Новости
Горнай улууһун урбаанньыттара бырааһынньыктааҕы акцияҕа кыттыыны ыллылар
12 мая 2023

Ыам ыйын 9 күнэ – Россия олохтоохторугар ытык бырааһынньык. Бу күн Горнай улууһун урбаанньыттара ытык дьоммутугар ветераннарга анаан сылын аайы ыытыллар акцияҕа көхтөөх кыттыыны ылаллар. Ол курдук быйыл тыыл уонна үлэ ветераннарыгар, сэрии кэмин оҕолоругар анаан бородууктанан бэлэх оҥордулар.

Федор Попов салайааччылаах «Южнай» атыы-эргиэн дьиэтэ хаһыс да сылын бэйэтин аҕам саастаах атыылаһааччыларыгар бырааһынньыктааҕы ас наборун бэлэмнээн, дьиэлэригэр тиксэртээтэ. Эҕэрдэ уонна соһуччу бэлэх туппут дьон үөрүүлэрин үллэһиннилэр уонна урбаанньыкка махтал тылларын тиэртилэр.

Ону таһынан Бэрдьигэстээх нэһилиэгин урбаанньыттара сылын аайы ыытыллар «Солдат хааһыта» акцияҕа кытталлар. Тэрийээччилэр бэйэ маҕаһыыннаах Т.Е. Исаковаҕа, Д.П. Кириллиҥҥа, Н.Н. Ефремовка, Ф.В. Поповка, И.П. Соловьёваҕа бэйэлэрин махталларын биллэрэллэр.

Үлэ сылыгар «Мин урбааным» киин өрөспүүбүлүкэ экономикатын сайдыытыгар бэйэ кылааттаах урбаанньыттар үлэлэрин-хамнастарын туһунан сырдатар. Биһиги урбаанньыттарбыт туруу үлэһиттэр буолалларын уопсастыба сыаналыыр уонна биһириир.

«Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Мин урбааным» киин нөҥүө урбаанньыттарга киэҥ хабааннаах араас өҥө көрүллэр. Бу туһунан ыйыллыбыт сигэнэн киирэн ааҕыахха сөп — https://xn--14-9kcqjffxnf3b.xn--p1ai/instituty-razvitiya/tsentr-moj-biznes/       

 

Марианна Попова

ГАУ РС(Я) «Центр «Мой бизнес»