Бу үчүгэйкээн бэйэлээх, нарын-намчы кыыһы мин билбитим син балай да кэм ааста. Кинини көрсө барбыппар, мааны былааччыйа кэтэн, кэрэ бэйэтэ эбии киэркэйэн, санаата өрө көтөҕүллэн олороро. Сып-сырдыгынан мичээрдээн, харахтарыгар ханан да санньыар күлүгэ түспэтэх арылхай мөссүөнэ дьиэтин иһин күн сардаҥатыныы сырдатара.
Евдокия Прокопьева Өргүөт нэһилиэгэр 5 оҕолоох Мария Прокопьевна, Виктор Михайлович Прокопьевтар дьиэ кэргэттэригэр айылҕа саамай ситэн, силигилээн турар кэмигэр – от ыйын 29 күнүгэр бастакы, күүтүүлээх оҕонон күн сирин көрбүтэ. 2010 сыллаахха Маҥаас нэһилиэгэр эбээтигэр Агафья Софроновнаҕа олорон, оскуолатын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Оскуолатын бүтэрбитин туоһулуур ситии-хотуу аттестатын туппут кыыс медицинскэй колледжка фармацевт идэтигэр үөрэммитэ. Үөрэҕин таһынан сүүрүүнэн, үҥкүүнэн сөбүлээн дьарыктанара, баскетбол оонньуутунан үлүһүйэрэ, кэккэ ситиһиилэрдээҕэ.
Онтон, 2011 сыл муус устар 13 күнүгэр эдэркээн оҕо олоҕо бүүс-бүтүннүү уларыйбыта… Ол кэмтэн 11 сыл ааста. Күн баччаҕа диэри туох да уларыйыы суох. Арай эрэл, олоххо таптал эрэ күүһэ кинини кынаттыыр. Арахсыспат тирэҕэ эрэ – кэлээскэтэ…
— Евдокия, сэрэйбитиҥ курдук, кэпсэтиибит хайабытыгар даҕаны чэпчэкитэ суох буолар чинчилээх…
— Бэйэм да кэмэ кэллэ дии саныыбын. Барытын искэ тута сылдьар ыарахан. Арыллыахпын наада. Баҕар мин олохпор тирээн кэлбит кыһалҕам эдэр дьоҥҥо өйдөбүл, көмө буолуо дии саныыбын.
— Кэпсээ эрэ, ыарыыҥ хайдах саҕаламмытай…
— Медколледжка үөрэнэ сылдьабын. Ол сарсыарда суунан-тараанан, үөрэхпэр тиийбитим, аҕыс аҥаар чааска сүр улаханнык чуораан тыаһаата. Сүрэҕим диэкинэн олус күүскэ хам тутта уонна уҥа илиим былаат курдук буолан, утуйбутунан барбыта. Хайдах эрэ буолбуппун билэннэр, тута суһал көмө ыҥырдылар, өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с нүөмэрдээх балыыһаҕа илтилэр. Сөптөөх чинчийиини аһардан баран, салгыы поликлиникаҕа көрдөрүнээр диэн дьиэбэр босхолоон кээстилэр. Киэһэ 6 чааска атахпар сатаан уйуттубат булбуппар иккистээн ол балыыһаны буллардылар. Түүн үөһэ уҥа атаҕым утуйбут курдук буолбута, онтон сарсыарда уһуктубутум хаҥас илиим эрэ хамныыр, түөһүм кылыттан аллараа өттүбүн билбэт буолбутум.
— Туох диагноз туруорбуттарай, хайдах эрэ тымыр быстыыта курдук эбит…
— Острый поперечный миелит диэн диагнозтаабыттара. Ньиэрбэ тоҥоруута. Наар чараастык, сыгынньах тэлээрбитим оҕустаҕа буолуо. Ол иһин, эдэр дьоҥҥо олох бэйэҕитин харыстана сылдьыҥ диэн этиэм этэ. Киһи олоҕо биир эрэ, сыыһа-халты тутуннуҥ да, бүттэ, онно эригиллэн тиийэн биир да сөкүүндэ олоххун көннөрбөккүн, уларыппаккын. Олоҕу сыаналыахха наада, наар эдэр-сэнэх, доруобай сылдьыбаппытын бу хаампат булан баран биирдэ чиҥник өйдөөбүтүм.
— Сүүрэ-көтө сылдьыбыт эдэр киһиэхэ охсуута ыарахана биллэр. Хайдах аһарынныҥ.
— Саамай ыарахан кэм этэ. Саҥаттан ньуоску, уруучука тутарга үөрэммитим, икки нэдиэлэнэн олорор буолбутум. Сыыйа ороммор сыыллан тахсарга үөрэммитим. Ыалдьан баран дьонтон саһан, икки сыл кэлбит-барбыт дьону манаһан, сайыһан, түөрт эркин хараҕа, кулгааҕа буолан олорбутум. Санаабын түһэрбэккэ, күүскэ дьарыктаммытым. Билигин ким да көмөтө суох олоробун, тутуспакка турабын, уонча хардыыны оҥоробун. Дьиэм иһигэр ходунуогунан сылдьабын. Бэйэбин син көрүнэр, кыанар буолан баран, 2013 сыллаахха доруобуйаларынан хааччахтаах дьон техникумнарыгар интэринээккэ олорон портной үөрэҕэр үөрэммитим. Ол кэмтэн ыла олоҕу көрүүм, бэйэбин ылыныым олох атыннык саҕаламмыта. Ол сылга сурдопереводчик үөрэҕин баһылаабытым. Элбэх доҕоттордонон, олоҕум эргиччи сырдаабыта.
— Бэйэ дьарыктаах буолуу туьунан хантан билэн бу биисинэскэ ылсарга быьаарыннын?
— Оҕо эрдэхпиттэн астыырбын сөбүлүүбүн. Минньигэс тортары астыыбын.Бастакы торт оноруу уорэ5ин Мария Столярчик бэлэх ууммута, онно ылларан иккис курсун бэйэм атыылаьан ылан уорэммитим.Мария Столярчик миэхэ субэлээбитэ,бэйэ дьарыктаах буолуу туьунан учугэй ба5айытык сиьилии кэпсээн биэртэ.Онтон куустээх санаа ыламмын ,учекка турбутум,билигин атыылаьааччыларбар чек тута ыытабын. Налог телуубун уонна кимтэн да саспаппын,уерэ кете улэлиибин. Холобур оностор киьилээххин дуо? Мария Столярчик курдук ситиьиилээх буолуохпун ба5арабын ,кини блогун кердехпунэ санаам олуьун тахсар,еруу сырдыгынан сыдьаайа сылдьыахпын ба5арабын. Саамай улахан баҕа санааҥ…
Бастатан туран, атахпар туруохпун баҕарабын. Урукку курдук сүүрэн-көтөн, үҥкүүлээн, мээчиктээн, тас дойдуларга сынньанан, уруу тэринэн, эдэр киһи олоҕунан толор, дьоллоохтук олоруохпун баҕарабын. Итиэннэ, кондитер быһыытынан сайдар сыаллаахпын. Кыаллыа дии саныыбын.
Санаа күүһэ, олоххо таптал, инникигэ эрэл – кыысчаан арахсыспат аргыстара. Инникитин кини үрдүгэр күүтэр күнэ чаҕылыччы тыгыаҕар эрэлим күүстээх.
Валентина Догоюсова