Бу саас олус интэриэһинэй дьарыктаах, талааннаах Лидия Тимофеева «HomeDekor» айар мастарыскыайыгар маастар кылааска сылдьыбытым. Лидия бэйэтэ олус элэккэй, кэпсэтинньэҥ киһи. Ол да иһин буолуо, араас саастаах ордук дьахтар аймах кэлэн, бу мастарыскыайга бириэмэтин туһалаахтык атаарар, сүбэ-ама ылар, эргэ, урукку дьиэ малын-салын туһаҕа таһаарар кыахтаммыт. Кинилиин, кэпсэтиини «Забота-Арчы» хаһыат ааҕааччыларга таһаарар.
Лидия Акимовна Өймөкөөн Томторуттан төрүттээх. Инженер-электрик идэлээх. Адьас кыра эрдэҕиттэн кэрэни оҥорор баҕалааҕын туһунан наһаа бэркэ ахтан ааста.
— «Бэйэҥ хоскор тугу да гын, таска эрэ тахсыма», — диирэ ийэм. Онон адьас кыра эрдэхпиттэн тулабын араас сырдык, дьэрэкээн кыраасканан уларытар, кэрэнэн толорор баҕалааҕым. Билигин олорон санаатахпына, ийэм барахсан миэхэ ити баҕабын олоххо киллэрэрбэр кыах биэрбит эбит. Биһиги кыра эрдэхпитинэ, элбэх сурунаал да суоҕа. «Работница», «Крестьянка» курдук биирдиилээн суруналлары түбэһэн көрөөччүбүн.
Икки эбэлэрим саха дьахталларын сиэринэн чугас дьонноругар барыны-бары тигэн кэтэрдэр этилэр. Мин кинилэри көрөн улааппытым. Онон куукулаларым атах таҥастарыттан саҕалаан чараас, халыҥ таҥастарын барытын бэйэм моһуоннааммын тигэрим. Мин оонньуурдарым хаатыҥхалаах, саҕынньахтаах, анал көбүөрдээх буолаллара. Сайынын сиидэс кырадаһыныттан араас дьэрэкээн өҥнөөх былааччыйалары кэтэллэрэ, мааны да, мааны куукулалар этэ.
Оччоттон мин кэрэҕэ, туох эрэ уратыга, киэргэлгэ тардыһар эбиппин. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьаммын бэйэбэр тугу баҕарбыппын илиибинэн тиктэн кэтэр этим.
Мастарыскыайга киирдэххэ, 1930 сыллаах малтан-салтан саҕалаан, аныгылыы тупсарыллан, бары бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн киһи көрөн сөҕөр хартыыната. Лидия бу мастарыскыайга хайдах кэлбитин туһунан бу курдук кэпсээтэ:
— Урукку, былыргы маллар ордук хаачыстыбалаах буолалларын бары да билэргит буолуо. Онон үчүгэйдик көрөн-харайан илдьэ сырыттахха, кинилэр үйэлэрэ уһуур. Холобур бу турар, ыскаап, остуол, сиэркилэ, сахарница, подсвечник, люстра барыта тус-туспа история. Мин дьүөгэм бу мастарыскыайыгар бастаан наһаа сөбүлээн кэлэрим, маастар кылаастарга сылдьарым.
Уопсайынан ретро стили мин ордоробун. Онон бэйэм олорор дьиэм Сайсаарга эмиэ итинник стилинэн ситэриллэн, оҥоһуллан турар. Саҥаттан-саҥаны, сонуну уларытан, тупсаран оҥорорбун олус сөбүлүүбүн. Ол курдук түннүктэрбэр эбэм курууһуба сабыыларыттан саҕалаан, дьоммуттан хаалбыт эргэ малы-салы реставрациялаан, саҥа көрүҥнээн, билигин биһиги ыал киэн туттар миэбэлбит буолан турар урукку мал-сал элбэх.
