Сотору биир дойдулаахтарбытын, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын көрсө улуустан делегация айанныыр. Онуоха билигин баһыылка хомуйуута, мал мунньуута түмүктэнэн эрэр.
Олохтоох урбаанньыт Дмитрий Аргунов хаһыс да сылын бэлэм эти сыаҕар бэйэтэ эрбэтэн, тууһаан, ыыһаан бэлэмниир. Бу да сырыыга Намнааҕы техникум устудьуоннарын кытта эти астаан бэлэмнээтилэр. Устудьуоннар практическай уруок быһыытынан көмөлөһөллөр даҕаны, уопутураллар даҕаны.
Ыыһаммыт эти анал оһохтон таһааран сойутан баран, ас пленкатынан суулаан тоҥороллор. Дмитрий Дмитриевич кэпсииринэн, ордук убаһа этэ бэркэ сатанар эбит. кырдьаҕас сылгы этэ арыый да кытаанах, хатан хаалар диир. Бу үлэни көмө бэрээдэгинэн оҥорон биэрэр, ону таһынан буойуттар дьоно истиһэн, бэйэлэр эти аҕалан ыыһаталлар эбит. Онон, уолаттар бэйэлэрэ даҕаны, төрөппүттэрэ даҕаны олус махтаналлар диэн санаатын үөрэ-көтө үллэстэр.
Сотору кэминэн ыыһаммыт сибиэһэй эти уолаттарбыт амсайан күүстэрэ-уохтара эбиллэн, санаалара бөҕөргүө, ахтылҕаннара тахсыа диэн эрэнэбит. Төрөөбүт дойдуларын аһа туохтааҕар да күндү уонна минньигэс буоллаҕа.