Омос санаатахха, суолтата кыра курдук эрээри, күлүүс тыла тоһуннаҕына, эбэтэр сүттэҕинэ, онуоха күлүүс саппаас тыла көстүбэтэҕинэ араллаан, ардыгар, улаатар.
— Бастаан бэйэм куоракка киирэн күлүүс тыла оҥорторбутум, онтон ыла толкуй киирэн, бу дьыаланы Намҥа саҕалыырга холоммутум. Күлүүс тыла оҥорор эрэ буолбакка, кэҥэтэммин быһах, сыап, инструменнары сытыылыыр сыах арыйарга ылсыбытым, — диир Юрий Мордосов.
Ити курдук кини бэйэ дьарыктаах буолуутугар киирсэн, “Заточный цех и дублирование ключей” бизнес-былаан суруйан, туһааннаах тэрилтэлэргэ билиһиннэрэн, улуустааҕы межведомственнай хамыыһыйаҕа көмүскээбит. Бырайыага сэҥээриини ылан, сүүмэрдээһини ааспыт. Онон Юрий Валерьевич улуустааҕы социальнай харалтаны кытта бэйэ дьыалатын арыныыга социальнай хантараак түһэрсэн, судаарыстыбаттан көмө харчытын ылан, бу күһүҥҥэттэн Намҥа күлүүһү оҥорор, сытыылыыр сыах арынан, “Эркин” атыы-эргиэн дьиэтин иккис этээһигэр үлэтин саҕалаабыт.
Кини этэринэн, бастаан нтернет ситимиттэн көрдөөн наадалаах станоктарын, туттар тэриллэрин, күлүүс тылларын соҕотуопкаларын, сытыылыырга көмөлөөх матырыйаалларын Новосибирскай, Тольятти, Владивосток куораттартан саккастаан транспортнай хампаанньанан аҕалтаран үлэтигэр туһанар.
-Бастаан социальнай ситимҥэ биллэрии ыытааппын кытта икки киһи тута күлүүс тыла оҥорторо кэлбитэ, онтон сыыйа истэн, билэн дьон кэлэр буолла, дьоҥҥо туһалаах хайысха эбит,-диир Юрий Мордосов.
Күлүүс тылын оҥорторуу өҥөтө 300 солк. саҕалаан, улаханыттан, быһыытыттан тутулуктанан үрдүүр. Кини дьон ордук массыына, дьиэ күлүүһүн тылын оҥортороллорун, быһах, сүгэ да сытыылаталларын этэр. Оҥорор өҥөтүгэр кыптыый, скальпель курдук медицинскэй тэриллэри, тутууга туттуллар электрическэй устуруустар быһахтарын, араас сверлолары, биилээхтэри сытыылааһын эмиэ баар эбит. Кырдьык да, Намҥа дьоҥҥо-сэргэҕэ, оннооҕор үлэҕэ туһалаах өҥөнү оҥорор сыах арыллыбыт.