«Ыал — ийэтинэн» диэн өбүгэлэрбит аныгы көлүөнэ ыччатыгар олус дириҥ суолталаах бэргэн этиини хаалларбыттар. Горнай улууһун Орто-Сурт нэһилиэгэр олус айымньылаах, биэс оҕолоох, иллээх дьиэ кэргэн олорор. Бу эдэр ыал, ийэлэрэ Ксения Вензель көҕүлээһининэн, судаарыстыба өҥөтүнэн сөпкө туһанан, элбэх хайысхалаах фотостудияны үлэлэтэллэр. Бүгүҥҥү балаһабыт дьиэ кэргэн бэйэ дьарыгынан ситиһиини уһансыытын, онно ийэ сүдү оруолун туһунан буолуо.
Ксения уонна Алексей Вензеллэр – биэс оторой-моторой уол оҕолоох дьиэ кэргэн, нэһилиэк, оройуон холобур туттар ыала, 2019 сыллаахха Арассыыйатааҕы «Сыл дьиэ кэргэнэ» куонкурус чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Тыа ыала» күрэх кыайыылаахтара.
Ксения олоххо аныгылыы көрүүлээх, айымньылаах сыһыаннаах буолан, кэм ирдэбилигэр эппиэттэһэр хайысхалары таба тайанан үлэлэтэр. Ол курдук урукку кэмнэргэ торт да астаан, иистэнэн да көрбүтэ. Аҕалара ырыаһыт талааннаах уонна муусука инструменыгар оонньуур дьоҕурдаах буолан бырааһынньыктарга бу өҥөнү биэрэн дьарыктанара. Дьиэ кэргэҥҥэ эбии дохуот киллэрээри, 2014 сыллаахха бизнес-былаан суруйан музыкальнай аппаратура уларсыгын өҥөтүнэн социальнай хантыраак олохтоспуттара, судаарыстыбаттан көмө субсидия ылбыттара. Бу бэйэ дьыалата сайдарыгар ыалга саамай төһүү күүс буолбута.
Бэһис оҕотун оҕолонон олорон, Ксения сыта-тура тугунан эмэ дьарыктаммыт, дьоҥҥо тугу эмэ туһалааҕы оҥорбут киһи дии саныыра. Манна, биллэн турар, дьиэҕэ олорор кэм сүдү куус буолбута. Биир үтүө күн ноутбукка араас тупсаҕай презентациялары оҥорорун, тарбаҕар талааннааҕын уонна илиитинэн фотозона оҥорорун сөбүлүүрүн санаан, фотостудия арынар туһунан өй көтөн түһэр. Чопчулаан эттэххэ, манна улуустааҕы «Мин биисинэһим» киин салайааччыта Марианна Попова оруола эмиэ улахан. Ксения дьиэ кэргэнигэр дохуот киллэрэр суолларын тобулар толкуйугар түһэ сырыттаҕына, урбаан боппуруостарыгар нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү буолар диэн биллэрии кэлэр. Эдэр ийэ тутатына: «Тиийэн истиэм, сүбэлэттэриэм диэн сыаллаах барбытым. Марианна Семеновна олус үчүгэйдик сүбэлээн-амалаан, туох-ханнык хайысхаҕа көмө баарын сиһилии кэпсээн, харахпар уот чаҕылыйбыта. Ити кэннэ ирдэниллэр докумуоннары түргэнник хомуйсан, Бэрдьигэстээххэ «Мин биисинэһим» кииҥҥэ ыҥыран, сиһилии билсэн, докумуоннарбытын олус түргэнник оҥорон биэрбитэ. Салгыы улэлэһэргэ болдьоспуппут. «Бэйэ дьарык» нолуок эрэсиимин оҥотторон, саҥа саҕалыыр урбаанньыкка диэн көмө набор туппутум. Кыаллыбат, ыарырҕатар боппуруостарбын дьиэбиттэн олорон ыйыттахпына, «Мин биисинэһим» кииҥҥэ барытын субэлээн-амалаан биэрэллэр. Маны таһынан, ыытар тэрээһиннэригэр куруутун кытта сатыыбын».
