Ньукуолуҥҥа сибиэһэй хаас күөстэннэ

Үгэс курдук  Эдьигээн булчут эр дьоно Ньукуолун күн дьону-сэргэни сибиэһэй булдунан күндүлүүр идэлээхтэр.

Ол курдук бүгүн “Хлебопекарня”ХЭТ  остолобуой үлэһиттэрэ олгуйга сибиэһэй хаас этин толору буһаран ыалдьыттарын  эбиэттэттилэр.  Бэйэ оҥоһуу лапсалаах хойуу миини кэлбит эрэ киһи бары күнүскү аһылыкка тото-хана истилэр. Онуоха эбии Ньукуолун алаадьыта буһарылынна. Оттон хаастары быйылгы булдуттан Дьардьаан сириттэн-уотуттан булчут-балыксыт Роман Иванов бар дьонугар кэһии гынан анаан-минээн ыыппыт.  Остолобуой үлэһиттэрэ кэһииттэн түөрт хааһын  үргээн-астаан, дьону күндүлээтилэр. Сороҕун ыам ыйын 24 күнүгэр буолар эбэҥки норуотун «Бакалдын” бырааһынньыгын аһын астыырга хааллардылар.

Источник