Войти Регистрация
Новости
Алтаҥҥа саҥа хотон үлэҕэ киирдэ
9 октября 2026

Алтан нэһилиэгэр Константин Сутаков баһылыктаах бааһынай хаһаайыстыба быйылгы улууска биллэриллибит Тыа хаһаайыстыбатын сылын өр күүтүүлээх, туруорсуулаах хотонун тутан көрүстэ. Кыстыгы көрсө  хотон үлэҕэ киллэрэр кэрэ бэлиэ түгэнэ бүгүн ыытылынна. Эбийэк улуус дьаһалтатын уонна Алтан нэһилиэгин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар көрөр бырагыраамаларын көмөтүнэн олоххо киирдэ.


Күһүҥҥү хараҥа былыттар күрэнэн, нэһилиэккэ тыа хаһаайыстыбатын саҥа эбийиэгэ киирэрин уруйдаан халлаан ып ыраас чаҕылхай күнүнэн айхаллаата.  Алтан нэһилиэгэр аһыллыбыт саҥа хотон быйылгы сылга  үлэҕэ киирэр былааннаммыт хотоннортон биир бастакылара буолла. Өр күүтүүлээх хотон арыллыыта сахалыы сиэринэн аал уот оттуллан, алгыс тылынан арчылааһынтан саҕаланна. Хаһаайыннар  кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан айах туттулар. Онтон бука бары сырдык баҕа санааларын түмэн, этэн туран ситии быаҕа салама баайдылар. Эбийиэк арыллыбыт бэлиэтинэн аалай лиэнтэ быһылынна, уруй-айхал этилиннэ.

Дьэ бу кэнниттэн хаһаайын Константин Сутаков хороҕор муостааҕын, онтон кэргэнэ Светлана Балбаарыска диэн козаны сиэтэн кыстыыр сирдэрин булларан, сиэри ситэрдилэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Амма улууһун баһылыгын э.т. Виктор Смирников, улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов, Амма улууһун бааһынай хаһаайыстыбаларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александра Цыпандина уонна Алтан нэһилиэгин баһылыга Николай Карамзин кыттыыны ылан элбэх оҕолоох Светлана уонна Константин үөрүүлэрин үллэһиннилэр, эҕэрдэ тылларын тириэртилэр. Итини таһынан улахан баҕа санаа олоххо киирбитинэн биир дойдулаахтарын өр кэмҥэ ыанньыксыттаабыт, бэтэринээрдээбит ытык дьон ааттарыттан Елена Романова эҕэрдэлээтэ, баҕа санаа бастыҥын анаата.

Бу күн хотон киириитигэр күүс-көмө, үлэлэспит, сүүрбүт-көппүт дьону бэлиэтээтилэр. Ол курдук улуус баһылыгын Эҕэрдэ  суругун Константин Сутаков, Махтал суругун Константин Неустроев, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын Эҕэрдэ суругунан Константин Сутаков, Махтал суругунан ГУП ОДЬКХ Алтаннааҕы филиалын хочуолунайын машинистара  Артур Попов, Василий Ильин наҕараадаланнылар. Маны сэргэ Алтан нэһилиэгэ эмиэ үлэлэспит дьону бэлиэтээн Махтал суруктарын туттарда.

“Биһиги өссө уон сыллааҕыта “Дьиэ кэргэн” Гранын ылан турабыт. Ол кэмҥэ эргэ арочнай хотоҥҥо турбуппут. 2012  сыллаахха ыал буоларбытыгар 2 ынахтаах этибит. Онтубутун улаатыннаран билигин 70-ча төбөлөөхпүт. Онон саҥа аныгылыы сырдык, киэҥ-куоҥ хотон туттар  баҕабыт олоххо киирбититтэн үөрэбит. Бу хотоммутугар батабыт. Өр сыл туруорсан, улууспут 1 мөл солкуобайы, олохтоох дьаһалтабыт 500 000 солкуобайы биэрэн уонна бэйэбит харчыбытынан бу хотоммутун тутан үлэҕэ киллэрдибит. Тутуута үксэ субуотунньугунан барда диэххэ сөп.  Эдэр ыччаттар, тэрилтэлэр, аймах-билэ дьоммут бары  күүс-көмө буолбуттара. Кинилэргэ махталбыт улахан. Үлэһиппит суох, барытыгар бэйэбит сылдьабыт. 70 төбөттөн 30-чата ыанар ынах. Ону билиҥҥитэ илиибитинэн ыыбыт. Сайын үүт туттардыбыт. Былаан өссө туола илик.  Кыстыкпытын саҥа хотоҥҥо көрсөн, өссө салгыы сайдыахпыт, кэҥиэхпит диэн баҕа санаалаахпыт”, — диэн тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үлэлэһэ сылдьар хорсун санаалаах эдэр дьон Светланалаах Константин санааларын үллэстэллэр.

Элбэх оҕолоох эдэр ыал бу курдук ыараханнартан чаҕыйбакка, өр кэмҥэ дьаныһан туран аныгы матырыйаалынан тутуллубут саҥа хотоннорун киллэрэн үөрүүлэрэ улахан. Санааларын тириэрдибит салайааччылар кинилэр атын эдэр дьоҥҥо холобур буолалларын, салгыы бу курдук хороҕор муостааҕы иитэн, үүтү-эти дэлэтиигэ үлэлэһэ туралларыгар баҕардылар.

Сиһилии бу бэлиэ түгэн туһунан хаһыаппытыгар суруйуохпут. Суруллубут суоруллубат. Хаһыакка сурутун, ааҕын.

Источник