Саха сиригэр Оҕо сылын чэрчитинэн Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр урбаанньыт Николай Прохоров түөлбэлэр икки ардыларыгар «Алыптаах эйгэ» диэн күрэҕи тэрийдэ. Саха өрөспүүбүлүкэтин ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирэ Петр Шамаев салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ үлэтин түмүгүнэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар.
Быйыл Саха сиригэр Оҕо сылыгар анаан Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгин олохтоох урбаанньыта Николай Прохоров «Алыптаах эйгэ» диэн кыһыҥҥы оҕо сынньанар, аралдьыйар эйгэтин тэрийии күрэҕин иилээн-саҕалаан олохтоото. Бу бырайыак сүрүн сыала оҕолору сибиэһэй салгыҥҥа оонньуурга, хамсанарга, аралдьыйарга көҕүлээһин уонна дьиэ кэргэнинэн сынньанарга угуйуу буолар.
Олунньу бастакы ылааҥы күннэригэр күрэх ыытылынна, «Алыптаах эйгэ» өрөгөйдөөх арыллыыта буолла.
Күрэҕи нэһилиэккэ Ыччат сылын арыйа кэлбит Саха өрөспүүбүлүкэтин ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирэ Петр Шамаев дьүүллүүр хамыыһыйаны салайан үлэлэттэ. Ол түмүгүнэн, «Чараҥ» түөлбэ бастакы миэстэ буолла уонна 25 тыһ. солкуобайдаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна. Иккис миэстэ иһин «Саһарҕа» түөлбэ 15 тыһ. солкуобай ылла. Үһүс миэстэлээх «Андылаах» түөлбэ 10 тыһ. солкуобайдаах сэртипикээккэ тигистэ.
Билигин оҕо-аймах сынньалаҥ сиригэр көҥүл оонньоору сааскы сынньалаҥы күүтэ сылдьар. Төрөппүт өттө «алыптаах эйгэлэр» оҕо саҥатынан, үөрүүтүнэн-күлүүтүнэн туолуохтара диэн үөрэллэр уонна урбаанньыт Николай прохоровка муҥура суох махталларын биллэрэллэр.
ГАУ РС(Я) Центр «Мой Бизнес»