Биһиги улууспутугар маһынан умсугутуулаахтык дьарыктанар, үлэлиир дьон-сэргэ олус элбэх, ону тэҥэ кэми-кэрдииһи кытары тэҥҥэ хардыылыыр, урбаанынан дьарыгырар предпринимателлэр аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр олохтоохторго араас өҥөлөрү оҥороллор, тус сакааһынан үлэлииллэр. Киһи дьиэтэ-уота тупсарыгар, сахалыы тыыннанарыгар быһаччы ситимнээхтэр.
Үөһээ Бүлүү олохтооҕо, предприниматель Степан Син-Хой мас ууһа. Кини идэтинэн суоппар эрээри, 30-ча сыл пилорамаҕа үлэлээбитэ, бэйэтэ этэринэн, элбэх дьоҥҥо-сэргэҕэ чааһынай дьиэ маһын эрбэтэн, оҥорон биэрбитэ. Бу сылдьан, айылҕа матырыйаалын – маһы баҕа өттүнэн үөрэтэн, ымпыгын-чымпыгын билэн маһынан дьарыктанар буолбута. Степан Романович аһыыр остуол, устуул, табуретка, орон, ыскаап арааһын, аһыыр иһит-хомуос, быһах о.д.а. туттар сэби-сэбиргэли сакааһынан оҥорор. Столярнай дьыаланан умсугуйбута 3-с сыла буолла.
«Хайдах предприниматель буоларга сананныҥ?», — диэн ыйытык биэрбиппэр, Степан Романович күлэ-үөрэ: «Соһуччу буолбутум» — диэн хоруйдаата. 2010 сыллаахха, оччотооҕу улуус предпринимательство отделын салайааччылара Раиса Степанова көҕүлээһининэн, Баайаҕаҕа Мандар Уус үөрэҕэр урбаанньыттары ыыталаары көрдөөбүт. Маныаха, дьонтон истэн, Степан Романовиһы булбуттар, ыытыахтарын предприниматель буолбатаҕын билэн, бэрт түргэнник регистрациялаабыттар. Онон, кини соһуччу предприниматель буола охсубута. «Мин тимиринэн уһанар баҕа санаалааҕым, оччолорго кыралаан саха быһахтары оҥорор этим. Мандар Уус үөрэҕэр сылдьан элбэҕи билбитим, ордук Боотур үөрэҕин сэргээбитим. Бу үөрэх уол оҕону уһанарга эрэ буолбакка, эр киһи тугу сатыырын барытын, итиэннэ киэҥ эйгэни анаарарга, дьиэ баһылыга буоларга үөрэтэр. Эр киһи күүһүн-уоҕун уулуссаҕа таһаарбакка, туһалаахха ыытарыгар, санаатынан күүстээх буоларыгар билиини биэрэр. Улууска Боотур үөрэҕин оскуола сааһыттан сайыннарыахха баара дии саныыбын. Мин үөрэтэр баҕабын таайбыт курдук, быйыл М.Т.Егоров аатынан 2-с №-дээх орто оскуола директора «Столяр» куруһуогун ыыт диэн ыҥырбытыгар, тутатына сөбүлэспитим. Онон, улахан кылаас уолаттарыгар тутуу үөрэҕин биэрэбин, кырата олоппос оҥорон таһаардахтарына миэхэ дьол буолуо. Үчүгэйэ диэн, куруһуок түмүгэр уолаттар дастабырыанньа ылыахтаахтар» — диэн санаатын үллэһиннэ. Онтон ситэрэр: «Эр киһи дьарыктаах буоллаҕына, ол-бу куһаҕан эттиккэ санаата барбат эбит. Уһаннаҕына киһи дууһата ырааһырар. Дьэ, дьикти. Ол иһин мин оҕолору уһаныы абылаҥар тардыахпын олус баҕарабын».
