Бу куннэргэ Уеьээ Булуу улууьун киинигэр «Мин биисинэьим» киин (Екатерина Васильевна НИКОЛАЕВА) тэрийиитинэн, улуустаа5ы Пенсионнай управление салайааччыта Альбина Ивановна ИВАНОВА уоннаисписсэлиис Сардаана Григорьевна ЛАЗАРЕВА, предпринимателлэргэ улэлиир пенсионердар уонна пенсия иннинээ5и саастаах дьонно туох уларыйыы-тэлэрийии барбытын туьунан сиьилии иьитиннэрии онордулар.
Кун бугун улуус урдунэн барыта 400-тэн тахса предприниматель баара биллэр. Кинилэр истэригэр сорохторо бэйлэрэ пенсия сааьыгар уктэммиттэр, онтон сорох предпринимателлэргэ пенсия5а тахсар сааьа чугаьаабыт дьон улэлииллэр. Онон бу кэпсэтии бэрт сэргэхтик ааста. Предпринимателлэри, чуолаан, пенсия5а тахсарга эрдэттэн мунньунуу харчыны хайдах, ханна уурунуохха себун, инникитин орто кээмэйдээх пенсия ылар инниттэн сылга теье убу-харчыны угуохтаахтарын тьуунан угус ыйытыы киирдэ. Маныаха АЛЬБИНА ИВАНОВНА бу курдук хоруйдаата:
— «Кырдьыга да5аны, билигин пенсия5а тахсар саас уларыйан, угус дьонно, тэрилтэлэргэ да5аны сыыьа-халты тахсара баар суол. Биьиги о лону туоратар инниттэн улууска 18 буолан улэлиибит. 26 араас судаарыстыбаннай телебур биьиги тэрилтэбит ненуе ааьар. Ол иьигэр, пенсия, социальнай телебурдэр, биир кэлим кеме харчы, ийэ хапытаала онтон да атын нэьилиэнньэ оло5ун тупсарар сыаллаах енелер. Биллэрин курдук, пенсия5а тахсаллара чугаьаабты дьон улэ миэстэтин а5ыйатыыга тубэьиэ суохтаахтар, ол эбэтэр буруйа суох улэттэн уьулуу суох буолуохтаах. Билигин пенсия5а тахсар дьонн сааьа 1,5 сылынан эбиллэн биэрэр. Холобура, 1965 сыллаах теруех дьон 56 саастарын оруобуна ортолоон баран бочуоттаах сынньаланна барыахтара.
Билигин пенсия5а тахсарга 3 сурун ирдэбил баар:
Онтон бэйэ дьарыктаах, бэйэтигэр улэ миэстэтин таьаарынар дьон, эьиги, предпринимателлэр буола5ыт. Эьиги кэлин пенсия5а тахсаргыт туьугар, сыл аайы быьыллыбыт сумма харчыны пенсионнай страховка5а угаргыт ирдэнэр. 2020 сыл туругунан бу сумма сыллаа5ы телебурэ 40 874 солкуобайга тэннэьэн турар.»
«Маны тэнэ, пенсия5а тахсар сааска сорох дьон государтсвеннай, сорохтор чааьынай тэрилтэлэргэ уурунуу харчыны угаллар. Итиннэ, ханнык тэрилтэ теье бырыьыаны эбии угуон себун учугэйдик уерэтэн, ырытан керер наада. Субэ быьыытынан эттэххэ, ескетун муннуьнар харчыны угар тэрилтэттэн сотору-сотору кеьер буоллаххытына, теттерутун ночооттоох хаалыаххытын сеп. Онон кырата 5 сыл буола-буола уларытыаххытын сеп. Онтон пенсия5а тах5ыстаххытына ити мунньубут харчыгытын челлей ыла5ыт, эбэтэр куьа5ан тубэлтэ буолар тугэнигэр ол харчы ханна да барбат. Урунуугутун о5олоргут, чугас аймахтарыгт ылыахтарын сеп диэн», быьааран эттилэр.
Предпринимателлэри долгутар ессе биир боппуруоьунан Сана электроннай улэ киниискэтигэр кеьуу туьунан буолла. Билигин 2021 сылга диэри бэйэ ба5а еттунэн электроннай киниискэ5э кеьер туьунан сайыбылыанньа суруйдахтарына, сыл бутуутэ электроннайга кеьеруехтэрэ. Ким себулэспэтэх, урукку кумаахы киниискэннэ сылдьыан сеп. Онтон 2021 сыл тохсунньу 1 кунттэн улэ5э киирэр дьон талбакка, булгуччу электроннай киниискэни арыттаралларын туьнан иьитиннэрдилэр. Электроннай киниискэ олоххо киирдэ5инэ улэ биэрээччи тэрилтэ5э сана улэьит киирэр, ким эмит уурайар буолла да, ол туьунан дааннайы кун сарсын отчуоттуура ирдэниэ5э. Электроннай киниискэни онорорго 3 араас программа таныллыбыт. Оччотугар, хас биирдии киьи улэтин киниискэтин туьунан дааннайы 4 сиртэн – улэ биэрээччиттэн, судаарыстыбаннай енену онорор анал сыьыарыыттан, «Мин докумуоннарым» киинтэн эбэтэр Пенсионнай управлениеттан ылыан сеп.
Предпринимателлэр уларыйыылары истэн, ырытан кердулэр, элбэх туьлаах иьитиннэриини ыллыбыт диэн сэргээн, инникитин ессе да маннык керсуех буолан тар5астылар.
ГАУ РС (Я) «Центр «Мой бизнес»