Новости
Түүлээх олохтооҕо Гаврил Попов бэйэ дьарыгын кыайа-хото тутар
сегодня

Киин сиртэн тэйиччи Түүлээх нэһилиэгэр олорор дьон айар-тутар, нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥорор баҕалара улахан. Кыахтара тиийэринэн олус бэркэ тэринэн үлэлии-­хамсыы олороллорун көрөн хайҕаатыбыт, олус сэргээтибит. Төрүт олохтоох Гаврил Попов олоххо-дьаһахха туһалаах араас өҥөҕө ылсан, үлэтин хайдах саҕалаабытын билиһиннэрэбит.

Гаврил Константинович быйыл саас Каменск-Уральскай куораттан “среднерусские” диэн көрүҥ ыҥырыа 10 дьиэ кэргэнин сакаастаабыт. Онон ыраах куо­раттан улууспут түгэҕэр Түүлээххэ диэри айан саҕаламмыт. Бу куораттан Екатеринбурга диэри илдьэн биэрбиттэр. Онтон Дьокуускайга “СЛТК” диэн таһаҕас таһар транспортнай компаниянан аҕалтарбыт. Дьокуускайтан Бороҕоҥҥо таксинан, онтон Чэриктэйгэ диэри тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Петр Попов көмөлөһөн аҕалан биэрбиттэр. Чэриктэйтэн ыҥырыаларын мотуорканан ылбыт. Маннык уһуннук айаннаан, ыҥырыалар саҥа дьиэлэрин бэс ыйын саҥата булбуттар. Ол эрээри биир пакет ыҥырыа сайыҥҥы айаны тулуйбакка, аҕыйах хонугунан өлбүт. Оттон уһун айаны тулуйбут хорсун ыҥырыалары дьиэтиттэн чугас, баһаар буолбут сиригэр кучу от (иван-чай) хото үүнэр сиригэр олохтообут.

Хойутаан кэлэн, ситэ сайдыбатахтара. Биир эрэ уйа үчүгэйдик үлэлээбитэ. Онтон 35 киилэ мүөтү ылбытым. Бу үлэ олус интэриэһинэй эбит. Дьиэ кэргэнинэн бары анал таҥас ылынан, көрөн-истэн, бастакы хардыылары оҥорбуппут. Онтон кыһын кыра дьиэ тутан, онно кыстата турабын. Ыҥырыалар кыс­тыыр дьиэлэрин сир үрдүгэр, аҥаара сир­гэ тимирэн эбэтэр сир анныгар турарын курдук туталлар. Миэнэ сир үрдүгэр тутуллан, киирэ-тахса көрө сылдьарга аналлаах. Манна киирэргэ дьиэлэрин тымныппат туһугар түргэнник киирэн тахсаҕын, 0 кыраа­дыстан халбаҥнаппат туһугар оһоҕунан сылытан, арааран терморегуляторынан хонту­руоллуу сылдьабын. Ыҥырыаларбын элбэтэр баҕам баһаам. Олус интэриэ­һинэй дьарык. Ылбыт мүөппүн хаһаанан туруорабын. Көмө буол­бут дьоммор махтанан бэрсиэм, кыһын да уһун, бэйэбит сиэхпит, – диир хаһаайын.

Гаврил Попов мантан салгыы «апидомик» диэни оҥостор былааннаах. «Апидомик» диэн ыҥырыа үрдүгэр утуйуу. Ол аата анал дьиэҕэ, ороҥҥо сытан эмтэнии, дуоһуйуу. Маныаха орон анныгар ыҥырыалар уйалара баар буолар, онтон эмтээх, минньигэс салгын тахсарынан тыынаҕын.

Маны тэҥэ Гаврил Попов икки сыллааҕыта социальнай контракт өҥөтүнэн туһанан, нэһилиэнньэни ыраас уунан хааччыйыыга ылсан үлэлиир. Дьиэтин иһигэр 450 тыһыынча солкуобайдаах оборудованиены “Сахафильтр” тэрилтэттэн атыылаһан туруорбут. Социальнай контра­гынан ылбыт көмөтө 350 тыһыынча солкуобай, уоннааҕы сууматын бэйэтэ уйуммут. Биирдии 19 лиитэрэлээх бытыылка ууну 130 солкуобайга атыылаан, бэйэтин дьиэ кэргэнэ иһэригэр, нэһилиэнньэҕэ да олус туһалаах өҥө буолар. Өссө биир өҥөнү 2018 сылтан саҕалаабыт. Эмиэ социальнай контрагынан эти эрбиир станогу ылынан, көрдөһөр киһи баар буолла эрэ, эрбээн биэрэр.

Гаврил Константинович бэйэ дьарыгын хаҥатан иһэр, саҥаттан саҥаны тобулар баҕалаах. Кырыы нэһилиэккэ туһалаах буолуон сөп диэн санааттан, табах оҥорон көрөр эбит. Вирджиния диэн табах оту үүннэрэн, эргэ холодильнигы туһанан хатарар оһоҕу чочуйан, интернет-сайт нөҥүө табах оҥорор кытай станогун сакаастаан, дьиҥ сигарета оҥорон таһаарар. Биирдиилээн оҥорон, булчуттар, балыксыттар, отчуттар көрдөөтөхтөрүнэ биэрэр, бэрсэр дьикти дьарыктаах киһи буолан биэрдэ.

Ити курдук саҥаттан-саҥа дьарыгы булар Гаврил Попов сэргэх олохтоох, дьарык­таах киһи буолан биэрдэ. “Өссө тугу оҥорбут киһи?” диэн өрүү төбөтүгэр оҥорон көрөр буолуохтаах. Онон сатабыллаах саха дьарыга үксээтин, санаабыта сатанан истин.

Ольга ШЕПЕЛЕВА

Источник