Бу мастарыскыайы дьүөгэбиттэн атыылаһан ылбытым. Кини билигин Санкт-Петербурга олорор. Кэнники эбэн, тупсаран, саҥа фотозоналары оҥорон дьон-сэргэ биһиэхэ кэлиитэ элбээтэ.
Урукку малга харыстабыллаахтык сыһыаннастахха, кинилэр дьиэ мааны малыгар кубулуйаллар ээ. Урукку кырааскаларын устан, билигин аныгы технология, кырааска арааһыгар киһи тупсаҕай көстүүлээх кэрэни айан таһаарар.
— Аан бастаан туохтан саҕалаабыккыный?
— 80-с сылларга ыал буолан бараммын, эриллэр хаппахтаах хомпуоттар кэлбиттэрэ дии? Мин ол банкатын туппутунан баһаарынай чааска тиийэммин кыһыл кырааска бэриһиннэрбитим. Дьиэбэр кэлэммин, ыскааппын, остуолбун, олоппосторбун кыһыл кыраасканан сотон кэбиспитим. Кэргэним үлэтиттэн кэлэн соһуйбута уонна бастаан сөбүлээбэтэҕэ. Дьэ итинтэн ыла эр ыламмын, киһи баҕардаҕына тугу баҕарар оҥорор эбит ээ диэн өйдөөбүтүм. Онон кыһыл кырааска элбэҕи быһаарбыта.
— Онтон билигин эн айар үлэҕэр кэргэниҥ хайдах сыһыаннаһарый?
— Эр дьон бары даҕаны сонуну, туох эрэ уларыйыыны тута өйөөбөттөр дии? Мин кэргэним эмиэ оннук. Ол эрээри, дьиэҕэ туох эрэ уларыйан, тупсан бардаҕына, хайаан өйөөбөт буолуоҕай? Билигин тэҥҥэ тутуһан-хабыһан, сүрүн көмөлөһөөччүм. Дьиэбитигэр атыыласпыт малбыт диэн диван уонна орон эрэ. Уоннааҕы ыал дьон туттар мала-сала барыта бэйэбит илиибитинэн оҥоһуллубут, сорохторо реставрацияны ааспыт тэриллэр.
Сорох дьон миигин өйдөөмүөн сөп. Тоҕо диэтэххэ, мин куоракка көтүрүллэ турар дьиэлэргэ сылдьааччыбын, дьон ону-маны бырахпытын наһаа болҕойон көрөбүн. Урукку кэмҥэ наһаа сыаналанар ону-маны бырахпыт буолаллар. Ону аҕалан, сууйан, кырааскалаан, тупсаран, билигин кэлбит киһи астына көрөр буолан турара биһиэхэ элбэх.
Сашам табаарыстара биһиги дьиэбитин көрөннөр «Адьас музейга олорор эбиккин! “ — диэн сөхпүттэр этэ.
— Мастарыскыай хайдах үлэлиирий?
— Биһиги эрдэттэн суруйтарыынан үлэлиибит. Дьон биһиэхэ эргэ малларын туппутунан кэлэн 2-3 чаас олорон бэйэлэрэ оҥорсон, кырааскалаһан бараллар. Ону таһынан маастар кылаастары ыытабыт. Эдэр ийэлэр, эдэр хаһаайкалар чаастатык сылдьаллар. Төрөөбүт күннэрин маастар кылаас атыылаһан биһиэхэ бэлиэтээччилэр.
Халандаар кыһыл күннэригэр уонна анал темалаах маастар кылаастары дьон наһаа сөбүлүүр. Бэйэм дьону кытта алтыһарбын наһаа астынабьн, кинилэр үөрбүт-көппүт харахтарын көрөммүн инники айар үлэбэр кынаттанабын. Маастар кылаас кэмигэр хас да техникаҕа үөрэтэбит. Холобур, декупаж, кырааскалааһын, килиэйи туһаныы о.д.а.
