Алтынньы 16 күнүгэр «ПРО-ФОТО» тэрилтэ аалай лиэнтэни быһан 130кв. миэтэрэ иэннээх, икки мэндиэмэннээх саҥа офис аанын тэлэччи арыйар дьоллоох түгэнэ тосхойдо. Бастакы кэлбит 25 киһиэхэ бэйэлэрин өркөн өйдөрүнэн, уран тарбахтарынан оҥорон таһаарбыт сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Улууһу бүттүүнү хааччыйан олорор тэрилтэ быйыл алтыс сылын таһаарыылаахтык үлэлээн, бар дьон махталын, билиниитин ылыан ылар.
«Про-фото» тэрилтэ салайааччыта Александр Антонов 1984 сыллаахха олунньу 3 күнүгэр Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. 2001 сыллаахха Исиидэр Бараахап аатынан 1-кы №-дээх орто оскуоланы бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы государстеннай институт саха тылын уонна литературатын салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ. 2006 сыллаахха төрөөбүт дойдутугар кэлэн улуустааҕы «Үөһээ Бүлүү» хаһыат редакциятыгар корреспонденынан үлэтин саҕалыыр. Үлэлиир сылларыгар бэйэтин эппиэтинэстээҕинэн, үлэһит сүрэҕинэн сөбүлэтэн, корреспондент эбээһинэһиттэн отдел редакторыгар, фотографка, тиһэҕэр верстальщикка тиийэ үүммүтэ. Кини оҥорон таһаарбыт хаһыаттара ураты буочардааҕынан, харахха тута быраҕыллар кэрэ көстүүлээҕинэн ааҕааччы махталын өрүүтүн ылара. Редакцияҕа 5 сыл үлэлиир кэмигэр бэйэтин баҕатын күүһүнэн компьютеры, араас программалары баһылаан, улуус биир киэн туттар үлэһитэ буола үүннэ. Кэргэннээх, кыыстара Санаайа Д.С.Спиридонов аатынан 4-с №-дээх орто оскуола 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ, уоллара Сулустаан «Ньургуһун» оҕо саадын иитиллээччитэ.
Онтон 2011 сыллаахха Александр бэйэтэ туһунан барарга сананан, кылгас кэм иһигэр сүүрэн-көтөн, тэрилтэ арынан үлэтин саҕалаабыта. Оччолорго кини «Алпекс+» тэрилтэҕэ кыра хоһу уларсан, айымньылаах үлэтэ кынаттаммыта. Онуоха кэргэнэ Стелла киниэхэ эрэнэрин биллэрэн, олус өйөөбүтэ.
— Биир кыһыҥҥы, дьыбардаах үтүө күн, турар бэйэм, эдэр киһи ханнааҕы улахан өйөбүлэ, үбэ-харчыта кэлиэй, турдум да, бэйэбэр эрэлим күүһэ баһыйан эбитэ дуу, тэрилтэ тэринэн туһунан барарга санаммытым… Ол саҕана, чахчыта, компьютера да суох этим. Онон кредит киирэн туран аан бастаан компьютер, принтер, фотоаппарат ылынан үөрбүппүн бу баардыы өйдүүбүн. Уонна дьэ, үлэ күөстүү оргуйан барбыта. Биир сыл маннык үлэлээн баран, эһиилигэр бу дьиэбитин атыыласпыппыт, дьиэбит аҥаарын тута офис оҥостон күн бүгүнүгэр диэри үлэлээн кэллибит. Сыыйа дьон сылдьара элбээн, ону кытта бэйэбит да сайдан, үлэбит хайысхата кэҥээн барбыта. Онуоха дьиэбит кыараҕас буолан, туруоруммут сыалбытын, кыахпытын толору ситиспэккэ олордубут диэххэ сөп. Билигин аныгылыы ирдэбилгэ эппиэттиир саҥа офиспытын уопуттаах биригээдэ баара-суоҕа үс ый иһигэр дьэндэтэн таһаарда.
— Бастатан туран, саҥа офискыт арыллыбытынан эҕэрдэлиибин! Чахчы улууска полиграфия хайысхатын күүскэ сайыннардыгыт. Тутаах тэрилтэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо эрэллээх тэрилтэ буоллугут.
— Киһи үлэтинэн олорор. Идэҕин, үлэҕин, дьиэ кэргэҥҥин, тулалыыр эйгэҕин таптыыр буоллаххына, ситиһии, табыллыы кэлэр. Кэргэмминээн иккиэн туруоруммут сыалбытын ситистибит диэххэ сөп. Билигин үс үлэһиттээхпит, икки компьютерщиктарбыт анал үөрэхтээхтэр, биир атыыһыт. Бастатан туран бииргэ үлэлээбит коллегаларбар, чуолаан редакция редакторыгар Ирина Петровна Абраховаҕа улахан махталбын тиэрдэбин. Кинилэр миигин элбэххэ үөрэппиттэрэ, түгэн көһүннэр эрэ Дьокуускайга куурустарга кымньыылаан ыытан үөрэттэрээччилэр (күлэр). Онон тирэх ылан, куорсун ааньынан үүммүт-тэнийбит тэрилтэбэр өрүү махтанабын. Маны сэргэ, тапталлаах кэргэммэр Стеллаҕа махталым эмиэ туохха да тэҥнэммэт, кини кэргэн быһыытынан миэхэ чугас, муударай, киһи быһыытынан үлэһит, толоругас, туруоруммут сыалын ситиһэр буолан үлэбит үтүө түмүктээх.
Антоновтар дьиэ кэргэттэрэ хас эмэ уонунан сыллары уҥуордуур былааннара элбэх, үлэлииргэ, айарга-тутарга кыах толору баар. Инникитин полиграфия хайысхатын өссө сайыннаран, саҥа оборудование ылыахтаахтарын, дьон ырааппакка, удамыр сыанаҕа кинилэргэ кэлэн сакаастыылларын ситиһиэхтээхтэрин туһунан этэр. Иккис этээскэ фотосессия хоһо арылларын, итиэннэ урут маҥан эрэ таҥаска ойуу, сурук-бичик түһэрэр эбит буоллахтарына, билигин араас өҥнөөх таҥаска түһэрэр кыахтаммыттарын сэргии иһиттим. Маны сэргэ, маска, тааска эрэ буолбакка, кожа блокнот, папка таһыгар эмиэ сурук-бичик уурар буолбуттар.
«Про-фото» тэрилтэҕэ сылтан сыл дьон сылдьара элбээн иһэр, ону кытта бэйэлэрэ эмиэ сатыыллара, оҥороллоро үгүс, саҥа офис арааһынай дьэрэкээн бэйэ оҥоһуктарынан, буклеттарынан, хаартыскаларынан, оонньуурдарынан туолан турар. Бу барыта – биһиги бэйэбит улууспутугар, бэйэбит дьоммут оҥорон таһаарылларын көрөн киэн тутта кэпсиэххэ сөп. Билигин араас хайысхаҕа үлэлииллэр, сатаабаттара, кыайбаттара суох. «Дьон сатыырын тоҕо биһиги сатыа суохтаахпытый, кыаллыбат диэн суох!» диэн санаанан салайтаран үлэлииллэр эбит.
Источник: Екатерина Николаева, представитель Центра поддержки предпринимательства в Верхневилюйском улусе