Новости
Кустуур нэһилиэгэр мини-кондитерскай аанын арыйда
20 октября 2021

Эбээн Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгэр «Лакомка» диэн ааттаах мини-кондитерскай үлэтин саҕалаата. Бу дьоҕус тэрилтэни ыал ийэтэ, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор мэлдьи көхтөөх кыттыыны ылар далбар хотун Надежда Старостина салайан үлэлэтэр.

«Мин аан бастаан үлэтэ суохтар учуоттарыгар туран, бэйэ дьыаланы тэринэргэ диэн толкуйдаммытым. Ити курдук «социальнай хантараак» диэн бырагыраамаҕа кыттан, көмө үп-харчы ылан, үлэлиэхтээх дьиэм ис-тас өттүн өрөмүөннээн, нэһилиэнньэҕэ бурдук аһы атыылыыр дьоҕус тэрилтэни тэринним.

Бэйэ дьыалабын саҕалыырбар улуустааҕы социальнай харалта тэрилтэтэ, чуолаан Любовь Егоровна Слепцова, Наталья Ивановна Дмитриева, үлэтэ суохтар хайысхаларынан Елена Егоровна Ефимова улахан күүс-көмө, өйөбүл буоллулар, түгэнинэн туһанан, кинилэргэ барҕа махталбын тиэрдэбин.

Сайыны быһа үлэлиэхтээх дьиэбин өрөмүөннээн, ис өттүн сууйан-тараан, аныгы матырыйаалынан бүрүйэн, кырааскалаан, тас өттүн эмиэ бүрүйэн, үлэлиирбэр-хамсыырбар туттуллар оһох, холодильник, ларь курдук уо.д.а. тэриллэри ылынан, алтынньы 11 күнүттэн «Лакомка» мини-кондитерскай аанын арыйда. Бастакы саҕалааһыммар кыргыттар Елена Михаханова уонна Елена Горохова миэхэ күүс-көмө буолаллар.

Бурдук ас арааһын астаан атыылааһын биһиги нэһилиэкпитигэр сонун сүүрээн буолар дии саныыбын. Тугу астаан атыылыыбытый диир эбит буоллахха, кондитерскай уонна хлебобулочнай диэн көрүҥнэргэ араартаан тортары, пирожнайдары, эклердары, пончиктары, хлебобулочнай өттүнэн бэрэски араас көрүҥүн атыылыыбыт. Инникитин көрүҥнэрбитин өссө кэҥэтэн иһэр былааннаахпыт. Кыһыҥҥы суол турдаҕына Дьокуускай куораттан кууһунан бородууктаны ылларан, нэһилиэнньэҕэ атыылыыр аспыт сыаната удамыр буолуо диэн эрэнэбин.

Нэһилиэгим, улууһум дьонун ааспыт Саха сиригэр Ийэ уонна Арассыыйаҕа Аҕа күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Доруобай буоллуннар, баҕа санаалара туолан истин, ситиһиилэри, дьолу, тапталы!».

Кустуурга аан маҥнай тэриллибит «Лакомка» мини-кондитерскай хаһаайката Надежда Прокопьевна хас биирдии киһи олоҕо, үлэтэ-хамнаһа барыта бэйэтиттэн тутулуктаах диэн булгуруйбат күүстээх санаалаах. «Киһи баҕата диэн ыраахха кынаттыыр улахан күүс буолар, баҕа санаа баар буоллаҕына киһи тугу барытын кыайар кыахтаах!» — диэн кини этэр.

Источник