Бэҕэһээ, алтынньы 19 күнүгэр, уон иккис төгүлүн тэриллэн ыытыллар бастыҥ торт уонна килиэп астааччыны быһаарар аһаҕас күөн-күрэс Аллараа Бэстээх култуура киинигэр ыытылынна. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Манна Аллараа Бэстээхтэн, Майаттан, Хаптаҕайтан, Чыамайыкыттан, Ленскэй куораттан уопсайа 18 кыттааччы кэлэн бурдук ас арааһын көрдөрүүгэ, атыыга туруордулар.
Үгэскэ кубулуйбут күрэх улууспут бастакы пекарнятын килиэп астааччытын, Аҕа дойду сэриитин уонна үлэ бэтэрээнин, СССР потребкооперация туйгунун, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕун Дмитрий Афанасьевич Лукин төрөөбүтэ 110 сылыгар уонна улууспутугар маҥнайгы пекарня төрүттэммитэ 91 сылыгар ананна.
Тэрээһини Дмитрий Лукин төрөппүт кыыһа Мария Дмитриевна, улуустааҕы «Бизнес-инкубатор», «Мой бизнес» киин тэрийдилэр. Күрэҕи Анна Павлова уонна Степан Копырин иилээн-саҕалаан ыыттылар. Кэлбит бар дьону Райпо бэтэрээннэрин түмсүүтэ саха сиэринэн арыылаах алаадьынан айах туттулар.
Күрэх пекарьдар уонна кондитердар диэн икки көрүҥүнэн ыытылынна. Буһаран таһаарар ньыма, киэркэтии, оҥорор бородууксуйа арааһа, үлэҕэ кэтэр таҥас сыаналанна.
Дьүүллүүр сүбэҕэ «ЯХК» АУо лабораториятын начаалынньыга Людмила Максимова, Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж методиһа, Д.А. Лукин сиэнэ Анна Филиппова, «Бастыҥ пекарь» күрэх хас да төгүллээх кыайыылааҕа, кондитер Сардана Слепцова, бизнес-инкубатор дириэктэрэ Сергей Сергучев, «Мой бизнес» киин улуустааҕы салаатын салайааччыта Зоя Егорова үлэлээтилэр.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтарынан таҕыстылар:
«БАСТЫҤ ПЕКАРЬ» көрүҥҥэ
I миэстэ – Светлана Бурнашева (Майа)
II миэстэ – Марина Бубякина (Аллараа Бэстээх)
III миэстэ – Людмила Слепцова (Майа)
Анал ааттарга «Астанар ас арааһа» — Зоя Макарова (Аллараа Бэстээх), «Көхтөөх кыттыы» — Пелагея Никитина (Чыамайыкы), «Доруобуйаҕа туһалаах ас» — Татьяна Федорова, «Билиҥҥи кэмҥэ уһулуччу суолталаах» — Февронья Иванова (Майа) буоллулар.
«БАСТЫҤ КОНДИТЕР» көрүҥҥэ
I миэстэ – Сардана Захарова (Майа)
II миэстэ – Наталия Бойко (Аллараа Бэстээ)
III миэстэ – Альбина Барадиева (Ленскэй куорат)
«Аныгы ньыма» — Надежда Десяткина (Аллараа Бэстээх), «Ураты көстүүлээх торт» — Татьяна Казакова (Аллараа Бэстээх), «Бастыҥ кондитер» — Сардана Никифорова (Майа) буоллулар уонна анал бириис Татьяна Винокуроваҕа (Майа) туттарылынна.
Кыайыылаах тар ДНС маҕаһыынтан 20, 15, 10 тыһыынча солкуобай суумалаах туоһу суругунан наҕараадаланнылар. Ааттаммыттар «Ванилла» маҕаһыынтан, «Астык амтан» пекарняттан, Лукиннар, Васильевтар дьиэ кэргэттэриттэн сыаналаах бириистэри, өйдөбүнньүк анал бэлэхтэри туттулар. Кыттааччылар бары атыы-эргиэн түһүлгэтин көҕүлүттэн тутаннар, биир идэлээхтэрин кытта көрсөн, кэпсэтэн астыммыттарын биллэрдилэр.
Тэрийээччилэр Төҥүлү нэһилиэгин кондитерыгар, күрэх хас да төгүллээх кыайыылааҕар Сардаана Слепцоваҕа торт киэркэтиитигэр маастар-кылаас ыыппытыгар, Д.Ф. Ходулов аатынан Норуот айымньытын киинин, Г.Г. Колесов аатынан Олоҥхо дьиэтин, Аллараа Бэстээх култуура киинин кэлэктииптэригэр күрэҕи тэрийиигэ, киэркэтиигэ күүс-көмө буолбуттарыгар махтал тылларын тиэрдэллэр.