Бэйэ дьыалатын арыйарга үлэлиир дьоҥҥо РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйүүр араас судаарыстыбаннай көмөлөр бааллар. Ол бырагырааманы, бэйэ дьыалатын арыныан баҕалаах дьон, биһиги улууспутугар табыгастаахтык туһаналлар.
Аан дойду дьахталларын күнүгэр анаан-минээн Кириэс Халдьаайыттан урбаан эйгэтигэр үлэлиир Татьяна Атаковалыын кэпсэттибит.
— Татьяна, бастатан туран, ааспыт Аан дойду дьахталларын күнүнэн эрэдээксийэ кэлэктиибин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Бэйэҥ тускунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэххэ…
— Мин төрөөбүт оҕо сааһым ааспыт сирэ Кириэс Халдьаайы буолар. Аҕам Семен Васильевич СӨ Үтүөлээх энергетига, Кириэс Халдьаайыга старшай маастарынан 40-ча сыл үлэлээбитэ. Билигин пенсияҕа олорор. Ийэм Сардаана Семеновна товаровед идэлээх, урбаанынан дьарыктанар. Бииргэ төрөөбүт түөрпүт. Мин ыал улахан оҕото буолабын. Атыттар бары куоракка олороллор, үлэлииллэр. 2005 с. оскуоланы бүтэрээт сибээс уонна энергетика кэллиэһигэр «Электроснабжение» идэтигэр үөрэммитим. Ол кэннэ кэтэхтэн ХИФУ Энергетика институтун бүтэрбитим. Үөрэхпин бүтэрээт, куоракка ЯкутскЭнерго хампаанньаҕа аҕыс сыл инженеринэн үлэлээбитим. Кэлин наар биир тэтимнээх үлэттэн сылайан, олохпор туох эрэ саҥаны, уларыйыыны киллэриэхпин баҕарбытым. Онон 2018 сыллаахха, бэйэм баҕабынан, үлэлээн бүппүтүм.
— Оҕо сылдьан улаатан туох идэлээх буолуоххун баҕарар этигиний?
— Оскуоланы бүтэрэрбэр нуучча тыла уонна литература учууталын идэтигэр үөрэниэм дии саныырым, ол эрээри аҕам туйаҕын хатаран, энергетик үөрэҕэр ыыппыттара. Баһылаабыт идэбин олох кэмсиммэппин, үлэтэ да үчүгэй уонна интэриэһинэй этэ. Үлэлээбитим тухары уопсастабыннай тэрилтэ актыбыыһа, лидер этим.
— Хаһааҥҥыттан урбаанньыт дьыалатыгар ылсыбыккытый?
— Үлэбиттэн уурайан баран, дьэ улахан толкуйга түспүтүм. «Тугунан дьарыктаммыт, тугу гыммыт киһи»,- диэн. Хаһан даҕаны бизнес эйгэтигэр сыстыбатах, атыыһыттаабатах киһи буоллаҕым. Интернет, ютуб нөҥүө көҕүлүүр видеолары көрөр этим. Онно араас идея бөҕө киирэрэ. Ол сыл сайын сынньана, сайылыы диэн дойдулаабытым. Бу кэлэн, дэриэбинэҕэ өйдөөн көрбүтүм: куоракка курдук киһи сакаастаан сиэх ураты астара ончу суох эбит. Сушины бэйэм наһаа сөбүлүүр буоламмын, бэйэм астаммытым ордук диэммин 2018 сыл кыһыныгар суши астыыр маастарга үөрэммитим. Дьиэбэр бэйэм кыралаан астыыр буолбутум. Онон суши атыылаан көрөр санаа киирэн, дьоммуттан харчы иэс ылан саҕалыырга санаммытым. Бу харчыбынан куораттан бородуукта ылларан, дэриэбинэбэр биллэрии бырахпытым. Күҥҥэ биирдии, иккилии сакаас киирэн барбыта. Бастакы саҕалыырбар долгуйуу ханна барыай? Дьон кэлин истиһэн, сонун ас буолан, сакаас киирэн барбыта. Дьэ, манна харчы син хамсыыр эбит дии санаабытым. Онон 2019 сыл күһүнүттэн маастар кылаастарга үөрэнэммин бургер, фри, пицца эбии астыыр буолбутум. Бу сылдьан ыал буолан, икки оҕо утуу-субуу төрөөбүтэ. 2021 с. социальнай хантараагынан 250 тыһ ыламмыт үлэбитин хаҥаппыппыт. Бу курдук көмө харчы ыламмыт, астыырга оборудование атыылаһан, «дьарыктаах буолуу» учуотугар туран, үлэбит саҕаламмыта. Ол быыһыгар оҕоҕо олорбутум. Кэргэним күүс-көмө өйөбүл буолара. Өйдүүр-өйүүр чугас дьонноох буоллахха ылсыбыт дьыалаҥ аа-дьуо сатанан, табыллан иһэр. Кэлин эбии сууйар пылесос атыылаһаммыт дьоҥҥо дьыбаан, орон сууйар этибит. Ону таһынан, гелевэй шариктарынан дьарыктаммыппыт. Эмиэ олус наадалаах, интэриэһинэй үлэ этэ.
2023 с. дьиэ туттан, бородуукта маҕаһыына арыммыппыт сылтан ордук буолла. Сушибытын, шариктарбытын үлэлэтэ сылдьабыт. Кириэскэ маҕаһыын элбэх буолан, конкуренция үрдүк.
— Ханнык өйөбүлүнэн туһаммыккыный? Бастаан арынар киһиэхэ туох ыарахаттары көрсүбүккүнүй?
