Новости
«Дьуегэ» иистэнэр киин 15 сыл
18 ноября 2019

Сэтинньи  ый 16 кунугэр Чурапчы сэлиэнньэтигэр сурдээх сэргэх тэрээьин буолла. Ол курдук «Дьуегэ» иистэнэр киин тэриллибитэ 15 сылын керсе, эбии пристрой тутан ма5аьыынын кэнэттэ @tkani_churapcha.

Бу кун сарсыардаттан дьиэни Надежда Михайловна  Заболоцкая арчылаата,  сана ма5аьыын ханна да буоларын курдук,  бастакы  атыылаьааччыларыгар подароктар туттарыллыннылар, минньигэс «Дьуегэ» диэн суруктаах шоколадтарынан кундулэннилэр уонна  10% чэпчэтиинэн туьаннылар. Сана ма5аьыын ис дизайнын о5олоро бэйэлэрэ «Лофт» стиль керунунэн, хас биирдии клиенна истин иьирэх сыьыаннаах, ол курдук атыылаьааччы муннугар олорон сынньанарга, сурунарга, телефонун зарядтанарыгар тиийэ усулуобуйаны онорбуттарара наьаа учугэй.

Бу ер кэмнэ улэлээн кэлбит сыа5ы Карсанаевтар дьиэ кэргэн биир санаа5а киирэн улэлэтэ олороллор. Татьяна Николаевна уонна Афанасий Афанасьевич, 90сыллар сабыдыалларыгар улэлии олорбут быткомбинат эстэн,  бииргэ улэлээбит дьуегэ кыргыттар бэйэлэрэ туьунан бараннар,  оччоттон бачча5а дылы сиэттиспитинэн улэлии олороллор, 15 сыл былаьын тухары элбэх эдэр ыччаты иис алыбыгар уерэттилэр. Сахалыы танаьынан улуус эрэ олохтоохторун буолбакка, атын улуустан кун бугунугэр диэри сакаастар киирэ тураллар.  Биир сиргэ тохтоон олорбокко ол эбэтэр наар сакааска эрэ буолбакка, толору тигиллибит, о5о, дьахтар, эр киьи танаьын, бары еттунэн сиппит оьуорун — о5уруотун барытын ситэрэн,  ма5аьыынна кенул атыыга таьааран туруораллар.

Татьяна Николаевна «Дьуегэ» сыа5а улэтигэр киирэригэр, сана иистэнэр массыыналарын, биьиги тэрилтэбит ненуе субсидиянан туьаммытын, наьаа учугэйдик саныыр, сыаналыыр.

Билинни олох тэтимигэр тубэьиннэрэн хас биирдии о5отуттан эмэнигэр диэри сахалыы таннар кэмигэр биьиэхэ Чурапчыга «Дьуегэ» иистэнэр киин баара олус туьалаах. Кунду «Дьуегэ» коллективын бу уеруулээх кунунэн ессе тегул итии — истин э5эрдэбитин тириэрдэбит, ессе да уунэ сайда тураргытыгар ба5а санаабытын этэбит.

ГАУ РС(Я) «Центр «Мой бизнес»