Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа нэһилиэгэр эрчимнээх, саҥа саҕалааччы урбаанньыт Роман Герасимов үүт собуотун аһан, үлэҕэ киллэрдэ.
Билигин тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үүтү-эти соҕотуопкалыыр, астыыр-үөллүүр салааҕа сүрүн болҕомто күүһүрэн, тыа сиригэр ордук эдэр дьон бу салааҕа ылсан эрэллэрэ кэрэхсэнэр буолла.
Табаҕа нэһилиэгэр эдэр урбаанньыт Роман Герасимов икки сыллааҕыта нэһилиэк эргэ собуотун оҥостон, нэһилиэнньэттэн үүт тутан, онтон үрүҥ ас араас көрүҥүн астаан-үөллээн саҕалаабыта.
Бүгүн эдэр киһи Илин Эҥээр 4 нэһилиэгиттэн: Табаҕаттан, Бүтэйдээхтэн, Өлөчөйтөн уонна Мооруктан үүт тутан, саҥа собуокка үүтү, арыыны, сүөгэйи, иэдьэгэйи миэстэтигэр астыыр кыахтанна.
Саҥа үлэҕэ киирбит собуот былаана – 1200 тонна. Табаҕаҕа уонна Бүтэйдээххэ тэҥинэн күҥҥэ 5-6 тонна үүт ас астана турар. Оҥоһуллан тахсыбыт бородууксуйа нэһилиэнньэни таһынан Майаҕа уонна Дьокуускайга тута атыыга барар.
Инникитин эдэр киһи былаана киэҥ. Ол курдук ыраас иһэр ууну таһынан, сир аһын соҕототуопкатыгар ылсар былааннаах.
Источник: НВК Саха