Новости
Үөдүгэйгэ “ЧЫЫЧААХ” маҕаһыын арылынна
24 октября 2017

Алтынньы 20 күнүгэр Үөдүгэй нэһилиэгин килбэйэр киинигэр саҥа, иһиттэн-таһыттан тупсаҕай көрүҥнээх, сахалыы тыыннаах, киһи кулгааҕын манньытар “Чыычаах” маҕаһыын аанын тэлэччи арыйда. Маҕаһыын хаһаайкатынан Маргарита Васильевна Герасимова (Кашлакова) буолар. Кини өр кэм “Рита” маҕаһыыны үлэлэтэн кэллэ. Саҥа маҕаһыыҥҥа бородуукта уонна хаһаайыстыбаннай табаардар  атыыланаллар.

“Чыычаах” маҕаһыын арыллар сиэригэр-туомугар ытык киһибит Кирилл Никонович Никифоров кыттыыны ылла. Кини маҕаһыын элбэх атыылаһааччылаах, уйгулаах-быйаҥнаах буоларын туһугар алгыс ыытта, сири-уоту алаадьынан, кымыһынан күндүлээтэ. Маргарита Васильевна хас биирдии ыалдьыты үөрэ-көтө көрүстэ, ону кытта маҕаһыын аттыгар олорор элбэх оҕолоох ыалларыгар, эрэллээх атыылаһааччыларыгар сэмэй бэлэхтэри туттартаата.

Дьокуускай куораттан тутааччылар (прораб Николай Николаевич Николаев) кэлэн, маҕаһыыны кылгас кэм иһигэр туттулар. Инники аан тимиринэн киэргэлин Дүллүкүттэн төрүттээх тимир ууһа Николай Михайлов салайааччы баҕатын учуоттаан оҥорбута.

Салгыы Маргарита Васильевна санаатын үллэстэр: — Мин үөрүүбүн кэлэн үллэстибиттэригэр муҥура суох махтанабын. Аҕам, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Василий Тарасович Кашлаков таптал аатынан маҕаһыыммын “Чыычаах” диэн ахтарбын-суохтуурбун бэлиэтээн туран ааттаатым, үйэтиттим. Үөдүгэйим тупсарын туһугар сахалыы дууһалаах маҕаһыын туттум, биир дойдулаахтарым миигин кытта тэҥҥэ үөрэллэрэ буолуо диэн эрэнэбин.

Миигин атахпар туруорбут, байыппыт маҕаһыыммын “Ритабын” ханна да гыммаппын, өссө тупсарар, өрөмүөннүүр баҕалаахпын. Инникитин да элбэх былаан баар.

Миэхэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолбут күндү дьоммор Үөдүгэй баһылыгар Валерий Васильевич Васильевка, саҥаспар Анастасия Михайловна Кашлаковаҕа, бииргэ үөрэммит табаарыспар Василий Сысоевич Тумусовка махталбын тиэрдэбин! Биһиги маҕаһыыммытыгар кэлэн ыалдьыттаан!

Источник: Екатерина Николаева, представитель Центра поддержки предпринимательства в Верхневилюйском улусе