Борисов Иван Иванович — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, республикабыт биллэр-көстөр урбаанньыта, «Төҥүлү нэһилиэгэ» муниципальнай тэрилии бочуоттаах олохтооҕо, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах мецената, Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын «Аччыгый уонна орто бизнес сайдыытыгар кылаатын иһин» премия лауреата, үгүс элбэх республикатааҕы, улуустааҕы наҕараада хаһаайына. Үөрэҕинэн «гидрогеолог» идэлээх. Элбэх оҕолоох, иллээх-эйэлээх улахан дьиэ-кэргэн аҕа баһылыга.
Иван Иванович урбаан эйгэтигэр суол аттынааҕы сервис хайысхатынан 2001 сылтан үлэлиир. Төҥүлүнэн ааһар федеральнай трассанан айанныыр дьон-сэргэ, ыраах айан суоппардара кини үлэтин-хамнаһын бары билэллэр-көрөллөр. Сэргиир, махтанар киһи үгүс. «Кафе, гостиница, шиномонтаж, гараж, баанньык, маҕаһыын барыта баар. Суоппардар биһиги абыранабыт. Саха сиригэр маннык үчүгэйдик тэриллибити өссө көрө иликпин», «Барыта ис киирбэх, киһини кэрэхсэтэр, сэҥээрдэр: тутуулара, бизнеһы тэрийиитэ, үлэһиттэр аламаҕай сыһыаннара, урбаанньыт ураты айымньылаах сыһыана», «Биир дойдулаахтарыгар үлэни-хамнаһы тэрийэр, нэһилиэгин сайдарыгар оҥорбута үгүс» диэн бэлиэтээн этэллэр.
Кафе иһигэр тэриллибит ретро-музей, тэлгэһэҕэ мас уустара оҥорбут дириҥ ис хоһоонноох айымньылара, саха төрүт дьарыгар, саха ынаҕар аналлаах экспозиция, олохтоох уруһуйдьут үлэлэрин быыстапката, Саха сирин көтөрдөрүн, кыылларын чуучулалара айымньылаах куттаах урбаанньыт төрөөбүт дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр тапталын, махталын, киэн туттуутун, историяҕа ытыктабыллаах сыһыанын, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһи буоларын кэрэһэлии, дьоҥҥо сэргэҕэ, оҕоҕо-ыччакка бу хаачыстыбалары саҥата суох иҥэрэ тураллара саарбаҕа суох.
Иван Иванович дойдутуттан тэлэһийбэккэ, мин манна ордук наадабын диэн санааттан үлэлии-хамсыы сылдьар. Урбаанньыт үгүс элбэх түбүгэр олоҕун аргыһа Мария Васильевна күүс-көмө буолар, баар-суох кэмигэр солбуйааччыта, көрөр-харайар, бэрийэр Иэйэхситэ. Бэйэ бэйэлэрин өйөнсөн, ситэрсэн, бииргэ үлэлииллэрэ, айаллар-туталлара — Борисовтар дьиэ-кэргэн ситиһиилэрин төрдө диир сөп. «Оҕолорбутун үлэнэн ииппиппит, спортка уһуйбуппут, билигин бары туһалаах идэлээх дьон буоллулар, көмө-ньыма дьон», — диэн Иван Иванович астына кэпсиир. Сиэннэрэ сайын тахсан эһээлээх эбээлэригэр үлэлэһэн бараллар эбит, көмө-туһа дьон.
Билиҥҥитэ бу бизнескэ барыта 80-тан тахса киһи үлэлииллэр-хамнастаналлар. Коллективка үксүлэрэ уһуннук үлэлээбит дьон. Бу салайааччы тэрийэр дьоҕурун көрдөрүүтэ буолар. Үлэһиттэр үтүө үгэстэрин астына кэпсииллэр: ыһыах, саҥа дьыллааҕы корпоратив, бастыҥ үлэһиттэри бэлиэтээһин, наҕараадалааһын. 20 тахса сыл устата элбэх киһи үлэлээтэҕэ, ыччат дьон үлэҕэ сыһыннаҕа, үөрэннэҕэ. Саха сиэринэн күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас диэн. Иван Иванович үлэһиттэригэр кыһалҕалаах кэмнэригэр көмөлөһөр, өйүүр сиэрдээх.
Борисовтар бөһүөлэктэрэ тупсарыгар кыһаллаллар, араас проектары тэрийэллэр. Мас уустарын күрэҕин көҕүлээн ыыппыттар. Маастардар үлэлэрэ кафе, бөһүөлэк иһин киэргэппиттэр. Спорт, ырыа-үҥкүү коллективтарыгар, инвалидтар түмсүүлэригэр, детсадтар, атын да тэрилтэлэр меценаттара уонна попечительлэрэ. Кэмиттэн кэмигэр биллиилээх артыыстары, ырыа-үҥкүү ансамбылларын ыҥыран кэнсиэрдэтэр үтүө үгэс буолбут. Талааннаах, дьоҕурдаах ыччаттары өйүүр, бүдүрүйбүккэ көнөрүгэр көмө-тирэх буолар ыаллары киһи хайгыыр, холобур оҥостор.
Иван Ивановичка, кини дьиэ-кэргэнигэр айымньылаах аартыктара арылла турдун, үлэлэрэ таһаарыылаах, үтүө түмүктэрдээх буоллун, үгүс үөрүүлээх күннэри, салпат саргылаах олоҕу баҕара хаалыаҕын.
ГАУ РС(Я) «Центр «Мой бизнес