Дьиэ кэргэн, бэкээринэ, маҕаһыын, кафе – маны барытын соҕотоҕун иилээн-саҕалаан, салайан тутан олоруу бэтэрээнэн дьыала буолбатаҕа биллэр. Биир дьахтар санныгар үтүмэн үлэ, сыралаах сылба, тобуллаҕас толкуй буоллаҕа. «Үлэ киһини киэргэтэр» диэн өс хоһооно бүгүҥҥү дьоруойбар Сардаана Портнягинаҕа анаммыт курдук иһиллэр. Кини дьиэтин таһыгар үс үлэлиир сирэ кэккэлэһэллэр. Ол эрээри, дьиэтэ аатыгар эрэ чугас, дьиэтиттэн сарсыарда 5-6 чааска тахсан баран, эрдэлээбитэ киэһэ 7-8 чааска биирдэ киирэр. Онуоха диэри үлэ күөстүү оргуйар. Онтон киэһэ – дьиэ-уот түбүгэ. Эбиэт кэннэ минньигэс сытынан тунуйбут «555» кафеҕа киирбиппэр, Сардаана Николаевна уонна үс үлэһитэ ас астаан үлэ үөһүгэр сылдьаллара. Дьоруойум үлэтин быыһыгар, бу курдук сэһэргээтэ.
Оҕо саас
Төрөөбүт дойдум – Өнөр. Аҕам тырахтарыыс, ийэм биэнсийэҕэ тахсыар диэри өр кэмҥэ ыанньыксыттаабыта. Бииргэ төрөөбүт алтыабыт. Мин бэһис оҕобун.
Сопхуостаах дьон оҕолоро буолан, сайынын сайылыкка оонньоон-көрүлээн, үлэлээн-хамсаан улааппыппыт. Куруук ийэбитигэр көмөлөһөн, ньирэй аһатан, саах күрдьэн, ынах ыан илии-атах буоларбыт. Онтон 6-с кылаастан сайын аайы сопхуоска үлэлиир этим. Онон үлэҕэ олох кыра сааспыттан үөрэммитим.
Оҕо сылдьан ас астыырбын улаханнык өйдөөбөппүн буолан баран, 10 кылааска диэри эбэлээх этим – ийэм ийэтэ, кини наар ас астыырын өйдөөн хаалбыппын. Кини астыырын, туттарын-хаптарын көрөн улааппытым инники олохпор эмиэ көмөлөстөҕө дии саныыбын.
Онтон кэнники ыал буолан баран, дьэ астыыр буолбутум. Ийэм, аҕам билигин бааллар, бииргэ төрөөбүттэрим бары педагог идэлээхтэр.
Кыһалҕа киһини үөрэтэр
2007-2008 сылларга үс оҕолоох ыал буолан, Мүрү нэһилиэгэр олоробут. Ытырыыс-бытырыыс кырачааннарбын көрөн дьиэҕэ олоробун. Кэргэним соҕотох үлэлиир, хамнаһа кэлэр-кэлбэт, хойутуур. Онон харчыга ыктарыылаах кэм этэ.
Тугу эрэ толкуйдаатахпына, хамсаннахпына сатаныыһык диэн толкуйдаан бардым. Бэрэски оҥорон маҕаһыыҥҥа туттаран атыылыырым дуу диэн санаа арахсыбат буолла эрээри, наһаа кыбыстабын.
«Ол, мин бэрэскибин ким ылыай?!» диэх курдук санаалар оҥорон, ыралаан көрбүппүн барытын биирдэ үрэйэн кэбиһэллэр. Онтон ийэ киһи оҕолорбун үчүгэйдик аһатыах, таҥыннарыах баҕам баһыйан, дьэ, аттынааҕы маҕаһыыны кэпсэтэн биир үтүө күһүҥҥү күн бэрэски оҥорон таһаардым.
Дьэ, уонна ол күнү супту долгуйуу бөҕө буоллум. Киэһэ бэрэскибин атыыласпыттарын көрөн наһаа үөрдүм, сотору кэминэн өссө хас да маҕаһыыҥҥа туттардым. Ол тухары кыбыстабын, маҕаһыыҥҥа эрдэ ким да суоҕар түбэһэ сатыыбын, аспын киллэрэн биэрэ охсоот, тугу эрэ куһаҕаны оҥоро сылдьар киһи курдук куотабын (күлэр).
