Эргиэн эйгэтигэр буспут-хаппыт, хатарыыны ааспыт киһинэн Амма улууһун биир тумус туттар урбаанньыта, меценат Людмила Куприянова буолар.
Киһи-хара буолуоҕуттан, сэбиэскэй кэмтэн бу салаа ис «куукунатын» билбит, билигин улахан коллектив «ийэтэ», салайааччыта «мэтээл иккис өттүн», атыылаһааччы хараҕар көстүбэт үлэ түһүүлэрин-тахсыыларын туһунан туох баарынан кэпсиир.
– Людмила Еремеевна, сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр төннөн ылыахха. Атыы-эргиэн эйгэтигэр бастакы хардыыларгын саныахха.
– Оскуоланы бүтэриэхпиттэн атыы-эргиэн эйгэтигэр үлэлээн кэллим. Экономист идэлээхпин, бастаан техникуму, онтон салгыы Улан Удэҕэ институту бүтэрбитим. Онтон урбаан киэҥ эйгэтигэр миигин сирдээбит киһинэн убайым Руслан Еремеевич Федотов буолар. 2004 сыллаахха этэ, «Дом торговли» маҕаһыыны тутан баран «миэхэ үлэлии кэл» диэн ыҥырбыта. Онтон эһиилигэр, 2005 с. бэйэм туспа урбаанньыт быһыытынан регистрацияланан үлэ биир да түгэҥҥэ тохтообот, өрө ытыллар долгунугар киирбитим. Бастаан, 12 сыл анараа өттүгэр «Урсун» маҕаһыын, онтон утуу-субуу «Утум», «Дом торговли» кииннэр үлэҕэ киирэллэрин ситиспитим. Бэйэм бырайыактааммын, матырыйаал булуутугар, талыытыгар сүүрэн-көтөн, төһөлөөх сырабын-сылбабын биэрбиппин чугас дьонум эрэ билэн эрдэхтэрэ. Биир даҕаны кирэдьиит ылбакка уурунуу уу харчынан туттубутум дии санаатахпына билигин даҕаны хорсуммуттан, итиччэ улахан үлэҕэ ылсыбыппыттан соһуйабын ээ.
Ол иһин билигин бигэтик билэбин – баҕалаах киһи үүт-хайаҕас булан үлэлиир. Ыарахаттар син-биир көрсөллөр, ону ытана, табыллыбат диэн сулана сырыттаххына хаһан даҕаны өнүйбэккин. Өрүү үчүгэйи ыралана, үтүө санаанан салайтара, дьоҥҥо үтүөнү баҕара сырыттахха, үлэһиттэргин кытта үчүгэй сыһыаннаах, кинилэри өйүүр буоллаххына үлэ тахсыылаах буолар. Харса суох буолуу, күнүстэри-түүннэри үлэ, күүстээх санаа бу эйгэҕэ наһаа наада. Аны саҥа саҕалааччы урбаанньыттарга сүбэлээн эттэххэ, бастаан киирбит үбү-харчыны харыстаан, барытын табаар эргииригэр уктахха эппиэттээх буолар.
– Харса суох буолуохха наада диэтиҥ дии. Санаан түһэн, урбаантан барар өй биирдэ эмит охсуллан ааспыта дуо?
– Аан бастаан урбаанньыт быһыытынан саҕалыырбар араас мүлчүргэннээх даҕаны түгэннэр бааллар бөҕө буоллаҕа. Ол саҕана табаар хааччыйааччыларга (поставщиктарга) бэйэбит баран кэпсэтэн, табаар сакаастаан, тиэйэн кэлэр этибит. 90-с – 2000 сыллардаахха бэйэ дьыалытын саҕалаабыт урбаанньыттар нэдиэлэ ахсын Новосибирскайынан, Москванан сылайары билбэккэ айаннаан улахан тургутууну ааспыппыт. Табааргын атыыылаһан баран контейнер, тиэйэр хампаанньаны булан, кэпсэтэн, тимир суолга тэбис-тэҥҥэ сылдьыһаҕын, табааргын бэйэн ыытаҕын. Аны табаар сүтүүтэ, алдьаныыта даҕаны ханна барыай? Харчы тиийбэт да түгэннэрэ тахсалллара, ону аҥардаан төлүүргэ элэ-была тылгын биэрэн, тылгар киллэрэн сатаан кэпсэтэн итэҕэлгэ киириэххэ наада.
Биир холобур өйбөр умнуллубаттык хатаммыт. Арай Новосибирскайга табаар атыылаһа бардым. Оччолорго карточка игин диэн суох, кумааҕы харчыны суумкабытыгар укта сылдьан атыылаһабыт. Ол сырыыбар улахан суумалаах харчыбын түөкүттэргэ хаба харбатан, уордаран турабын. Биир да кэппиэйэтэ суох улахан куоракка соҕотох туран хааллым. Дэлби санаам түһэн, ыалдьан, «Суһал көмө» ыҥырыахпар диэри уустук балаһыанньаҕа киирдим.
