История успеха
Ньургуйана Петрова: “Хаһаайыстыбаны кэҥэтэргэ судаарыстыба көмөтө элбэҕин билэн сөхтүбүт”
14 ноября 2022

Болугур олохтоохторо, элбэх оҕолоох Петровтар сүөһүнү, сылгыны элбэтиигэ олохтоохтук ылсан эрэллэр. Онуоха өйөбүл буолар, үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөр судаарыстыбаннай бырагыраамаларынан “Мин биисинэһим” киин нөҥүө туһаммыттарын кэпсииллэр.

Ньургуйана Михайловна уонна Еремей Прокопьевич Болугур нэһилиэгин төрүт ыала. 5 оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, билигин сиэннэрин бүөбэйдэһэр саастара буоллар даҕаны, таах сис туттан, биэнсийэ кэлэрин кэтээн олорботтор. Тыа хаһаайыстыбатын түбүктээх, бырааһынньык, өрөбүл диэн аахсыллыбат үлэтигэр күннэтэ түбүгүрүйэн хачыгыраһаллар. 2020 сыллаахтан бэйэ дьарыктааҕа (самозанятый) буоланнар кыра хаһаайыстыбалаахтарын сайыннараннар, билигин хотонноругар 14 сүөһүнү кыстыкка киллэрдилэр. Манан тохтуур санаалара суох, сылгыларын, ынахтарын өссө элбэтэр санаалаахтар.

-Урукку сылларга кыстык оппутун булунарга элбэх харгыстары көрсөр этибит. Аймахтар 3 ыал буолан кыттыгас ходуһалардаахпыт, онно оттуурбутугар тиэхиньикэ суох буолан дьону наймылаһарга кэтээн-манаан күммүт-дьылбыт да баранара, ороскуоттаах да буолара. Төһө өр маннык сылдьахпыт эбитэ буолла, ону хата иллэрээ сыл “Мин биисинэһим” киин салайааччыта Владимир Колосов үлэтинэн Болугурга кэлэ сырыттаҕына, кини көмөтүнэн бэйэ дьарыктааҕа буоларга регистрацияламмытым. Ол кэмтэн ыла Владимир Владимировичтыын олох ыкса үлэлэһэммит сүбэ-ама бөҕө ылабыт. Бэйэ дьарыктаахтарыгар кыра бырыһыаннах кредит баарын эмиэ киниттэн билэммит ааспыт сайын 1 мөлүйүөн солкуобай ыламмыт Дьокуускайтан киирэн рулоннуур уонна мунньар кыраапка атыылаһаммыт атахпыт сири билбэт буолуор диэри үөрбүппүт. Кыстыыр оппутун начаас икки ардыгар бэлэмнээн үлэбит биллэ чэпчээбитэ.

Аны туран Владимир Владимировичпыт “Олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылар ороскуоттарын төнүннэрии” диэн бырагыраама баар диэн кэпсээн, быһааран, докумуон хомуйсарга көмөлөһөн, тиэхиньикэ ылбыт суумабытыттан аҥара — 495 000 солкуобай төннөрүллэн Владимир Колосовка уонна “Мин биисинэһим” кииҥҥэ хайдах махтаныахпытын да билбэппит. Ол харчыбытын кирэдьииппит төлөбүрүгэр угаммыт иэспит аччаата. Үүт, эт туттарар харчытынан хаһаайыстыбалаах киһи хайдах даҕаны тиэхиньикэ ылынар кыаҕа суох. Онон тыа дьонугар маннык көмө баара наһаа улахан абыраллаах, киһи үлэлиир, олохтоох бородууксуйаны дэлэтэр санаата киирэр. Итинник өйөбүл баар буолтун кэннэ дьон харса суох киирсэн, үлэлээн иһиэхтэрин наада,- диэн ыал ийэтэ, эбэтэ Ньургуйана Михайловна үөрүүтүн үллэстэр, сүбэлиир.

Манна эбэн эттэххэ, Петровтар хаһаайыстыбаларын хаҥаталларыгар судаарыстыбаттан бу бастакы эрэ көмөлөрө буолбатах. Үс сыллааҕыта социальнай контракт түһэрсэннэр, 200 000 солкуобайга икки убаһа атыылаһан уонна хотонноро эргэтэ бэрт буолан аныгы матырыйаалынан саҥа хотон туттан турардаахтар. Сүөһүлэрэ билигин онно кыстыыллар. Икки хос поликарбонат хотон сып-сылаас, сып-сырдык диэн хаһаайыттар хайҕыыллар.

Тыа хаһаайыстыбатын хаҥатар Болугур ыаллара сүөһүлэрин ахсаанын элбэтиилэрэ даҕаны туспа устуоруйалаах. Хас даҕаны сыллааҕыта “Длинная корова” диэн бырагыраама тэнийэ сылдьыбытын сорохтор өйдүүллэрэ буолуо. Ол чэрчитинэн ыалга уулаах 2 сүөһүнү биэрэллэр, ону төрөтөн, тамыйаҕын улаатыннаран, уулаах сүөһү буолбутун кэннэ эмиэ ынахтаныан баҕалаах ыалга биэрэҕин. Петровтар эмиэ ити программаҕа хапсан сүөһүлэрин ахсаанын эппиттэр. Сүрүн дохуоттара үүт ыаһыныттан киирэр. Быйылгы былааннара 7,5 тонна, сыл бүтүөр диэри толоробут дииллэр. Урукку сылларга үүт харчытын төлөбүрүн хойутатаннар кэтэһии-манаһыы тахсар эбит буоллаҕына, быйылгыттан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын нөҥүө быһалыы ыытан абыраабыттар, тутулуга суох ый ахсын аахса олороллор эбит.

Ити курдук, сөптөөхтүк дьаһаннахха, ыаллар төһө баҕарар сүөһүнү ииттэн, бэйэ сииригэр даҕаны, атыыга даҕаны эти, үүтү дэлэтиэхтэрин сөп эбит диэн Болугур Петровтарын холобуругар ырылхайдык көрөбүт. Хорсуннук ылсан иһин, олохтоох бэйэ оҥорон таһаарыытын сайыннарыҥ.

Источник