Ол курдук Ксения 2021 сыллаахха эмиэ биисинэс-былаан суруйан, дэриэбинэҕэ фотостудия арыйар туһунан социальнай хантыраак олохтоһор, санаммыт сөбүлүүр дьарыгын саҕалаан үлэлиир. Хаартыскаҕа түһэрэн, дьоҥҥо дьоллоох түгэн бэлэхтиир саҕа үчүгэй суох буоллаҕа дии. Фотосессияҕа сылдьыбыт дьон олус астынан, дуоһуйан баралларыттан үөрэрин, кинилэр махтал тылларыттан кынаттанарын, эбии саҥаны айарга, толкуйдуурга күүс биэрэрин ыал ийэтэ бэлиэтиир. Маны таһынан, фотостудияҕа нэһилиэнньэҕэ хаартыска таһаарар, ыҥырыы сурук, диплом, сертификат, календарь, постер, открытка, буклет эбии оҥорон атыылыыр, сакааска оҥорор өҥөлөр көрүллэллэр.
Кэлиҥҥи кэмҥэ санкция күүһүрэн, бэчээттиир фотобумага уонна чэриниилэ сыаналара ыараан, фотостудия өҥөлөрүн сыаната кыратык үрдээбит. Принтер саппаас чааһа, губката кыайан кэлбэт буолан, Вензеллэр бэйэлэрэ куһаҕан чэриниилэтин сотору-сотору ыган, куурдан биэрэргэ үөрэммиттэр.
Дьиэ кэргэн үлэлээбиттэрин тухары мантан атын ыарахаттары улаханнык көрсө иликтэрин сэрэнэн бэлиэтииллэр. Арай ырытан көрдөххө, былырыыҥҥы сайыҥҥы ыйдарга сакаас киириитэ лаппа мөлтөх эбит. Ол иһин ити өттүн учуоттаан туран, дьиэ кэргэн быйылгыттан бииргэ үлэлииргэ санаммыттар. Инники социальнай хантыраагынан ылбыт бизнестарын быйылгыттан холбууллар. Уолларын Толяны оскуоланы тохсуһунан бүтэттэрэн, салҕыы фотограф үөрэҕэр үөрэттэрэн, сайын устата музыкальнай аппаратура уларсыгын уонна тута тахсар хаартыска өҥөлөрүн улэлэтэн саҕалаары былаанныылар. Торум быһыытынан, аҕалара Алексей баянынан доҕуһуоллуур, муусука аппаратуратынан оонньотор, ыллыыр, Толя тэрээһиҥҥэ кэлбит дьону хаартыскаҕа түһэрэр, оттон ийэлэрэ Ксения хаартысканы принтерынан тута бэчээттээн таһаарар буолаллар. Ол аата бырааһынньык ыалдьыта дьиэтигэр бэлэм тахсыбыт хаартыскалаах барар. Маны таһынан, ыаллар «Мин биисинэһим» киин нөҥүө сойуом ыларга улэлэһэ сылдьаллар. Бу харчытынан аппаратураларын саҥардар уонна фотовспышка тэрилин, улахан принтер ылыныахтарын баҕараллар эбит.
Ксения бэйэ дьыалатын саҥа саҕалааччыларга туһаайан маннык сүбэлиир: «Билигин киирэн-тахсан, ханна туох көмө баарынан, түргэнник докумуон хомуйсан, билсэн-көрсөн, бэйэ дьыаланы арынарга саамай тоҕоостоох кэм. Онно «Мин биисинэһим» киин төһүү күүс буолар. Баҕа санааны, тобуллубут толкуйу, сөбүлүүр дьарыгы олоххо киллэрэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах, сайдарга-үүнэргэ саамай үчүгэй хайысха, элбэх улахан бырайыактар үүнэн тахсыахтарын сөп. Манна эбии көмө көрүллэригэр махтаныах эрэ тустаахпыт».
Ити курдук Ксения уонна Алексей Вензеллэр дьиэ кэргэнинэн биисинэстэрин саҥа сүүрээннэрэ кэскиллээх буолуо диэн бүк эрэллээхпит.
Билигин урбаанньыттарга “Дьоҕус уонна орто урбаан” национальнай бырайыагын чэрчитинэн көмө арааһа көрүллэр. Бу сигэнэн ааҕыахха сөп https://xn--14-9kcqjffxnf3b.xn--p1ai/instituty-razvitiya/tsentr-moj-biznes/
Алёна Саввинова, Лидия Корнилова
ГАУ РС(Я) «Центр «Мой бизнес»