Маннык түгэҥҥэ киһи арааһы эргитэн, оҥорон көрөр, үлэлээн бүттүм да диэн санаа кииртэлиир эбит. Дэлби ытаан, сыыйа уоскуйан, санаабын сааһыланан баран табаар атыылаһыахтаах дьоммор тиийэн кэпсэтэн, тылбын биэрэн, иэс табаар көрдөһөн, ылан турардаахпын, Былааннаах таһаҕаспын барытын тиэнэн кэлбитим. Онно биири өйдөөбүтүм – дьону кытта сатаан кэпсэтии элбэҕи быһаарар эбит. Күн бүгүҥҥэ диэри кытаанахтык тутуһар бириинсибим биир – дьону барыларын кытта тэҥник кэпсэтии. Техническэй үлэһиттэн саҕалаан улахан салайааччыга тиийэ биир тэҥ сыһыан наада. Сырдык санаалаах буоллаххына эйиэхэ үөһэттэн Айыыларын да көмөлөһөр курдуктар.
Бэйэн дьону кытта сатаан кэпсэтэргиттэн, чиэһинэйгиттэн, бэйэн иннигэр, поставщик иннигэр эппиэтинэскиттэн, үлэһиттэргэр үчүгэй сыһыаҥҥыттан үлэн тутулуктанар. Үлэһиттэргэ хамнастарын, нолуоктарын сөпкө төлүүр, убаастабыллаахтык сыһыаннаһар буоллаххына кинилэр эмиэ оннук эппиэттииллэр. Ситиһии төрүөтэ итиннэ сытар. Улахан кистэлэҥ суох. 40-ча үлэһиппин барыларын, «оҕолорум» диэн ааттыыбын, хас биирдиилэрин кыһалҕаларын билсэ, кыайарбынан көмөлөһө сатыыбын.
– Оттон билигин, сибээс сайдыбыт кэмигэр үлэлииргэ арыый чэпчэки дии саныыгын дуу?
– Чахчы бириэмэ уларыйда. Дьон билэрэ-көрөрө быдан кэҥээтэ, ону кытта тэҥҥэ табаарга наадыйыы хайысхата эмиэ уларыйар. Нэһилиэнньэ баҕа санааларын кэмигэр таба таайан, кинилэр баҕаларын толуйар кыахтаах поставщик булан, табаар талан аҕалар эмиэ бэйэтэ туспа дьоҕур буоллаҕа. Аны логистиканы быһаарыы эмиэ кырата суох болҕомтону эрэйэр. Хас биирдии табаар ханна тиийбитин, этэҥҥэ алдьаммакка, итэҕэһэ суох айаннаан кэлбитин-суоҕун бэрэбиэркэлээһин, сүөкээн туттарыы – олорон сынньанар бириэмэни да биэрбэт курдук.
Аны билиҥҥи байыаннай балаһыанньа урбаан эйгэтигэр кэккэ уустуктары үөскэтэн эрэр. Сыана ыараабытын таһынан нэһилиэнньэ туттар табаара атыыга поставщиктарга биллэ аҕыйаата. Тутуу, бытовой техника, видео табаар кырыымчык буолбута урбааҥҥа охсуулаах буолла. Онон харчыны харыстабыллаахтык, өйдөөхтүк, толкуйдаан туттар кэм кэллэ, барытын үөрэтэн, билэ-көрө, истэ сылдьан сөпкө дьаһаныахха.
Мин тэрилтэм олох аһаҕастык үлэлиир. Тэрилтэ, үлэһиттэр нолуоктара, ыарыйдахтарына больничнайдара барыта төлөнөр, улуус бюджетигэр киирэр нолуокпут эмиэ ботуччу буолар. Онон улууһум сайдыытыгар кылааппын киллэрэбин диэн киэн тутта этэр кыахтаахпын.
– Людмила Еремеевна, биллэр урбаанньыт буоларын тэҥэ улуус дьоно эйиигин меценат быһыытынан эмиэ билинэбит.
– Кыһалҕалаах биирдиилээн дьон өрүү кэлээччилэр. «Үктэл» реабилитационнай киини кытта хаһан да сибээспин быспаппын, маны тэҥэ доруобуйаларынан хааччахтаах, эмкэ барар, кыра дохуоттаах ыалларга, депутат буоларым быһыытынан бэйэм уокуругум ветераннарыгар кыаҕым тиийэринэн өйөбүл буолабын. Дьон ону өйдүүллэрин, сыаналыылларын билэр эмиэ туһунан үөрүү буоллаҕа. Кырдьаҕастарым алгыстара, «доруобай сырыт, үчүгэйдик үлэлээ» диэн этэллэрэ миэхэ күүс-уох биэрэр, араҥаччылыыр дии саныыбын.
Аныгы дьахтар биир мэтириэтэ – улахан коллективы үлэнэн хааччыйыы, сокуонунан көрүллэр нолуогу чиэһинэйдик төлөөһүн, меценатство, попечительство, улуус мунньаҕын депутатын быһыытынан урбаан хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, улуус урбааҥҥа координационнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Бу барыта биир киһиэхэ – Людмила Еремеевна Куприяноваҕа сөрү-сөптүк дьүөрэлэһэр.
Елена Александрова, Владимир Колосов
ГАУ РС (Я) «Центр «Мой Бизнес»