр.
Маны таһынан урбаан баар буолан үлэтэ суох дьон аҕыйаата. Сорохтор идэлэнэн хааллылар, атыттар саҥа үлэ миэстэтигэр киирэн дьарыктаах дьон буоллулар.
Ыраах барбакка, чугастыы, бэйэбит кыыспыт, Покровскай куорат олохтооҕо Юлия Борздая улуус киинигэр таҥас сууйар өҥөнү тэрийбит.
— Бу өҥөнү тэрийбитим быйыл бэһис сылым буолар. Манна биһиги химиянан сууйбаппыт, үгүс үлэ дьиэҕэ таҥас сууйар курдук барар. Ол гынан баран, таҥаһы куурдубакка, центрифугалаан баран сакаастааччыга туттарабыт. Дьон биһиэхэ үксүн улахан таҥастары сууйтара биэрэр: утуйар таҥас, диван, кириэһилэ сабыыта, куртка, сон…
Сууйар бороһуокпун ханнык баҕар лааппыттан «Ариэль» ыла сатыыбын. Кэнники кэмҥэ санкциянан сибээстээн, барыта бэйэбит дойдубутугар оҥоһуллубутунан туттар буоллум. Ол-бу сыттаах сайҕыыр кондиционердарынан тутта сатаабаппын, аллергиялаах дьоҥҥо барсыбат. Бастаан, бу дьыалабын саҕалыырбар, бэйэм дьиэ кэргэмминээн Покровскайга туох тиийбэтий диэн толкуйдаан, үөрэтэн көрбүппүт. Түмүккэ, таҥас сууйарынан ким да дьарыктаммат, дьон сэҥээриэ диэн урбаанньыт буоларга санаммытым.
Түөрт сууйар массыына ылынан, дьиэ-уот куортамнаан дьыалабын саҕалаабытынан барбытым уонна күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиибин. Сууйтарар өҥөнөн мас дьиэҕэ олорооччулар туһаналлар. Таҥас сууйарга уу уонна уот-күөс баранар, онон мин курдук үлэлиэн баҕалаахтар, ону толкуйдаан саҕалыылларыгар сүбэлиибин. Ити киинэҕэ көстөр анал автоматтар дьиҥэр бааллар, онно бэйэҥ харчы уган баран сууйтараҕын. Мин санаабар, ол биһиэхэ табыгаһа суох, сүрүннээн, кырдьаҕас дьон аныгы техниканы үчүгэйдик билбэттэр, ол иһин мин бэйэм таҥаһы тутабын, наардыыбын, сууйтарабын уонна үлэбин туттарабын. Маннык өҥөнү ханнык баҕар улахан нэһилиэккэ арыйыахха сөп. Билигин улууска бу өҥөнү оҥорор соҕотохпун. Хас күн аайы эбиэтэ суох үлэлиибин, — диэн эдэр урбаанньыт үлэтин билиһиннэрдэ.
Юлияны уонна да атын улууска үлэлиир өҥө оҥорооччулары, оҥорон таһаарааччылары, атыыһыттары Россияҕа урбаан күнүнэн эҕэрдэлиибит! Сайда, кэҥии турдун эһиги саҕалаабыт дьыалаҕыт, инникитин да эһиэхэ ситиһии, кыайыы тосхойдун!
Татьяна Григорьева