Бүгүн улууспут киинигэр үгэскэ кубулуйбут «Идэһэ» дьаарбаҥкаҕа дьон-сэргэ хотоҕолуу муһунна. Манна улууспут 20-чэ тэриллиилээх хаһаайыстыбата, урбаанньыттара, кэтэх хаһаайыстыбалаахтара ынах сүөһү этин дэлэйдик атыылаатылар. Убаһа, ынах этэ киилэтэ 750-800 солкуобайга турда. Эти таһынан Дүпсүн арыытыттан саҕалаан килиэп аһытыытыгар тиийэ уонна астаммыт ас эгэлгэтэ атыыланна.
Холобур, Баатаҕайга сылгы баазалаах Иван Сивцев Үөһээ Дьааҥыттан аҕалан ииппит саха сылгыларыттан 10 убаһаны аҕалалбыт. Бастакы төрүөх диэтэххэ, биир убаһа буута 20 киилэттэн тахсар эбит. Сир аһын Тиит Арыыттан Тамара Тарабукина өлгөмнүк аҕалбыт.
Быйылгы дьаарбаҥка биир сонун көстүүтүнэн дегустация буолла. Ол курдук, Александра Черкашина салайааччылаах эмтээх үүнээйилэри хомуйар «Чэгиэн» түмсүү араас оттон утахтары уонна «Томтор» тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорор-батарар кэпэрэтиип, Найахы, Суотту агро хайысхалаах оскуолалара бэйэлэрин бородууксуйаларыттан кэлбит дьоҥҥо амсатан, хайдах оҥоһулларын, туохха туһалыырын кэпсээн-ипсээн үллэһиннилэр. Суотту оскуолатын үлэһиттэрэ оҕуруот аһын куурдан-хатаран оҥорбут тумаларын кутан, минньигэс итии миининэн күндүлээтилэр. Ону сэргэ сымыыт, индюк этэ, ис үөрэтэ, хаан, быар, сублимационнай борщ атыылаатылар. Оттон Найахы оскуолата эттэн араас полуфабрикаттары оҥорор буолбута кэрэхсэннэ.
Мария АРГУНОВА
Ольга Шепелева, Мария Аргунова хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Источник