Олунньу 22-23 күннэригэр Туймаада хочото Олоҥхо дойдутун Улуу Суорунтан оҥоһуулаах, Кудай Бахсыттан сыдьааннаах 77 тимир ууһун түмэ тарта. Бу быйыл 11-с төгүлүн ыытыллар «ДАРХАН УУС» Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтин биир ситиһиитэ буолар. Ол курдук, 2012 сыллаахха 30, 2015 сыллаахха 46, 2018 сыллаахха 50-тан тахса маастар кыттыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 77 киһи, 14 улуустан, ол иһигэр Өлөөн, Эдьигээн, Сунтаар, Томпо курдук ыраах сирдэртэн, уонна Нерюнгри, Дьокуускай куораттартан кытынна.
Тимир уустарын сыл ахсын түмсэн күөн көрсөр – ким төһө көлөһүнү тоҕон төһө-хачча тупсубутун, уустаан-ураннаан дьүһүйэр дьоҕура сайдыбытын холоһор түһүлгэлэрин өрөгөйдөөх арыллыытыгар Ил Түмэн спикерэ Петр Гоголев кэлэн Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн бары эр дьону эҕэрдэлээн туран: “Уустар төрөөбүт омуктарын кэскилин, сайдыытын, сарсыҥҥытын уһааран таһаарар, түстүүр дьоммут буолаллар. Саха быһаҕа – саха омук кутун-сүрүн, уратытын толору арыйан көрдөрөр оҥоһук”, – диэн уу сахалыы санаатын сааһылаан эттэ.
Онтон Саха сирин айылҕатын кэрэ көстүүлэрин, төрүт омуктарын ураты олохторун укулаатын кэрэхсиир, үөрэтэр уонна ону өрүү мындырдык таба көрөр үгэстээх өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов: “Тимиринэн уһаныы искусствота – биһиги культурабыт биир сүрүн төрдө. Уустар, эһиги, ону кэнэҕэски көлүөнэлэргэ тиэрдэр ытык иэстээххит. Кыттааччылары кытта өбүгэ үгэһэ сылтан сыл сайдан истин!” – диэн баҕа санаатын биллэрдэ.
Быйыл Саха сирин тимир уустарын сойууһун бочуоттаах бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт Духуобунас академиятын академига, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Борис Неустроев-Мандар Уус:
– Дьэ, доҕотторуом, сахалар бу сүрдээх чымаан дойдуга кэлэн, аҥардас омук эрэ быһыытынан чэчирээбэккэ, оҕолорбутун-урууларбытын барыларын дьон-сэргэ оҥорон, тэнийэн-ууһаан, үрдүк айыыларбыт үтүө санааларынан сүрдээх киэҥ сири иччилээн, олох олорор кэммитигэр, саха тимири уһанар, тимири уһаарар улахан дьикти идэтэ кинини бу тэниттэ-ууһатта. Онон биһиги уустарбытыгар үс төгүллээх үтүө санаанан махталбытын биллэриэххэйиҥ! – диэн аҕалыы алгыс тылларынан 11-с төгүлүн ыытылыллар «ДАРХАН УУС» быыстапканы арыйда.
58 тимир ууһа кыттарга баҕатын биллэрбит «Бастыҥ ас быһаҕа» күрэһи өрүүтүн да буоларыныы саха төрүт аһылыгын сөргүтээччи, “Тыгын Дархан” ресторан шеф асчыта Иннокентий Тарбахов арыалдьыт уолаттарынаан иилээн-саҕалаан ыытта. Кинилэр өрүү да буоларыныы, “минньигэс күрэс” көрөөччүлэрин тоҥ убаһа этинэн уонна кыһыллыбыт балыгынан күндүлээтилэр. Бу көрүҥҥэ соһуччу Таатта биллэр маастара Сергей Тарабукин инники күөҥҥэ таҕыста. Кинини тилэх баттаһа кэлэн үс иһигэр киирбит Виктор Кычкин, Феликс Шамаев даҕаны – кыайыылаахха холоотоххо сонун ааттар.
Тэрийээччилэр уонна дьүүллүүр сүбэ быыстапка кутунан-сүрүнэн ааттыыр көрүҥнэригэр – «Уус-уран оҥоһуулаах быһахха» 17 уран тарбахтаах маастар кыттыыта эмиэ соһуччу буолла. Бу дэгиттэр дьоҕуру уонна айар дьүһүйүүнү ирдиир күрэскэ кэнники сылларга кимиэхэ да иннин биэрэ илик Сергей Тарабукин бу да сырыыга бастыҥ аатын ыһыктыбата. Кини кэнниттэн «ДАРХАН УУС» быыстапкаҕа өрүү миэстэлэһэн “ууну-уоту ортотунан ааспыт” быһахчыттар Сергей Петров уонна Леонид Говоров таҕыстылар. Манна даҕатан аҕыннахха, «Уус-уран оҥоһуулаах быһах» хайысха дьүүллүүр сүбэтигэр хаһыс да төгүлүн үлэлиир Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, АГИИК доцена Дьулустаан Бойтунов быйыл кыттааччы ахсаана элбээбитин тэҥэ оҥоһуктар уус-уран таһымнара хаһааҥҥытааҕар да үрдээбитин, онон күрэс тыҥааһына лаппа улааппытын астынан туран бэлиэтээтэ.