Онтон ырыынактарга эҥин илдьэн атыылыыр буоллум. Онно дьахталлар: «Наар бэрэски да бэрэски, атыны астаан аҕалбаккын дуо?» – диэн бардылар. Онтон тэптэн итии аһылык, салаат оҥорон илдьэр буолбутум.
Онон, ыырым кэҥээн, син харчылаһан, кафе арыйар туһунан санаалар киирэн бардылар. Оччолорго оҕолорум кыралар, илиибэр-атахпар иилистэ сылдьар дьон буоллахтара дии. Хайдах сананан, быыс-арыт булан астыырга, эргинэргэ санаммыппыный диэн билигин сөҕө уонна оччотооҕу бэйэбэр махтана саныыбын.
Урбаанньыт киэҥ хардыылара
2010 сыллаахха дьону кытта кыттыһан «Уют» диэн кафе («Туйгун+» эргэ маҕаһыынын дьиэтигэр) арыйан үлэлэтэ сылдьыбыппыт. Ол эрээри, кыттыгас аата кыттыгас, табыгаһа суох эбит диэн түмүккэ кэлбиппит. Ол гынан баран, ол эрэллээхтик саҕалаабыт, уопут ылбыт кэмнэрим буоллаҕа.
Ол саҕана кэргэним ыраах айаҥҥа суоппарынан үлэлиир буолан, син харчыланан, дьиэбит аттыгар турар эргэ маҕаһыыны атыылаһан ылан, бэкээринэ оҥоһуннубут. Килиэби кытта бурдук аһын оҥорон бэкээринэбэр уонна маҕаһыыннарга тарҕатан атыылыыр этибит. Онтон, 2015 сыллаахха бородуукта маҕаһыынын арыйан икки сыл үлэлэтэн баран, кэҥэтэн биэрбиппит. Билигин маҕаһыыммар бородууктаны кытта буруолуу сылдьар сып-сылаас пирог араас көрүҥэ, бэрэски, чебурек, самса, эчпочмак, коржик, лэппиэскэ, булочка күннэтэ атыыланар.
Салгыы 2019 сыллаахха кафе дьиэтин тутан үлэҕэ киллэрбиппит. Ол кэннэ саҥа бэкээринэ тутан 2022 сыллаахха үлэҕэ киллэрбиппит. Билигин өссө биир баҕа санаабын ситэн, Саратов куораттан улахан оһох, тиэстэни түргэнник таһаарар ыскаап атыылаһан аҕаллыбыт. Итиэннэ пицца буһарар оһох, конвекционнай оһох ылынныбыт.
Бу, биллэн турар, үлэбитигэр улахан көмөлөөх буолуоҕа. Билигин 13 үлэһиттээхпин. Тэрилтэлэр ханна ыҥырдылар да, сиргэ, айылҕаҕа да буоллун, тиийэн ас-үөл тардабыт. Былырыын сайын спортивнай оонньуулар кэмнэригэр соцхантараагынан култуурунай тэрээһиннэри тэрийсэ кэлбит 250 киһини аһатан-сиэтэн, бэрт сэргэхтик үлэлээн-хамсаан ааспыппыт.
Саҥа дьыл күннэригэр кафеҕа бырааһынньыктары тэрийэ сылдьыбыппыт. Биэчэрдэри ыытааччы, тамада Александр Гоголев бырааһынньыгы ыытааччы, биһиги ас астаан үлэлээбиппит. Дьон-сэргэ кэлэн сэргэхсийэн барбыттара.
Аны былырыыҥҥыттан тэйиччи сытар нэһилиэктэргэ чэпчэки сыаналаах бородууктаны уонна эбиэһи, уотурбаны илдьэн атыылаабыппыт. Дьон олус сэҥээрбиттэрэ, махтаммыттара. Быйыл да, халлаан сылыйда эрэ, барыа этибит. Бородууктабын Нерюнгриттан аҕалар буоламмын, сыаната быдан чэпчэкитик тахсар. Ити курдук кыахпыт ханна-туохха тиийэринэн барытыгар ылсыһа сатыыбыт.
