Бүгүн Ф.Потапов аатынан култуура киинигэр улуус оскуолаларын биисинэс-инкубатордарын быыстапка-дьаарбаҥката ыытылынна. Бастакы тэрээһиҥҥэ улуус нэһилиэктэрин оскуолалара үгүстэрэ кытыннылар.
Күн устата оскуолалар, үөрэх тэрилтэлэрэ бэйэлэрин оҥоһуктарын дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаардылар уонна быыстапка бүтүүтүгэр бородууксуйаларын атыылаан балачча барыыһыран тарҕастылар. Оскуолалар эгэлгэ оҥоһуктары, ас-үөл арааһын остуол хотойорунан хоторон сөхтөрдүлэр. Улуус баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ бастыҥнары сыымайдыырга унньуктаах уһун ырытыһыы кэннэ кыайыылаахтары талла:
«Бастыҥ табаар» — Сатаҕай оскуолата,
«Бастыҥ билиһиннэрии» — Абаҕа оскуолата
«Бастыҥ өҥөнү оҥоруу» — Майскай оскуолата
«Бастыҥ бородууксуйа» (Улуус урбаанньыттарын координационнай Сэбиэтин анал наҕараадата) – Соморсун оскуолата
«Бастыҥ стартап» (Биисинэс-инкубатор анал наҕараадата) – Амматааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуолата
«Оскуола биисинэс-инкубаторын бастыҥ резиденэ» — Рада Сутакова (Амма 1№-дээх оскуолата).
Быыстапкаҕа 40-тан тахса бырайыактан ордук чорбойон, 3-үс миэстэни Бөтүҥ оскуолата (бирииһэ 20 тыһ. солк.), 2-с миэстэни Болугур оскуолата (30 тыһ. солк.) буолла. Бастыҥнартан бастыҥнарынан Эдэр натуралистар ыстаансыйаларын таллылар (40 тыһ.).
Кыайыылаахтарга кыттыспатах кыттааччылар сертификат туттулар. Ыстаансыйа быйыл да былыр да оҥоһуга дэлэйинэн, хаачыстыбалааҕынан биллэр. Кинилэр быйыл Дьокуускайга учууталлар атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньахтарын чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын быыстапкаларыгар кыттаннар улахан хайҕаланынан хадаҕаланан, үрдүк биһирэбилининэн бэлиэтэнэн тураллар. Быйылгы быыстапка оскуола уонна биисинэс салгыы сиэттиспитинэн сайдарыгар быыс арыйар, өрө баран өссө күүскэ үлэлииргэ кымньыылаан биэрэр тэрээһин буолла. Улуус баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова эппитинэн, эһиилги быыстапкаҕа бастыҥ бырайыактаах оскуола ботуччу сууммалаах улуус баһылыгын Гранын тутуоҕа.
Олег Егоров
Источник: газета Амма Оло5о