История успеха
Минньигэс тортаах Ульяна Артемьева
4 мая 2023

Ыам ыйын 3 күнүгэр кондитердар идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтииллэр. Бу биһиги олохпутугар үөрүү- көтүү, бырааһынньык иэйиитин саҕар дьон буоллахтара, ама хайа дьоро күн минньигэс бөрүөгэ суох ааһыай…

Бөрүөктэр баһылыктара, эклердэр хамандыырдара сыллата астыыр тиэхиникэлэрин чочуйан, маастарыстыбаларын үрдэтэн муҥутуур чыпчаалга тиийэргэ кыһаллаллар. Үчүгэй кондитер базовай ырысыаптары бэрткэ билэр — минньигэс бискибииттэри, коржиктары, заварной тиэстэни оҥорор бэйэтэ бас билэр сэкириэттээх буолар. Маныаха саҥаттан-саҥа, сонунтан-сонун минньигэһи астыыры билэ-көрө, үөрэтэ сылдьар. Биһиги нэһилиэккэ талааннаах кондитер дьон элбэхтэр. Олортон биирдэстэрэ — намыын Намтан төрүттээх Алтан мааны кийиитэ Ульяна Артемьева буолар. Кини астаабыт минньигэс туортара, трайфллара, кекстара элбэх ыал бырааһынньыктааҕы остуолун бастыҥ аһа, киэргэлэ буолаллар.


«Аныгы үйэҕэ интэриниэт ситимин нөҥүө дьон таһаарбыт хаартыскаларын көрөн туорт астаан холонуохпун эрдэттэн баҕарар этим. Бу баҕа санаам туоларыгар 2021 сыл социальнай хантыраак ылбытым төһүү күүс буолбута. Ол курдук, 2021 сыл саас кыттыахпын баҕарбытым да кубуота бүтэн хаалбыт этэ. Онтон кыһын, саҥа дьыл иннинэ улууска эбии кубуота көрүллэн бырайыакпын көмүскээбитим. Ол саҕана хамсык дьайынан сибээстээн, кэлии-барыы кырыымчык эрдэҕинэ ситим нөҥүө биисинэс-былааммын көмүскээн турардаахпын. Социальнай хантыраагы аныыр улуустааҕы хамыыһыйаҕа күн бүгүҥҥэ диэри махтанабын — миэхэ, харахтаан көрбөтөх киһилэригэр эрэнэн, итэҕэйэн, бэйэ дьыалатын арынарбар кыах биэрбиттэригэр. Хантыраак харчытынан саамай наадалаах тэриллэрбин ылыммытым. Ол курдук, халадьыынньык, духуопка, микроволновка, гааһынан үлэлиир билиитэ, планетарнай миксер, илии миксерэ, туорт киэптэрин уо.д.а. Туорт астыыр маастарыстыбатыгар бастакы үөрэҕим эмиэ ситим нөҥүө буолбута.


Барыга-бары дэгиттэр талааннаах Снежана Назарова маастар-кылааһа добуоччу билиини биэрбитэ, саҕалааһын сатабылын иҥэрбитэ. Онтон ылата иккис сылбын кондитер быһыытынан араас минньигэстэри астаан дьоҥҥо-сэргэҕэ атыылыыбын, дохуот киллэринэбин. Бырааһынньыктарга муҥутаан күҥҥэ 35 туорду оҥорон турардаахпын.


Минньигэстэрим хамаҕатык атыыга бараллар, сакаастар тиһигин быспакка киирэллэр. Килийиэннэрим махтанар тыллара миигин кынаттыыллар, өссө үрдүк маастарыстыбаҕа сирдииллэр-угуйаллар. Уонна эбэн этэр буоллахха, хайа да үлэҕэ, эйгэҕэ эрэллээх тыыл элбэҕи быһаарар. Ол курдук, кэргэним Савва Алексеевич бу сөбүлүүр дьарыкпар, бэйэ дьыалатын арыныыбар хара маҥнайгыттан өйөөн, күүс-көмө буола сылдьарыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын. Түүннэри туортарбын оҥорорбор оҕолорун бэйэтэ көрөн-истэн, аһатан-сиэтэн, аралдьытан, онтон сарсыныгар астаабыт минньигэстэрбин килийиэннэргэ тиксэрэн, туохха да кэмнэммэт көмөнү-өйөбүлү оҥорор. Онон сөбүлүүр эйгэбэр үлэлииргэ усулуобуйа барыта баар», — диэн сэһэргиир минньигэс туортаах кондитер Ульяна Григорьевна.

     
Талааннаах тарбаҕын иминэн борустуой бурдуктан, саахартан, арыыттан киһи сиэн да харыһыйар бэртээхэй оҥоһуулаах туортардаах Ульянаны кондитер күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Күннээҕи үлэҥ куруук үөрүүнү-дуоһуйууну бэлэхтээтин, килийиэннэриҥ халаан уутунуу элбии-тэнийэ турдуннар, махтал истиҥ тыллара өссө үрдүк чыпчаалга сирдээтиннэр.

Үлэ сылыгар «Мин урбааным» киин өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайдыытыгар бэйэ кылааттаах урбаанньыттар үлэлэрин-хамнастарын туһунан сырдатар. Биһиги урбаанньыттарбыт туруу үлэһиттэр буолалларын уопсастыба сыаналыыр уонна биһириир.

«Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Мин урбааным» киин нөҥүө урбаанньыттарга киэҥ хабааннаах араас өҥө көрүллэр. Бу туһунан ыйыллыбыт сигэнэн киирэн ааҕыахха сөп — https://xn--14-9kcqjffxnf3b.xn--p1ai/instituty-razvitiya/tsentr-moj-biznes/      

Источник

#Годтруда