Анна КОПЫРИНА, «555» кафе кассира, быыһыгар ас астаһан көмөлөһөөччү:
– Манна үлэлээбитим хас да сыл буолла. Хаһаайкабыт Сардаана олус үлэһит, наһаа ыраас, түргэн туттуулаах диэн сөҕө-махтайа көрөбүт. Үлэһиттэрин кытта наһаа эйэҕэс сыһыаннаах. Ол иһин, кэлэктииппит түмсүүлээх, өр сыл үлэлээбиттэр элбэхпит. Бары үөрэ-көтө үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Инники былаан
Салгыы фуршет аһын үрдүк таһымнаахтык бэлэмнииргэ үөрэнэн, ити өттүн сайыннарыахпытын баҕарабыт. Быйыл сайын кафебын кэлэр кыһын сылаас буоларын курдук өрөмүөннээн, иһин өссө тупсаран биэрэр баҕа баар. Аны, улууспут нэһилиэктэригэр кэпсэтии быһыытынан килиэп, бурдук аһын тиэрдиэхпитин баҕарабыт. Онон, нэһилиэктэр олохтоохторо, маннык өҥөҕө наадыйар буоллаххытына 89142936960 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.
Дьиэ кэргэн
Кэргэним Николай өр кэмҥэ «КамАЗ» массыынанан ыраах айаҥҥа үлэлээбитэ. Билигин инбэлиит буолан олорор, доруобуйатыттан көрөн айаҥҥа табаар тиэйиитигэр сылдьыһар. Улахан кыыһым Алина ХИФУ филология салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ, билигин ЫБМ диспетчерэ, мас тардыһыытыгар СӨ успуордун маастара.
Кыра кыыһым Анастасия ХИФУ Медицинскэй институтун 1-кы кууруһун устудьуона. Кини наһаа асчыт, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан «Ворлд Скилс» күрэскэ кондитер хайысхатыгар улууска бастаан турардаах, иллэҥ булла эрэ ас астаан көмөлөһөр. Алинам эмиэ асчыт, илиитинэн ону-маны оҥорорун сөбүлүүр. Кафе дьиэтин киэргэтиитин бэйэтэ отунан-маһынан оҥоһуктары оҥорон, уруһуйдаан киэргэтэр.
Улахан уолум Ганя Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, «Мүрү» байыаннай-патриотическай кулууп хамандыыра, кыра уолум Коля 9-с кылааска үөрэнэр, тустуу секциятыгар дьарыктанар. Уолаттарым кыайар үлэлэрин оҥорон, дьиэ кэргэммит биисинэһигэр кыттыһаллар. Табаар таһыыта кинилэрэ суох сатаммат буоллаҕа. Билиҥҥи олох сиэринэн төлөпүөҥҥэ улдьаараллара ханна барыай, ону күүспүнэн, төһө кыалларынан үлэҕэ иитэ сатыыбын.
Урбаанньыт кыһалҕата
Билигин, ордук эдэр дьон үлэҕэ дьулуспат буолла дуу диэн көрөбүн. Холобур, миэхэ билигин икки үлэһит тиийбэт. Аны, үгүс дьон үлэҕэ киирэн баран, аҕыйах күн үлэлээт уурайан хаалаллар. Бу миэхэ эрэ баар кыһалҕа буолбатах, бары маҕаһыыннарга, кафеларга, быһата хааччыйар эйгэҕэ атыылааччы, үлэһит «турбат» кыһалҕата барыларыгар баар.
Ол төрүөтэ «Халлаантан түһэр харчы наһаа элбээтэ дуу?» дии саныыбын. Холобур, элбэх оҕолоох ийэ судаарыстыбаттан элбэх харчы ылар буолан, үлэҕэ таласпат, үлэ миэстэтин сыаналаабат буолуон сөп.
Судаарыстыба оҕолоох дьоҥҥо көмөлөһөрө, өйүүрэ туох да куһаҕана суох, үчүгэй. Ол эрээри, бу көмө харчы өрүү баар буолуо диэн киһи эрэммэт дии.
Аны, бу үүнэн эрэр көлүөнэ хайдах дьон буолан тахсаллар?! Уһун күнү быһа төлөпүөнү тутан баран сыталлар дии. Киһи үлэни сыаналаабат буолла диэн сонньуйуох санаам киирэн ылар.
Вконтакте страницабытыгар Ольга Шепелева устубут видеосюжетын көр: https://vk.com/wall-203871656_3476