Новости
Минньигэс килиэптээх «Сандалы»
1 декабря 2017

«Килиэп – барыга аһылык» диэн мээнэҕэ этиллибэт, ханнык да киһи килиэбэ суох сатаммат. Күннээҕи остуолбутугар бастакынан килиэп сүрүн миэстэни ылар.

Раиса Степанова 2011 сылтан бэкээринэ үлэлэтэр. Бэрт кыараҕас, эргэ дьиэтин оннугар билигин килэйбит-халайбыт саҥа бэкээринэ туттан, сахалыы «Сандалы» диэн ааттанан-суолланан күҥҥэ тыһыынчаҕа тиийэ минньигэс килиэби буһаран таһаарар. Хаһаайка этэринэн, «Сандалы» диэн бэйэтэ ааттаабыт, хас биирдии саха киһитигэр баай-талым олоҕу, дэлэй аһы-үөлү кэрэһэлиир диир.

«Сандалы» бэкээринэ 6 үлэһиттээх: үс биэкэр, үс көмөлөһөөччү. «Талан ылбыт курдук, үлэһиттэрим эдэрдэр, уопуттаахтар, бурдугу кытта «булкуһалларын» сөбүлүүр оҕолор», — диэн астына кэпсиир. Итиэннэ саҥа бэкээринэ аныгы олох ирдэбилигэр барытынан эппиэттиир гына толору хааччыллыылаах, үлэһиттэр сынньаналларыгар, аһыылларыгар аналлаах хос, душевой, килиэби харайар ыскылаат —  көрүөххэ астык.

— Урут бэйэм барытыгар сүүрэр-көтөр этим, быйылгыттан бэрт үлэһит сүрэхтээх сэбиэдиссэй кыыһы ыламмын абыранным. Килиэби анал массыынабыт бөһүөлэк маҕаһыыннарынан, Ороһу, Нам нэһилиэктэригэр тиийэ тарҕатар. Саҥа дьиэбит туох баар ирдэбилгэ эппиэттиир буолан, бэл массыына дьиэ иһинээҕи  погрузочнай хоско киирэн тыһыынчанан ахсааннаах килиэби тиэнэн тахсар гына табыгастаахтык толкуйдаан тутуннубут. Онон үлэһиттэрим итииттэн таһырдьа тахсан тоҥмоттор-хаппаттар. Биэкэр уолаттарым тутталлара-хапталлара түргэнэ, ыраастара, киһи эрэ астынар, итиэннэ эр киһи аһа минньигэс буолар дииллэрэ чахчы эбит.

Раиса Егоровна улууска биллэр-көстөр урбаанньыт дьахталлартан биирдэстэрэ. Кини улууска ыытыллар бары тэрээһиннэргэ илиитин өрө ууммутунан кыттар киһинэн ааҕыллар. Маныаха кини төрөппүт уола Егор барытыгар бары илии-атах буолан, ийэтин олус өйүүр эбит. «Уолум туппута-хаппыта, эппитэ-тыыммыта бары сүрэҕим ортотунан киирэр. Кини өйөбүлүнэн, үлэ-хамнас табыллар», — диэн ийэ махталын биллэрэр.

— Дьэ, кырдьык, бэртээхэй бэкээринэ, киирбит киһи тыа сирин бэкээринэтэ дии саныа суох, букатын куорат офиһын курдук туттан-хаптан олорор эбиккит.

— Чахчы оннук, дьон кута-сүрэ тохтуур гына оҥоһуннубут. Үлэ киһини үөрдүөхтээх, үлэттэн киһи кынаттаныахтаах. Үлэһиттэрим бэйэм курдук биир сиргэ таба олорботтор, үлэлииргэ баҕалаахтар.  Кэлэн иһэр Саҥа Дьылга номнуо бэлэмнэнэн эрэллэр, ол курдук, «Саҥа Дьыллааҕы бүлүүдэ» диэн бэйэлэрин истэригэр куонкурус ыытаары сылдьаллар.

«Инникитин, эргэ бэкээринэбит дьиэтин өрөмүөннээн, кондитерскай арынардыы тэринэбит, Саҥа дьыл иннигэр минньигэс туордунан, буулканан, бирээнньигинэн, араас бурдук аһынан бар дьоммутун күндүлүөхпүт», – диэн Раиса Степанова санаатын үллэстэр.

Источник: Екатерина Николаева, представитель Центра поддержки предпринимательства в Верхневилюйском улусе