Иккис күҥҥэ көрөөччүлэр тапталлаах көрүҥнэригэр – «Бастыҥ булт быһаҕар» быыстапка историятыгар хаһан ылылла илик кирбии ылылынна – 61 кыттааччы суруттарда. Бу көрүҥҥэ үгүс сыллар усталарыгар биллэр-көстөр эрэ уустар эрбии биитин курдук тэҥҥэ эрийсэр эбит буоллахтарына, быйыл эдэр маастардар көҥү көтөн киириилэрэ саха быһаҕын оҥоһуута күнтэн күн сайда, тупса турарын мэктиэлиир. Ол курдук, Тааттаттан эдэркээн уус Феликс Шамаев бастаата, иккис үрдэлгэ ааттаах-суоллаах маастар Спартак Петров, үһүскэ былырыын быыстапкаҕа дебюттууругар бу көрүҥҥэ биэс иһигэр киирбит Николай Неустроев үктэннилэр.
Бастакы күн триумфатора Сергей Тарабукин «Бастыҥ булт быһаҕар» да куһаҕана суохтук кыттыбытын миэстэҕэ кыл мүччү тиийбэккэ 5-с көрдөрүүлэммитэ кини быһахтара уус-уран эрэ өттүнэн тупсаҕай буолбакка дьиҥ аналларын эмиэ туйгуннук толороллорун туоһулуур. «ДАРХАН УУС» Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтин дьүүллүүр сүбэтин салайааччы, саха быһаҕын аар-саарга ааттаппыт Сарыал Билюкин уонна дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ – Саха сирин Тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Роман Готовцев-Мындыр Уус, Саха сирин Тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Василий Попов-Бааха Уус биир санаанан үс көрүҥ түмүгүнэн «Мандар Уус бирииһин» кыайыылааҕынан Таатта маастара Сергей Тарабукин ааттаатылар. Киниэхэ тэрийээччилэр ааттарыттан 50 тыһыынча солкуобайдаах сертификаты саха тимир уустарын тумус киһилэрэ Мандар Уус тус бэйэтинэн туттарда. Дьүүллүүр сүбэ Сергей бу ситиһиитинэн сиппитин-хоппутун көрдөрбүтүн уонна Саха сирин улахан маастардарын кэккэтигэр киирэр суолга үктэммитин бэлиэтээтэ.
«ДАРХАН УУС» түһүлгэни тэрийээччилэр сыл ахсын дьон-сэргэ өйүгэр хатанан хаалар туһалаах уонна дириҥ суолталаах тэрээһини ыытарга кыһаллаллар. Быйыл саха тимиринэн уһанар идэтин аныгы көлүөнэҕэ диэри утумун быспакка тиэрдибит, тарҕаппыт, сөргүппүт, саха ойуутун-мандарын тилиннэрбит Духуобунас академиятын академига Борис Неустроев-Мандар Уус үллэр үйэтигэр уһаммыт бастыҥтан бастыҥ оҥоһуктарын биир сиргэ түмэргэ холонуу оҥоһулунна. Ол түмүгэр билигин бэйэтигэр харалла сытар “Саха биилээҕэ” коллекциятын сэргэ, Чурапчы улууһун кыраайы үөрэтэр музейыгар бэлэхтээбит саха боотурун куйаҕа, Госдума депутата Федот Тумусов коллекциятыттан кылыстар, батыйалар, быһах уонна хомус набордара, суруйааччы Николай Винокуров-Урсун быһахтаах кура, Информационнай политика департаменын салайааччы Афанасий Ноев бадаайыта курдук сэдэх оҥоһуктар бииргэ кэккэлэстилэр.
Үгэс быһыытынан норуот артыыстара Клавдия уонна Герман Хатылаевтар салайар “Тэтим” бөлөхтөрүн турукка киллэрэр сахалыы тыастарын-уустарын доҕуһуолунан арыллыбыт Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтэ икки күн устата тохтоло суох суккуллар дьон халҕаһатыттан уоскуйары билбэккэ биир кэм күөртүү күпсүйэ, кыһалыы кытыаста олордо. Бу саха төрүт культуратын уонна саха тимир уустарын түҥ былыргы искусствотын сөргүтэргэ анаммыт тэрээһин сөптөөх суолу тутуһан иһэрин, дьон-сэргэ, ордук чуолаан аҕа баһылыктар, эр боотурдар, удьуор-харалы уоланнар сүрэхтэрин кылын таарыйарын, кичэмэ санааларын иһинэн киирэрин, өрүү тыйыс тимир умсулҕаннаах эйгэтигэр угуйарын-умсугутарын кэрэһилиир.
Ол да иһин, «ДАРХАН УУС» Саха сирин тимир уустарын сүрүн түһүлгэтигэр эрэ сыл ахсын Госдума депутата Федот Тумусов, Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Сахамин Афанасьев, саха тустуутун сулуһа Василий Стручков-Абый Бааскатын, блогертан миниистири солбуйааччыга тиийэ үүммүт Георгий Андреев, предприматель Семен Оготоев, РФ үтүөлээх артыыһа Петр Баснаев, “Кыым” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Иван Гаврильев, “Бичик” кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Егоров, о.д.а. курдук олоххо, политикаҕа, культураҕа ураты суоллаах-иистээх аныгы кэм бэлиэ боотурдарын көрсүөххэ сөп. Итиннэ сыллата тимир уустарын тэрээһиннэрин көрө чугастааҕы улуустартан киирэр булчут, балыксыт, сылгыһыт, тутааччы идэлээх дьону эптэххэ саха омук дьиҥнээх эр дьоно түмсэр “брутал” түһүлгэтинэн «ДАРХАН УУС» түһүлгэ буолар.
«ДАРХАН УУС» Саха сирин тимир уустарын XI сүрүн түһүлгэтин түмүгэ:
«Бастыҥ ас быһаҕа»
(58 кыттааччы)
«Уус-уран оҥоһуулаах быһах»
(17 кыттааччы)
«Бастыҥ булт быһаҕа»
(61 кыттааччы)
Үс көрүҥ түмүгүнэн «Мандар Уус бирииһин» кыайыылааҕа – Сергей Тарабукин (Таатта)