«Уһаныы абылаҥа» баар эбит диэн Степан Романович инники эппитин быһаарар. Кини сарсыарда ойон тураат, аһаат даҕаны, дьиэтин таһыгар турар мастерскойугар тахсан уһаммытынан барар. Дьиэтигэр аһыы эрэ киирэр. Онно-манна, Дьокуускай куоракка да сылдьар кэмигэр «Бу оннугар уһаммыт киһи баар ини…» диэн санаалар киирэллэр эбит. Кини аймахтарыгар даҕаны ыалдьыттыы тиийдэҕинэ таах сыппат, уус киһи туох суоҕун көрөн-истэн уһаммытынан барар. Ол туһунан кини маннык кэпсиир: «Киһи киһиэхэ үтүөнү оҥордоҕуна олус дуоһуйар, астынар. Киһи төһө элбэҕи биэрэр, оччону ылар дии саныыбын. Холобур, дьиэ туттарбар, мин хаһан эрэ көмөлөспүт дьонум илии-атах, күүс-көмө буолбуттарыттан олус үөрбүтүм. Үгүс үтүөнү олохпор көрсүбүт буолан, оннук оҕолорбун үөрэтэбин. Доҕору атыылаһан ылбаккын…»
Степан Романович улууска эр дьоҥҥо аналлаах куруһуоктары, тэрээһиннэри ыытыахха наада диэн баҕа санаалаах. «Улууспутугар талааннаах кэрэ аҥардарга «Иис Хотун» диэн түмсүү тэриллибитэ олус үчүгэй, маннык курдук эр дьон түмсүүлэрэ эмиэ наада. Хас биирдии эр киһи уһанары эрэ буолбакка, тоһоҕору саайарга, алдьаммыты өрөмүөннүүргэ үөрэниэхтээх дии саныыбын. Мин «Ватсап» ситимигэр тутааччылар бөлөхтөрүгэр баарбын, араас туһалаах сүбэлэрдээх «Үйэлээх тутуу» бөлөххө киирэммин дьиэ тутуннум да диэххэ сөп. Онтон көрөн, «Салгыҥҥа турар дьиэ» ньыматынан туһаммытым. Аны туран, биллэр тутааччы Василий Дьол түмпүт «Саха сирин уустара» бөлөҕөр баарбын, манна мас, тимир уустара, тутааччылар, иистэнньэҥнэр о.д.а. интэриэһинэй дьарыктаах дьон бааллар. Ааспыт сайын Дьокуускай куоракка көрсүһэн, «Саха сирин уустара» диэн суруктаах үрүҥ көмүс бэлиэни ылан кэлбитим», — диэн кэпсээн, быыһыгар, олус дьэрэкээн уруһуйдаах бэлиэни көрдөрдө. Уруһуйга саха балаҕана, хомус, кытыйа киирбитэ киэҥ суолталааҕын быһаарар.
Степан Романович кэргэнинээн Татьяна Ляминовналыын бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр дьоһун дьиэ кэргэн. Төрөппүттүүн-оҕолуун илиилэригэр талааннаах буолан, алаһа дьиэлэрэ олус ураты тыыннаах, бэйэ оҥоһуктарынан киэргэллээх. Олоҕун аргыһа кыралаан иистэнэр, кэлиҥҥи кэмҥэ сутаж ньыматынан дьарыктана сылдьар. «Биһиги 1996 сыллаахха ыал буолбуппут. Биһиэхэ, эдэр ыалга дьиэ боппуруоһа турбутугар, оччотооҕу ОДьКХ начальнига Тамара Миронова квартира көрбүтэ, ситэрэн киир диэн эппитэ. Тутуу өттүгэр тугу даҕаны билбэт эдэр уол дьиэлэнэр баҕаттан, олох үөрэтиитинэн ону-маны оҥостубуппунан барбытым. Биһиги үс оҕолоохпут, икки уоллаахпыт, соҕотох кыыстаахпыт. Улахаммыт Лямин, онтон кэлэр уол Степан, кырабыт Сайыына. Степан мин туйахпын хатарар киһи, кини бэйэтин баҕатынан уһанарын сөбүлүүр. Аан маҥнай уһанарга үөрэппит буоллахпына, билигин кини барытын бэйэтэ оҥорор буолла. Туспа суоллаах-иистээх уус буолан тахсыа диэн эрэллээхпин. Кыыспыт Сайыына таҥаска түһэрэн уонна маһы сиэтэн уруһуйдуур. Оскуола кэнниттэн дьиэ-уот дизайнера буолар баҕа санаалаах. Сиэн кыыспыт үһүн ааста, миигин кытары бииргэ мастерскойга сылдьыһар. Племянниктарым элбэхтэр, бэйэм оҕолорум курдуктар. Кинилэри төһө кыалларынан уһанарга үөрэтэбин. Биһиги Кэнтик нэһилиэгин Чап уустарыттан төрүттээхпит, ол да кэйэр быһыылаах, бырааттарым, убайым кыралаан уһаналлар».
