Новости
БЭСТЭЭХ ХАҺААЙЫСТЫБАТЫГАР САЙЫҤҤЫ ТҮБҮК САҔАЛАННА
4 июня 2020

Эдьигээн оройуонун Бэстээҕэр урбаанньыт Петр Докторов хаһаайыстыбатыгар саха ынаҕын иитэр. Сүөһүлэр күөххэ этэҥҥэ үктэнэн, таһырдьа мэччийэр буоллулар. Быйыл саас Иркутскай куораттан от пресстиир массыына тиэйэн аҕалбыттара.

Быйыл Бэстээх хаһаайыстыбатыгар түөрт ынахтара төрүөх биэрдилэр, ол гынан баран онтон иккитэ сатаммата. Инньэ гынан икки эрэ ньирэйи тутан хааллылар. Билиҥҥи туругунан кыралыын-улаханныын 18 ынах сүөһүнү тутан тураллар.

Оттон хаһаайыстыбаларыгар үлэ-хамнас кэминэн бара турар. Саас өссө массыына суола сабыллыан эрэ аҕай иннинэ Петр Петрович Баахынайга Владимир Николаев хаһаайыстыбатыттан борооску оҕуһу атастаһан кэлбитэ. Ол оннугар бэстээхтэр тыһы ньирэйи биэрбиттэрэ. Ааспыт сылга Петр Докторов бу хаһаайыстыбаны илиитигэр ылыан иннинэ социальнай хантыраак дуогабарын түһэрсибитэ. Ол харчытынан от пресстиир массыына сакаастаабыта, саас тиийэн кэлбитэ. Массыыналарын боруобалаан, далларыгар баар отторун барытын итинник ньыманан түүктээн кэбистилэр. “Оту маннык дьаһайар табыгастаах, ыһыллыбат эбит. Сүгэргэ-көтөҕөргө да үчүгэй”, – диэн хаһаайын биһирээтэ. Аны сайыҥҥы отторун хайдах харайабыт диэн уустугурдубат буоллулар.

“Сайыны быһа сүөһүбүтүгэр анаан оттуохпут. Ааспыт сыллааҕы оппутунан кыстыгы этэҥҥэ туораатыбыт. Итиэннэ хаһаайыстыбатын хаҥатаары быйыл 30 төбө кууруссаны ыларга сайаапка түһэрбиппит. Аны онтубут бу коронавирус ыарыынан сибээстээн хайдах, хаһан тиэллэн кэлэрэ уустук быһыылаах”, – диэн Петр Докторов сайыҥҥы былаанын туһунан санаатын үллэстэр.

Автор: Мария Аполлонова