Новости
Тыа хаhаайыстыбатын сайдыытыгар
31 января 2022

Абый улууhугар 2022 сылга 19 бааhынай-фермерскай хаhаайыстыба уонна 3 агрооскуола олохтоох бородууксуйаны онорон таhаарыыга улэлэhэллэр.Маны таhынан 113 тус комолто хаhаайыстыба баар. Бу куннээги туругунан,улууска 475 тобо ынах суоhу,ол исигэр 229 ыанар ынах,сылгы ахсаана 972,мантан биэтэ-573,таба 565,сибиинньэ 10, дьиэ которо-196.

Былырыынны кэми кытта тэннээн кордоххо ынах-суоhу ахсаана 31 тобонон элбээбит ( 107,1%),онтон сылгы 64 (107%).Хаhаайыстыбалаахтар сыл тумугунэн 100 туонна эт,398,9 туонна уут онорон таhаардылар.От саппааса 60% тэннэhэр.

Ороспуубулукэбит урдуку салайааччыта Айсен Николаев норуот дьокутааттарын иннигэр аагар угэс буолбут Анал этиитигэр урут хаhан да коруллубутэх утумэн убу тыа хаhаайыстыбатын сайдыытыгар коруохпут диэн этиитин угус дьjн сэнээрбитэ.Маныаха 2022 сылга тыа хаhаайыстыбатын сайдыытыгар 12,5 млрд солк,ол исигэр ороспуубулукэ будьуотуттэн 11,9 млрд солк,федеральнай будьуоттэн 646 мол.солк.корулуннэ.

Арктика улуустарыгар тыа хаhаайыстыбатын производствотын ойооhуннэ  государственнай бюджеттан 1 ынахха 45 тыс.солк,1 биэгэ 3 тыс солк.субвенция корулуннэ.Бэлиэтээн эттэххэ,урукку сыллартан биэгэ балтараалыы,ынахха 35 тыhыынчаны хаhаайыстыбалар ылан кэлбиттэрэ.Улаатыннарыллыбыт комо уп сылгы,ынах-суоhу иитиитигэр тоhуу куус буолуо диэн эрэнэбит.

Биллэрин курдук,ынах суоhу,сылгы иитиитэ угус убу ирдиир.Маны учуоттаан,улуус бюджетыттан 450 тыс.солкуобай тыырылынна.

Тыа хаhаайыстыбатын сайдыытыгар диэн нэhилиэк дьаhалталара бэйэлэрин бюджеттарыгар эмиэ уп кордулэр.

Онон,биhиги Ил Дархаммыт,Бырабыыталыстыбабыт тыа хаhаайыстыбатын сайдыытыгар,дьон кыhалгатын быhаччы быhаарыыга,тыа хаhаайыстыбатынан дьарыктанар дьон дохуоттаах буолууларыгар комону улаатыннарыылара уордэр эрэ.

Александра Заровняева

Хотугу кыым