Новости
Эдэр урбаанньыт Светлана Захарова Муома биир бастын парикмахера
17 января 2017

“Саҥа предприниматель буолбут кыыс үлэтин көрүөҥ, тылын-өһүн истиэҥ этэ буоллаҕа, таарыччы баттаххын оҥоттор,”- диэн сүбэлээбиттэригэр Светлана Серафимовна Захароваҕа кэлэн олоробун. Төрүт-хаан Муома ыччата эбит. Кэлбит наадабын эппиппэр, килийиэннэри көрсөр сиэринэн үөрэ-көтө көрүстэ. Хата, килийиэн суох кэмэ буолан, кэпсэтиибит наҕыл соҕус буолла.

Хаһааҥҥыттан предприниматель быһыытынан үлэлиигиний?-

-2015 сыл балаҕан ыйыттан саҕалаабытым,- диир кыыһым.- Улуустааҕы социальнай харалтаҕа быстах үлэҕэ үлэлиирим. Үлэлээх буолуу киинэ баттаҕы оҥорор үөрэххэ ыытан Улан-Удэҕэ биир сыл үөрэммитим. Кэлбитим кэннэ, үлэлииргэ хайдах илиим-атаҕым барбат курдуга, дьик-дьах туттарым, онон маҥнай боруобалаан көрөргө санаммытым. Туспа дьиэ суоҕа, бэйэм дьиэбэр дьоннору ыҥыран баттахтарын оҥорор буолбутум. Куһаҕана суох оҥорор быһыылааҕым, дьоннор бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн кэлэр буолбуттара, хайгыыллара. Дьоҥҥо туһалаах эбиппин диэн санааттан тирэх ылан, санаам көтөҕүллэн, киһи үлэлииһи диэн өйгө кэллим. Билигин, үөрэммит киһи быһыытынан илиим-атаҕым барар, өйүм-санаам бөҕөх. Идэбин сөбүлээтим, онон үлэбин булбут курдук сананабын.

Үлэҕин саҕалыыргар кимтэн эрэ көмө ылбытыҥ дуо?

-Предпринимателлэри өйүүр улуустааҕы тэрилтэҕэ баран сүбэлэппитим. Гран суруйбутум. Онтубар тоҕус уон тыһыынчаны биэрбиттэрэ. Төһө да кыччыгый курдугун иннигэр, үлэлииргэ баҕалаах, икки оҕолоох, үлэтэ суох киһиэхэ, тирэх ылынарга улахан көмө дии саныыбын. Ол харчыбынан үлэлиир сирбин оҥостубутум, үлэбэр туттар матырыйаалы ылыммытым,- диэтэ кыыһым.

Участница конкурса Лучший парикмахер в Момском районе

Үлэҕэр туох эмит ситиһиилээххин дуо?

-Үлэбин саҕалаабыт сылбар баттаҕы оҥорооччулар улуустааҕы күрэхтэһиилэрэ буолбута. Киһи соһуйуох, онно бастаабытым. Наһаа үөрбүтүм, онтон үлэлиирбэр тирэх ылыммытым, эрэл үөскээбитэ.

-Туттар матырыйаалгын хайдах булунаҕын?

-Туттарга элбэх араас матырыйаал наада буолар. Куоракка матырыйаалынан хааччыйар киһилээхпин. Сайынын самолетунан, кыһынын суол турдаҕына, массыынанан эрэллээх киһинэн ылларабын, тоҕо диэтэххэ, сорохтор, кырааска эбит диэн таһырдьа хоннорон кэбиһээччилэр, оччоҕуна алдьанар-кээһэнэр, буорту буолар.

Эн өҥөҕүнэн туһанааччылар элбииллэр дуу, аҕыйыыллар дуу?— салгыы ыйытабын.

-Бу икки сылга тэҥнээтэхпинэ, халбаҥнаабат, тэҥ таһымҥа турар. Саҥа киһи кэлбэт, үксүн, сылдьар дьоннор сылдьаллар. Элбэхтик оҕолор кэлэллэр. Дьахтар баттаҕын оҥорорго элбэх бириэмэ барар, ол иһин, уочараттаан олорумаары телефонунан болдьоһоллор. Син үөрэннилэр. Күҥҥэ ортотунан сэттэ-аҕыс киһи кэлэр. Бырааһынньыктар иннилэригэр киһи наһаа элбээччи, ордук дьахталлар. Оччоҕуна, үлэ чааһын аахсыбакка үлэлээччибин. Арыт, ыҥырдахтарына, нэһилиэктэргэ баран кэлээччибин. Онон үлэ баар.

Инники туох былааннааххыный?

-Үлэлииргэ тымныы уу суоҕа куһаҕан. Итии ууну кыраантан сүүрдэн сойуттаҕын. Дьиҥэр, итии ууну сойутар баах баар буолуохтаах, оччоҕуна куруук сойбут уу баар буолар. Оннук бааҕы иһэрдэн оҥотторуохха сөп. Дьиэм киэҥэ буоллар эр дьоҥҥо, дьахталларга анаан салоннаныахпын баҕарабын да, кыаллара дуу, кыаллыбата дуу, билбэтим. Салоннардааҕым буоллар үлэлиир арыый киэҥ, үчүгэй, тупсаҕай уонна аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһиэ этэ. Оннукка киһи сылдьара элбээччи.

Автор: Григорий Федотов, “Индигир уоттара”, Хонуу, Муома.