Бүгүн, кулун тутар 5 күнүгэр, Ньурба килбэйэр киинигэр саҥа тутуллубут “Нюрба Молл” @nyurba_mall үөрүүлээх аһыллыытын кэмигэр атыы-кутуу дьаарбаҥката ыытылынна.
Манна сүрүннээн Ньурба улууһун Бизнес-инкубаторын @business_incubator резиденнара кытыннылар.
Ол курдук атыыга бэйэ оҥоруу полуфабрикаттар (харта, үөрэ, пельмень, фарш, кэтилиэт, халадьыас, ыһаарыга бэлэм собо), быырпах, коза үүтэ, куруппааскы сымыыта (перепелиные яйца), күөх луук, бэйэ пасекатыттан мүөт курдук саха төрүт уонна мааны аһа-үөлэ атыыга турда.
Мантан кэлин урбаанньыттар “Сделано в Нюрбе” бренд иһинэн бородууксуйаларын атыыга тиһигин быспакка таһаараллара күүтүллэр. Олохтоохторго бэйэ дьонун сүөһүтүн, оҕуруотун аһын амтана даҕаны ураты, күндү.
Александра ВАРЛАМОВА
Подробнее: ulus.media