Бэс Күөлүгэр Надежда, Илья Осиповтар дьиэ кэргэттэрэ мүөттээх ыҥырыа иитиитинэн дьарыктаналлар. Кинилэр 2023 с. ыҥырыа биэс уйатын туруоран, бэйэ дьаланы саҕалаабыттара. Онтуларын сайыннаран билигин номнуо 100 тириэртилэр.
Алтайтан уопуттаах, ыҥырыа иитиитинэн утумнаах дьарыктанар Виктор Проскурновтан ыҥырыалары ылбыттар. Быйыл анал оборудованиелары ыланнар, үлэлэригэр табыгастаах усулуобуйаны тэриннилэр.
Осиповтар бу курдук санааларын үллэстэллэр:
«Ыҥырыаны иитэргэ күн-дьыл туругуттан улахан тутулуктаах. Быйыл бэс ыйа ардахтаах, от ыйыгар сөрүүн күннэр тураннар, мүөт хомууругар хойутааһын таҕыста. Билиҥҥи туругунан 200 кг буолла. Былаан быһыытынан 2500 кг. тириэрдиэхтээх этибит. Ол эрэн, халлаан туран биэрдэҕинэ, ону ситиһиэхпит диэн эрэллээхпит. Инникитин хоту улуустарга ыытар былааннаахпыт»
«Атамай» мүөтэ Бэрдьигэстээххэ «Южнай», «Тэтим», «Сайылык» маҕаһыыннарыгар, Дьокуускайга Атлант атыы-эргиэн киинигэр «Вкус», «Эт-Үүт», Хатаска «Алгыс» маҕаһыыннарыгар атыыга таҕыста. Атамай мүөтүн атыылаһарга тиэтэйиҥ, бэйэ бородууксуйатын өйөөҥ.
Санатан эттэххэ, быйыл «2024-2028 сс. Горнайга тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта» муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн мүөттээх ыҥырыанан дьарыктанар хаһаайыстыбаларга 1,5 мөл. солк. көрүллүбүтэ.