Новости
Холобур буолар олохтоох киһини сырдатар кинигэ сүрэхтэннэ
22 февраля 2024

Амматааҕы кииннэммит бибилэтиэкэҕэ Сэбиэскэй кооперация туйгуна, СӨ потребкооперациятын бочуоттаах үлэһитэ, Амма улууһун бочуоттаах мецената, “Амма киэн туттуута”, СӨ Предпринимательствотын министиэристибэтин “Лидер перемен” бочуоттаах бэлиэлэр хаһаайкалара, Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Ксения Софроновна Пестерева олоҕун сырдатар “Холобур буолар олох” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ ыытыллынна. Сүрэхтэнии дьоро киэһэтин кыраайы үөрэтэр салаа кылаабынай бибилэтиэкэрэ Вероника Стручкова иилээн -саҕалаан ыытта.

Амма улууһун дьоно-сэргэтэ бары ытыктыыр, соторутааҕыта эрэ 82 сааһын томточчу туолбут, ол эрээри күн бүгүнүгэр диэри айанныы, сүүрэ-көтө, күннэтэ улуус дьонун аһынан-үөлүнэн, араас табаардарынан хааччыйа олорор Ксения Софроновна Пестерева чахчы да кинигэ аатын этэрин курдук холобур буолар олохтоох. Холобур буолар кини үлэтинэн, идэтигэр бэриниилээҕинэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыанынан. Кинигэни кини чугас дьүөгэтэ, үөрэнээччитэ, урбаан эйгэтигэр бигэтик үктэнэригэр күүс-көмө буолбут киһитэ Лариса Никифорова-Баһылай кыыһа хомуйан оҥордо. Ону сэргэ бэчээккэ Сааскыйаана Кузьмина бэлэмнээтэ. Онтон кинигэ “Амма олоҕо” хаһыат эрэдээксийэтигэр  таҥыллан, Дьокуускай куоракка 1№-дээх Ю.А. Гагарин аатынан типографияҕа 100 экземплярынан бэчээттэнэн таҕыста.

 

“Кинигэ дьиҥинэн Ксения Софроновна 80 сааһыгар бэлэмнэнэн саҕаламмыта. Ол гынан баран хаһан да буоларын курдук араас тардылыктар тахсаннар, онно кыайан тахсыбатаҕа. Ол да буоллар, ахтыылары салгыы хомуйан, өссө 80 сааһы бэлиэтээбит үбүлүөйтэн хаартыскалары киллэрэн, Софроновнабыт 82 сааһыгар оруобуна күн сирин көрөн, бэлэх буолан үөрүүбүт улахан. Кинигэбит кытаанах тастаах, барыта мелованнай кумааҕыга бэчээттэнэн, дьоһун көстүүлээх буолбутуттан үөрэбит. Бары ытык киһибит туһунан санааларын үллэстэн кинигэҕэ матырыйаалларын киллэрбит дьоҥҥо махтанабыт. Ксения Софроновна чахчы да кинигэҕэ суруллар холобур буолар олохтоох киһи. Ол иһин кинигэбитин итинник ааттаабыппыт. Билэргит курдук ааспыт сылбыт Арассыыйаҕа педагог уонна наставник, Саха сиригэр Үлэ сылынан биллэриллэн ааспыта. Биһиги кинигэбит геройа бу бэлиэ сылларга оруобуна сөп түбэһэр буолан, кинигэбитин ол чэрчитинэн бэлэмнээбиппит”, — диэн хомуйан оҥорбут Лариса Васильевна санаатын үллэһиннэ.

“ Дьүөгэм, үөрэнээччим, Лариса Васильевна Никифорова, бу кинигэ тахсыытын «үлэҕин-хамнаскын, дьон-сэргэ, кэнэҕискитин оҕолоргор, сиэннэргэр хаалар үйэлээх үлэ буолар» диэн эппитэ. Ону дьэ бэрт өр дьирээлэһэн баран, тылыгар киллэрэн, бу кинигэ суруллуннаҕа. Үөрдүм, ахтыылары барытын ааҕан астынным. Онон тахсыбыта сөп эбит диэн түмүккэ кэллим. Бүгүн сүрэхтэнии үчүгэй баҕайытык ааста. Эмиэ оҥорумаары, көннөрү биэртэлээн кэбиһээри гыммытым. Ону олох тахсыбыт кинигэ хайаан да сүрэхтэниэхтээх диэн оҕолорум оҥордулар. Онон бары кэлэн санааларын эппит, кыттыспыт дьоҥҥо дириҥ махталбын тириэрдэбин”, — диэн этэр Ксения Софроновна.

Үлэ киһитэ хаһан баҕарар сыаналаныахтаах. Кини туһунан элбэх киһи билиэхтээх. Үлэни өрө туппут дьон кэнчээри ыччаттарга холобур буолар олохтоохтор. Ол хайаатар да киэҥ араҥаҕа тахсыахтаах. Бу күн Ксения Софроновна кинигэлэрин бибилэтиэкэ фондатыгар туттарда. Онон ол кинигэлэр  нэһилиэктэринэн тарҕанан, кини туһунан үгүс дьон билиэҕэ, үйэлэргэ сүппэт баай буолуоҕа.


Дьикти, холобур буолар олохтоох Ксения Софроновна туһунан хаһыаппытыгар өссө сырдатыахпыт.

Источник