Новости
“Финэк” консалтинговай хампаанньа директора Любовь Прокопьева Үөһээ Бүлүү урбаанныктарыгар семинар ыытта
11 октября 2017

Алтынньы 10 кунугэр улуус предпринимателлэригэр аналлаах туһалаах “Финансовай менеджмент” семинар буолан ааста. Семинары Дьокуускай куораттан “Финэк” консалтинговай хампаанньа директора Любовь Егоровна Прокопьева ыытта. Семинарга үбү-харчыны сөпкө туһаныы, анализ, республикаттан көрүллэр көмөнү ырытыы, холобурдааһын, дохуоту былааннааһын туһунан үөрэтии, кэпсэтии барда. Тэрилтэҕэ үөскүүр араас кыһалҕалартан, чуолаан кризистэн хайдах тахсары Любовь Егоровна бэйэтин уопутуттан кэпсээтэ.

Семинарга кэлбит предпринимателлэр араас ыйытыктарыгар, мунаахсыйар боппуруостарыгар сөптөөх эппиэттэри, үлэлэригэр сүбэни-аманы ылан бардылар. Бары кыттааччыларга сертификат туттардылар.

Источник: Екатерина Николаева, представитель Центра поддержки предпринимательства в Верхневилюйском улусе