«Килиэп – барытыгар тебе» диэн мээнэ5э эппэттэр. Ханнык да кэмнэ, ханнык да куннэ килиэп барахсан биьиги сурун аспыт буолар.
Уеьээ булуу улууьугар кун бугун барыта 18 килиэп уонна булка астары онорон таьаарар орто уонна дьо5ус тэрилтэлэр бааллара биллэр. Бу куннэргэ улуус киинигэр Роспотребнадзору улэьиттэрэ килиэп уонна бурдук аьы астыыр чааьынай тэрилтэ салайааччыларын, улэьиттэрин кытта керустэ. Уеьээ Булуутээ5и «Мин докумуоннарым» биисинэс эйгэтигэр улэлиир дьону кытта улэлиир тэрилтэ салайааччыта Екатерина Васильевна НИКОЛАЕВА, эрдэттэн биллэрэр-иьитиннэрэр улэни ыытан урбаанньыттар болдьоммут чааска кэлэн улэлэригэр олус наадалаах иьитиннэриини ыллылар, интэриэьиргиир ыйытыктарын биэрдилэр.
Роспотребнадзор улэьиттэрэ, килиэби, бурдук аьы оноруу биир саамай эппиэтинэстээх улэ буоларын бэлиэтээтилэр. Бурдук аьы улэлиир дьонно ирдэбил олох кытаана5ын, бары нуорманы тутуьан астыыр наадалаа5ын тоьо5олоон эттилэр.
Ол курдук, бурдук аьынан эргинээччи, хайаан да5аны бэйэтин бородууксуйатын кэмиттэн кэмигэр анаалыска ыытыахтаа5ын, уонна ол тумугун докумоуна бэйэтигэр баар буолуохтаа5ын туьунан иьитиннэрдилэр. Былааннаммыт бэрэбиэркэ 3 сылга биирдэ, онтон былаанна киирбэтэх бэрэбиэркэ унсуу киирдэ5инэ эбэтэр сокуонна уларыйыы та5ыста5ына буолуон сеп.
Биир эмиэ улахан ирдэбилинэн сууйар-сотор малларга, туттар иьиккэ-хомуоска хас биирдиитигэр туохха анаммытын туьунан суруллубут буолуохтаах.
Атыылаьыллыбыт бородуукталар ирдэбилгэ сеп тубэьэллэрин туьунан сертификат хайаан да баар буолуохтаах. Угус предприниматель «Меркурий» программа5а баар диэнинэн мунурданаллара угустэ кестер эбит, ол эрэн ирдэбил быьыытынан ол сертификат урбаанньыкка бэчээттэммитинэн баар буолуохтаах. Онон докумуоннары барытын биир анал папка оностон септеехтук уура сылдьаргыт учугэй диэн субэлээтилэр. Туох баар ирдэбили барытын кэмигэр толорон истэххэ туох да кучумэ5эйи керсуеххут суо5а диэн мэктиэлээтилэр.
Маны сэргэ, кулун тутар 19 кунугэр кунус 12 чаастан «Аьа5ас аан куннэрэ» буолалларын иьитиннэрдилэр. Манна предпринимателлэр биирдиилээн киирэн баар кыьал5аларын уллэстиэхтэрин, туохха мунааралларын ыйтыахтарын, субэлэтиэхтэрин сеп.
ГАУ РС(Я) «Центр «Мой бизнес»