Новости
Амма олохтооҕо Николай Николаев кэрэ аҥаардарга үөрүүнү бэлэхтээтэ
9 марта 2022

Амма нэһилиэгэр индрайвер өҥөтүнэн дьону таһар Николай Николаев бүгүн кэрэ аҥаардарга соһуччу үөрүүнү бэлэхтээтэ. 

Болугуртан төрүттээх Амма олохтооҕо Николай Николаев бүгүн сааскы бырааһынньык күн сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри 24 сакааһы толордо. Сахалыы сэлиэччигин кэппит суоппарга 8, 16, 24 сакааһынан олорсубут айанньыттарга Надеждаҕа, Аурикаҕа сибэккилэри, Екатеринаҕа туорду бэлэхтээтэ. Николай Владимирович быыбарга, Ийэ тыл, сурук – бичик күнүгэр сахалыы таҥаһынан, оттон Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр «буденовка» бэргэһэтин кэтэн үлэлээбитин үгүс олохтоохтор бэлиэтии көрбүт буолуохтаахтар. Полиция ыстаарсай участковайынан үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыаҕыттан бэһис сылын дьону тиэйэр суоппар өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэтин сааһыгар уһун дистанцияларга, тэрилтэтинэн волейболга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, призера буолар.

«Хаһыс да сылбын дьону тиэйэбин. Ый аннараа өттүгэр 89248650227 төлөпүөн нүөмэринэн аадырыска диэри суһаллык малы-салы, докумуону тириэрдэр өҥөнү киллэрдим. Күҥҥэ уонча сакаас киирэр. Дьон ийэ тылбытын таптаатын диэн уонна саха буоларбытын санатаары сахалыы таҥнабын. Соһуччу бэлэхтэрбинэн дьону үөрдэбин, үтүөнү оҥоробун, дьон олоҕун киэргэтэбин», — диэн санаатын үллэстэр Николай Николаев.

Источник