Новости
Үлэттэн толлубат эдэр дьон
25 сентября 2024

Бөтүҥ нэһилиэгин олохтоохторо, ини-бии Ильнар уонна Илья Исмаковтар бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, 2011 сыллаахтан хортуоппуй олордуутунан дьарыктаналлар.

Доруобуйаларынан хааччахтаах эдэр дьон үлэттэн толлубаттар. Кинилэр быйыл 14-15 гааҕа хортуоппуй ыспыттар, бу күннэргэ хомуур үлэтэ тохтоло суох барар.

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 24 күнүгэр, Исмаковтарга Түбэ оскуолатыттан учууталлар, үөрэнээччилэр уонна А. Шестаков аатынан Намнааҕы Норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ көмөлөстүлэр.

Сиһилии видеоҕа көр: https://vk.com/video-212345641_456239205?ref_domain=xn--h1aaigu4ed.xn--p1ai

Источник