Сатаҕай нэһилиэгин «Сэппэрээк» бааһынай хаһаайыстыбата кыстыгы эрэллээхтик көрсөр. Кыыдааннаах кыһыны туоруур хотон саҥардыллан, тупсарыллан оҥоһуллан үлэлииргэ бары усулуобуйа баар буолла.
Бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Семен Анисимов элбэхтик саҥара- иҥэрэ сылдьыбат, оргууй мүчүҥнүү сылдьар үлэһит киһи. Хаһаайыстыба хайа тэриллиэҕиттэн улууска биир бастыҥнара буолар. Быйыл сайын төһө да нэһилиэккэ курааннаатар, Семен Степанович үлэһиттэрин кытта кыстыыр отторун быыс-хайаҕас булунан булунан, кыстыктарын эрэллээх көрсөллөр. Сүөһүлэр быр бааччы сылаас хотоҥҥо киирэн, оргууй кэбинэн, бэрт дуоһуйбут көрүҥнээхтэр. Быйыл хаһаайыстыба СӨ тыатын хаһаайыстыбатын «Дьиэ кэргэн ферматын» Граныгар кыттан баар хотонун, кэҥэтэн, сүөһүтүн элбэтэн, үлэлиир усулуобуйаны толору тэриннэ.
«Бу хотоммутун 2015 сыллаахха эмиэ дьиэ кэргэн гранын ылан оҥостон киирбиппит. Онтон усулуобуйаны тупсарар, хотоммун кэҥэтэр, ынах сүөһүбүн элбэтэр сыаллаах быйыл дьиэ кэргэн Граныгар иккистээн кыттан, ону кыайан бу хотоммун саҥардан оҥоһуннум. Ол курдук бетоннааһын үлэтэ барда, ноһуом таһаарар ТСН киирдэ, автопоилка туруордубут, ону кытта 20 миэтэрэ эбии тутан биэрдибит, муостатын саҥартыбыт. Онон уопсайа 12 мөл. солк үлэ барда. Бу иһигэр Граным 10 мөл. солк». – диэн хаһаайыстыба баһылыга Семен Анисимов билиһиннэр.
Хотон саҥалыы тыыннаммытын, Гран толору туһаныллыбытын туоһутун көрөр бэлиэ түгэҥҥэ кэлбит ыалдьыттар хотон ырааһын, барыта тып-тап оҥоһуллубутун, хотон ырааһын , сырдыгын бэлиэтээтилэр. Дьэ чахчы да оннук. Манна киирдэххэ, ынахтар ыраастара сөхтөрөр. Киһи хайа баҕарар этэрбэһинэн да киириэх курдук кураанах. Ханна да көр, үлэһит дьон кыһамньылаах үлэтэ көстөр. Хаһаайыстыбаҕа хайыы үйэ тохсус сылын ыанньыксытынан үлэлии сылдьар Павел Бурнашов үөрүүтэ улахан.
«Эрдэ хорууданы соһон уулатар этим. Быйыл дьэ автопоилка киирэн туох да үчүгэй сүрдээх. Ноһуоммут ТСН-тахсар. Сарсыарда 6 чааска киирэн үлэлээн саҕалаан барабыт. Эрдэ 60-тан тахса сүөһүлээх этибит. Билигин Строд аатынан хаһаайыстыбаттан эбии уонтан тахса тиҥэһэлэри ылан ыанар ынах ахсаана 80-тан тахса буолла. Бу хотоммутугар билигин 110 сүөһүнү кыстатан турабыт. Инникитин өссө субан сүөһүгэ эбии хотон наада. Ынахтарбыт төрөөтөхтөрүнэ ньирэй турар сирэ эмиэ оҥоһуллуохтаах. Салайааччыбыт бэйэтэ субан сүөһүлэри эргэ мас хотоҥҥо көрөр. Биһиги манна үһүөбүт. Үлэлиир усулуобуйа баар буолан, үөрэ-көтө үлэлиибит, хамнаспыт да үчүгэй», — диэн Павел Павлович астына кэпсиир.
Дьэ мин маннык уопсай үлэ туһугар сүрэҕинэн ыалдьан, бэйэтигэр барытын чугастык ылынан ис сүрэҕиттэн ылсан үлэлиир үлэһити хайа да бааһынай хаһаайыстыбаҕа көрө иликпин. Кини салайааччытыгар үтүө сүбэһит буолан, барытыгар тэбис тэҥҥэ үлэлэһэн, үлэлэрэ да түмүктээх буоллаҕа. «Сэппэрээк»-тэр отторун да былаанын толорон, үүттэрин да ыан кыстыктарын эрэллээхтик көрсөллөр.
«Семен Степанович олус үлэһит киһи. Сорохтор Гран ылан туһанан баран салгыы сайдыбаттар. Онтон бу «Сэппэрээк» хаһаайыстыба сүөһүтүн ахсаанын өссө элбэтэн, салгыы сайдар саҕахтары тутуһар. Биһиги онтон олус үөрэбит. Салгыы былаана элбэх. Эбии өссө кэҥэттэр санаалаах. Ылбыт Гранын барытын толору туһанна», — диэн улуус бааһынай хаһаайыстыбаларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александра Цыпандина бастыҥ хаһаайыстыбатын үтүө өрүтүн бэлиэтиир.
Бэлиэ түгэҥҥэ ыанньыксыт Павел Бурнашов «Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылаатын иһин» , онтон салайааччыта Семен Анисимов «Амма киэн туттуута» бочуоттаах бэлиэлэринэн наҕарадалыаныахтарын наҕараадаланнылар. Сатаҕай нэһилиэгин дьаһалтата хаһаайыстыба салгыы өссө күүскэ сайдарыгар диэн 200 000 солкуобайдаах сэртипикээт туттарбыта дохсун ытыс тыаһынан көрсүлүннэ.
«Биһиги нэһилиэккэ сирбит –уоппут кыараҕас буолан, оттуурга наһаа эрэйдээх. Мин хаһыс да сылбын ыаллыы сытар Алтан нэһилиэгэр чааһынай дьонтон түүлэһэн оттуубун. Оннук да гыннар быйыл 300 тонна оттоохпут. Онон сылы тахсыахпыт. Манна эбии «Амма» АУо-тан комбиркома ылабыт. Улуус дьаһалтата субсидиялаан сыаната да быдан удамыр. Онон үчүгэй. Үөрүүбүтүн кэлэн үллэстибит бар дьоммор махталым улахан», — диэн Семен Степанович санаатын тириэртэ.
Маннык үлэһит дьоннордоох тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин үлэһиттэрэ баар ыарахаттартан иҥнибэккэ, оҥоһуллар көмөлөрү табатык уонна көдьүүстээхтик туһанан сайда туруохтара, дьоннорун-сэргэлэрин сибиэһэй бэйэ бородууксуйатынан хаачыйа туруохтара диэн эрэнэбит.