Степан Романович инники былаана олус киэҥ. Эбии станок ылыныан баҕарар, ону тэҥэ мастерскойун кэҥэтэн, хомуйар, таҥар, лаахтыыр хостору эбэр санаалаах. Аҕа баһылык буоларын быһыытынан, тэлгэһэтигэр сайыҥҥы балаҕан, беседка туттуон баҕарар. «Киһи сатыырын барытын сатыахпын баҕарабын. Тимиринэн уһаныахпын, муос кыһыахпын баҕаран кэлэбин. Сороҕор, кэргэммин көрө-көрө баайыахпын да баҕарааччыбын. Уопсайынан «Илии кыһыйара» диэн баар эбит» — диэн Степан Романович күлэн кэбиһэр
Биһиги улууспутугар биир бастыҥ мебель оҥорооччуларынан «Сата» тэрилтэ буолар. Кинилэр дьиэ кэргэнинэн биир санаанан салайтаран үлэлииллэр, айаллар-туталлар. Таһаарыылаах үлэлэрэ 2000 сылтан саҕаламмыта, 2004 сылга ыал аҕата Александр предприниматель буолбута. Бу сылга «Сата» тэрилтэ республикатааҕы «Мебель Якутии» куонкуруска ситиһиилээхтик кыттан, «Удачный дебют» анал ааты ылбыттара. Аан маҥнай икки ярустаах орон тутан саҕалаабыттара, кэлин дьиэ иһинээҕи мебели барытын оҥорор буолбуттара. Ону тэҥэ улууска баар оҕо тэрилтэлэрин кытары ыкса ситимнээхтик үлэлииллэр. Быйыл өрүс уҥуоргу нэһилиэктэр, улуус киинин үгүс уһуйааннарыгар оҕо мебелин таҥан, тутан биэрдилэр, аныгылыы быһыылаах хомуллар ороннору оҥорон боруобалаатылар.
Тоҕо «Сата» диэн ааттаммыккытый диэн ыйытыкка, ыал ийэтэ Алена маннык хоруйдуур: «Мин Ньурба улууһуттан төрүттээхпин, Сата уустарын удьуордара буолабын. Биһиги өттүбүтүгэр илиилэригэр бары кэриэтэ талааннаахтар. Эдьиийдэрим уһаммат буоллахтарына, уруһуйдууллар, баайаллар. Ол иһин даҕаны, «Сата» диэн ааттаммыппыт, кэлин биир киһи «Дьиэ кэргэнинэн ааккыт тахсар эбит дии, Станислав, Алена, Тимур, Александр…» — диэн бэлиэтээн эппитигэр, биһиги соһуйан эрэ хаалбыппыт. Онон, биһиги ааппыт икки суолталаах буолан тахсар». Алена эмиэ олус талааннаах, кэргэнин күүппэккэ-кэтэспэккэ, мастерскойугар кэлээт даҕаны уһаммытынан барар. Аан бастаан хаһаайкаларга наадалаах дуоскалары, оттон оҕо олоппоһун оҥорон холонон көрбүтэ. Билигин маһы устуруустуур, лобзигынан туттар, фрезалыыр, кэргэнигэр илии-атах буолар. Томскайдар уолаттара Тимур уонна Станислав устудьуоннар, биирэ Удачнайга, биирэ Ньурба Маарыгар промышленнай үөрэхтэргэ үөрэнэллэр. Дьиэлэригэр кэллэхтэринэ эмиэ көмө-тирэх буолаллар, кыра үлэни толороллор.
2004 сылтан ыла «Сата» улуус үрүҥ тунах ыһыаҕар лотереяны ыытар үгэстээх. Аан бастакы ыытыллыбыт сүүйүүлээх оонньууга улахан бириискэ куукуна ыскааба турбута, маны өрүс уҥуоргу нэһилиэк олохтооҕо баартаах сүүйээччи буолан ылбыта.
«Мас үйэлээх дии саныыбын», — диэн Алена санаатын үллэстэр: «Сорох клиеннэрбит ДСП-тан мебель оҥоттороллорун сөбүлүүллэр. Биһиги «Ватсап» ситимин араас бөлөхтөрүгэр баарбыт, атын улуустары кытары сыанабытын тэҥнээн көрбүппүнэн, биһиги мебельбит удамыр сыаналаах эбит. Сороҕор атыылаһар дьон сыанабытын ыарырҕаталлар, түһэрсэ да сатааччылар бааллар. Маһынан уһанар, ылсар, билэр дьон түһэрсибэттэр. Дьиҥэр, биһиги тус сакаастары ылабыт, ким эрэ кыараҕас дьиэлээх буоллаҕына, кинилэр кээмэйдэринэн мебель оҥорон биэрэбит, клиент баҕатын толоробут. Киһи үлэтин өйдөөбөттөрүттэн сонньуйабын…»
Саталар инники былааннарыгар эбии оборудование, станок, ламинированнай ДСП-нан үлэлиир буоланнар, эбии кредиткэ киирэн матырыйаалларын ылыахтарын, Дьокуускай куораттан тутуу матырыйаалын тиэйэллэригэр сөптөөх массыына атыылаһыахтарын баҕараллар. Ону тэҥэ, Билиилээххэ улахан мастырыскыай акылаатын түһэрдилэр, эһиил туттар уонна эбии үлэһиттэри үлэлэтэр былааннаахтар. Онон, тутуу өттүгэр урбаан ымпыгын-чымпыгын билэр Саталар олус киэҥ былааннаахтар, инникигэ эрэллээхтик хардыылыылар.
Источник: Екатерина Николаева, представитель Центра поддержки предпринимательства в Верхневилюйском улусе