Мин урукку малы-салы наһаа сыаналыыбын. Сорохтор ааспыт үйэттэн хаалбыт сундуугу, урукку туос тууйаһы илдьэ кэлэллэр. Маннык малы аныгы кыраасканан соттоххо сыаннаһа сүтэн хаалар. Онон өйдөтөн, быһааран, сүбэлээн биэрдэххэ, дьон кырдьык дьиэ кэргэн раритета буоларын толору өйдүүллэр.
Дьахтар дьон буоларбыт быһыытынан маастар кылаастарга үлэлии олороммут аһаҕастык кэпсэтэбит, сүбэ-ама бэрсэбит. Онон дьон духуобунай өттүнэн сайдан бараллар эбит дии саныыбын. Аны биирдэ кэлбит киһи хайаан да иккистээн, үһүстээн кэлэр.
-Кэлэктиипкитигэр хаскытый?
— Билиҥҥи олох ирдэбилинэн SMM үлэһиттээхпин уонна биир маастардаахпын. Айар куттаах кыргыттардыын олус тапсан, хардарыта көмөлөсүһэн үлэлиибит. Маастарбынаан дьон кэлэригэр анаан заготовкалары барытын ыл да, оҥор гына бэлэмнээн кэбиһэбит. Анал халыыпка түһэрэммит чаһы, панно, поднос, күлүүс ыйыыр о.д.а. дьиэҕэ туттуллар киэргэллэри оҥорорго үөрэтэбит.
— Лидия, айар киһи айылҕаҕа сылдьаргын, туристыыргын сөбүлүүр эбиккин?
— Хас биирдии айар куттаах киһиэхэ иэйии киирэр, идея уһуктар миэстэлэрдээх. Холобур, мин оннук миэстэм — айылҕа. Тыаҕа сырыттахпына, хайаҕа таҕыстахпына күүһүрэбин, сэниэлэнэбин, тус бэйэбэр саҥа сүүрээн киирэрин бэлиэтиибин. Айанныырбын наһаа сөбүлүүбүн. Россия бары куораттарынан кэриэтэ айаннаатым. Соторутааҕыта Камчаткаҕа баран кэллим. Онно Корякскай уонна Авачинскай вулканнар икки ардыларыгар турар Верблюд хайаҕа тахса сырыттым. Үөрүүбүттэн ытаабытым. Хайа энергетика, салгына адьас ураты буолар.
Айар үлэһит биир миэстэҕэ олорботун курдук, мин эмиэ баран-кэлэн, дьоннуун алтыһан сылдьарбыттан дьоллоохпун.
— Улуустарга олорор ааҕааччыларбыт бука бүгүҥҥү эн кэпсээҥҥин ааҕаннар, дьиэлэригэр турар былыргы малы-салы тупсарар баҕа санаалара уһуктар буолуохтаах. Улуустарга сылдьаҕын дуо?
Бэйэм айаны сөбүлүүрүм быһыытынан, ыҥырдахтарына кэпсэтэн баран тиийиэхпин сөп бөҕө буоллаҕа. Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа маастар кылааһы элбэхтик ыыппытым. Бу сайын Сангаарга баран кэлбитим. Онон баҕалаах дьон баар буоллаххытына билсиэххитин сөп.
— Биһиги ааҕааччыларбытыгар тугу баҕараҕын?
— Кэпсэтиибит сүнньүнэн ааҕааччыларга былыргы малы-салы таах быраҕан кэбиһимэҥ. Маны атын хараххытынан көрөн, тупсаран биэрдэххитинэ олус сыаналаах, дьиэ кэргэн, эһиги аймах көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалларар ытыктанар мала буоларын өйдөөҥ. Оттон адьас наадыйбат буоллаххытына, биһиги мастарыскыайбытыгар аҕалыаххытын син.
— Лидия, эйигин кытта кэпсэтэн бараммын, дьиэбэр, дойдубар баар урукку малы-салы тупсаран оҥорор баҕа санаа киирдэ. Интэриэһинэй кэпсэтиибит иһин махтанабын!
Екатерина Бястинова
Источникhttps://ulus.media/2023/09/28/kere-ejgetiger-has-biirdii-mal-istoriya/