— Биһиги саамай өйүүр, көмөлөһөр, сүбэлиир-амалыыр киһибит ийэм Сардаана Семеновна буолар. Кини эмиэ — үйэтин тухары атыыһыттаан, урбаанньыттаан, таксистаан сылдьыбыт киһи. Биһигини уруккаттан бизнес тэринэн, харчылаһыҥ диэн этэрэ. Ол эрэн ону улахаҥҥа уурбат этибит.
Ханнык баҕарар дьыаланы арынарга, бастатан туран, харчы наада. Харчылаах буоллахха тугу баҕарар арыныахха, эргитиэххэ сөп. Сүрүнэ, үчүгэйдик толкуйдаан, анаалыстаан, сүрэҕэлдьээбэккэ үлэлээтээххэ барыта табыллар эбит. Киһиэхэ баҕа уонна идея эрэ баар буолуон наада.
— Эһиги санааҕытыгар, бэйэ дьарыктаах буолуу туох үчүгэй өрүттэрдээҕий уонна туох ыарахаттар баалларый?
— Үчүгэй өрүтэ, мин саныахпар, элбэх курдук. Сүрүнэ бириэмэни сөпкө туттуохха наада. Бэйэҥ санаабыт хайысхаҕынан дьарыктаныаххын, харчыны төһө баҕарар улаатыннарыаххын сөп. Элбэх интэриэһинэй дьону кытта билсэҕин. Уонна дьарыктаах буоллахпытына, дьоммутугар, оҕолорбутугар үтүө холобур буолабыт. Ыарахаттар ханна баҕар бааллар, үлэни сатаан кыайарга, биллэн турар, дьулуур, түбүктээх хамсаныы ирдэнэр. Ыалдьан хааллахха үлэҥ барыта тохтуур курдук.
— Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэр эрэ. Ыал ийэтэ буоларыҥ быһыытынан ордук ханнык бүлүүдэни астыыргын сөбүлүүгүн?
— Кэргэним Владимир Сивцев Уус Алдан Найахы дэриэбинэтиттэн төрүттээх. 2019 сыллаахха ыал буолбуппут. Икки уол, биир кыыс оҕолоохпут. Биһигини кытары 11 кылааска үөрэнэр сиэн бырааппыт олорор. Ол иһин түөрт оҕону көрө олоробут. Кырдьаҕас эдьиийбит баар. Инньэ гынан, улахан дьиэ кэргэн буолабыт.
Аһыырбытын, астыырбытын сөбүлүүбүт. Ордук эттэн араас эгэлгэ бүлүүдэлэри оҥоробут.
Биир олбуор иһигэр икки ыал: биһиги уонна аттынааҕы дьиэҕэ ийэлээх аҕам олоробут. Улахан кэтэх хаһаайыстыбалаахпыт. 30-ча ынах, ону таһынан сылгы, куурусса иитэбит. Сайын улахан оҕуруот аһын олордобут. Онон, оҕолуун, улаханныын үлэ үөһүгэр сылдьабыт.
— Үлэҕититтэн быыс-арыт буллаххытына, хайдах уонна ханна сынньанаргытын сөбүлүүгүт?
— Дьиэ кэргэммин кытары айылҕаҕа тахсан, оонньоон-көрүлээн атаарарбытын ордук сөбүлүүбүт. Уус Алдаҥҥа дьоммутугар баран кэлэбит. Тас дойдуга баран сынньанабыт. Инникитин араас сири кэрийэр баҕабыт улахан.
— Урбаанньыт буолар билигин төһө барыстааҕый уонна бэйэ дьарыктаах буолуон баҕалаах дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Урут даҕаны, билигин даҕаны сөптөөхтүк толкуйдаан үлэлээтэххэ хаһан баҕарар барыстаах. Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Сүрүнэ сүрэҕэлдьээн хаалымыахха наада. Бэйэм сушины киэһээҥҥэ диэри атахпар туран астыыр этим. Бу санаатахпына, ити улахан үлэттэн тахсар. Онон, бэйэбин хайгыыбын эрэ. Астаабыт аскын атыылыырга эмиэ сүрэх наада. Ол иһин саҥа саҕалааччыларга куттаммакка, сүрэҕэлдьээбэккэ, барытын боруобалаан иһиэххэ наада диэн этэбин.
Дэриэбинэҕэ эбии дохуот арынан үлэлиир хайысха элбэх. Нэһилиэнньэҕэ ылан көрдөххө элбэх услуга тиийбэт. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ төһө кыалларынан үлэлээҥ, саҥаны толкуйдааҥ.
Инникитин маҕаһыыммытын кэҥэтэн, бэйэтигэр үлэлиир курдук оҥостубут киһи. Бэйэбит улаханнык үлэлээбэккэ инвестициялыыр курдук тэриниэхпитин баҕарабыт.
— Кэпсэтииҥ иһин махтанабын, үлэҕэр ситиһиилэри, элбэх атыылаһааччылары!
Напомним, что Центр «Мой Бизнес» оказывает широкий комплекс услуг для бизнеса в Якутии на бесплатной основе в рамках реализации национального проекта «Малое и среднее предпринимательство», который инициировал Президент России Владимир Путин.
Подробнее о мероприятиях, конкурсах, мерах государственной поддержки, выставках вы можете узнать на информационных ресурсах учреждения: Телеграм, ВКонтакте, Одноклассники, на портале Мойбизнес14.рф, а также по телефону горячей линии 8(800)100-58-80.
Мария Захарова