Новости
Амарах санаалаах урбаанньыт аҕа саастаахтарга бэлэхтэрин туттарда
10 января 2023

Урбаанньыт Эдуард Михайлов Ороһооспо күнүнэн Амма Наахара аҕа саастаахтарыгар иккис сылын бэлэх оҥорор.

Быйыл урбаанньыт Эдуард Михайлов дьиэ кэргэнин кытта тапталлаах нэһилиэгэр 10 ыалыгар соһуччу бэлэҕин кэрийэн туттарда. Былырыын бэлэҕин соҕотох ийэлэргэ оҥорбута. 

Эдуард Егорович 6 уол оҕолоох Күннэй Егоровна, Егор Эдуардович Михайловтар улахан уоллара, «Өнтө» турбаза салайааччыта. Кэргэнэ Айыына Николаевна олохтоох дьаһалтаҕа бухгалтерынан үлэлиир. Кыракый уолчааннара «Дуораанчык» уһуйаан иитиллээччитэ. Ыал улахан оҕото буолан Эдик сатаабата суох. Төрөппүттэригэр тутаах киһи ханнык да үлэттэн толлон турбат. Бырааттарын бэйэтин холобурунан илдьэ сылдьан элбэххэ үөрэтэр.

Бу Саҥа дьыл алыптаах күннэригэр Михайловтар бэлэхтэрэ 10 ыалга үөрүү кыымын саҕан сылаас мичээри бэлэхтээбитэ саарбаҕа суох. Бар дьоно махтал бастыҥ тылларын, итии истиҥ эҕэрдэлэрин тиэрдэн, үтүөҕүт үтүөнэн эргилиннин диэн алгыстара эдэркээн Айыына, Эдуард Михайловтарга үлэҕитигэр-хамнаскытыгар ситиһиилэри аҕаллын, сылааһынан сыдьаайдын!

Источник