Новости
Өбүгэлэрин үгэhин утумнуур дьиэ кэргэн
23 августа 2017

Саха сүөhүтэ таастаах Дьааҥы сиригэр биэс үйэ анараа өттүгэр баара биллэр. Ол кэмтэн ыла Бытантай үрэҕин кытылыгар төрөөн-ууhаан, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри тиийэн кэллэҕэ.

Саха ынах-сүөhүтэ былыр-былыргыттан баччааҥҥа диэри хойуу үүттээҕинэн, минньигэс сыалаах эттээҕинэн бар дьоҥҥо хайҕаныаҕын хайҕанар. Маны таhынан тымныыга олус тулуурдаах, кыра да аhылыкка астынар, ол иhин кыhыны үчүгэйдик тулуйар, от-мас тоhуттар тохсунньу тымныытыгар да ойбонтон уулуур, оннооҕор кыра сүөhү таhырдьа аhыыр. Уhун үйэлээх, сүүрбэ сыл үчүгэй төрүөҕү биэрэр.

Портнягиннар дьиэ кэргэн 1990 сыллаахха ыал буолуохтарыттан ыла ынах-сүөhү иитиитинэн дьарыктанар буолбуттара. Кинилэр түөрт оҕо дьоллоох төрөппүттэрэ, үс сиэн тапталлаах эбээлээх эhээлэрэ. Оҕолорун атахтарыгар туруорталаан, билигин улахан хаhаайыстыба тэринэн, сүөhү, таба ииттэн, бэрт ситиhиилээхтик олороллор.

Ону биhиги ынах иитиитин, сүөhүнү иитии-аhатыы туhунан, хаhаайыстыба туох ыарахаттардааҕын туhунан ыйыталаhа дьиэлэригэр тиийдибит.

— Хаhааҥҥыттан сүөhү итиитинэн дьарыктанар буолбуккутуй?

— Ыал буолуохпутуттан ыла сүөhү ииттэбит. Аан бастаан кэргэним Спиридон Владимирович дьонуттан хаалбыт сүөhүлэрэ этэ. Онтон тыа хаhаайыстыбатын сүнньүнэн грааҥҥа киирсэн 2015 сыллаахха 1,5 млн сууммалаах грант ылбыппыт. Ол кэннэ хаhаайыстыбабыт өссө кэҥээн иккис хотон туттубуппут, эбии сүөhү ылыммыппыт.

— Граны хайдах көмүскээтигит?

— Куоракка баран үөрэммитим, ол кэннэ докумуоннары хомунан бизнес-былаан оҥорбутум. Бизнес-былааным сыала-соруга диэн саҥа хотон туттан, сүөhү ылынан ииттиэм диэн этэ.

Дьэ оннук сүүрэн-көтөн син балайда киhи быыhыгар кыттан бизнес-былааммын көмүскээн грант ылбытым.

— Хас сүөhүлээххитий?

— Урут 2 сүөhүбүтүн көрөн-истэн олорбуппут, билигин 40-ча сүөhү баар. Онтон ыанар ынаҕа 15. Бэйэбит чааhынай оҕуспут суох.

— Сүөhү хас сааhыттан төрүүр, үүт-ас биэрэр буоларый?

— 3 саастарыттан төрүүллэр. Эрдэлээтэхтэринэ 2 саастарыгар төрүүллэр. Биhиэннэрэ бары үстэригэр төрөөн сылдьаллар. Бастакы сыл торбоhун эрэ аhатар. Онтон дьэ иккистээн төрөөтөҕүнэ үүтэ үчүгэй буолар.

— Быйыл ньирэй төрөөhүнэ хайдаҕый?

— Быйыл 30 %-на төрөөбөтө, 70 %-нын ыллыбыт диэххэ сөп. 11 торбос баар.  Саамай улахан ньирэйбит үс ыйдаах, сорохтор бары балтараа ыйдаахтар. Ынах-сүөhү элбээн, от үлэтин кэнниттэн хотоммутун улаатыннарыа этибит диэн баҕа санаа баар.

үүт-ас атыылыыгыт дуо?

-Биhиги үүтү ыан нэhилиэнньэҕэ сүөгэйдээн, суораттаан атыылыыбыт. Сүөгэй киилэтэ 1200 солкуобай, суорат 250 солкуобай. Дьон күн аайы ылар, барыта үчүгэйдик бара турар.

— Ынаххыт аhа-ото барыта кыаллар дуо?

— Астара баар, ас өттүнэн үчүгэйдик хааччыллан олоробут диэххэ сөп. УСХ-лар саас комбикорм аҕалан биэрбиттэрэ. Отунан хаhаанан күhүҥҥүгэ уонна сайын торбостору аhатарга бэлэммит.

— Күҥҥэ сүөhүнү хаста аhатаҕытый?

— Кыhыҥҥы өттүгэр күҥҥэ үстэ аhатабыт. Сайын бэйэлэрэ сылдьаллар. Ыанар күннэригэр үүтү, кобмикорманы, килиэп хоруоскатын буулаан сиэтэбит.

— Сарсыарда-киэhээ хас чааска ыыгыт?

— Сарсыарда сэттэ диэки тахсан сылгылаан аҕалан, эбиэккэ дылы хотоҥҥо сылдьабыт. Онтон киэhээҥҥи ыамнарыгар дылы ыытан кэбиhэбит.

— Ынахтан ураты өссө тугу ииттэҕит?

— Ынахтан ураты биhиэхэ түөрт сылгылаахпыт уонна аҕыйах табалаахпыт, үс биэ уонна биир атыыр. Эhээбитигэр өссө биэс биэлээх, ону эмиэ көрсөбүт. Аhа барыта баар. УСХ-лар эбиэс биэрбиттэрэ.

— Бэтэринээрдэр өҥөлөрүнэн туhанаҕыт дуо?

— Бэтэринээрдэри сүөhүлэрбит ыарыйдахтарына ыҥырабыт. Бэйэлэрэ кэлэн кыhын уонна саас хаанныыллар. Ону тэҥэ хотонтон саас тахсалларыгар, күhүн киирэллэригэр уонна кыhын мөлтөөрү гыннахтарына ыҥыран укуоллатабыт. Сылгыларбытыгар эмтэрин бэйэбит куораттан ылабыт.

— Төhө сыаналаах эбитий бэтэринээрдэр өҥөлөрө?

— Төлөбүрдэрэ нэhилиэнньэҕэ сөп дии саныыбын. Быйыл биhиги сүөhүлэрбитин 8 тыhыынча иhигэр үчүгэйдик көрдүлэр.

— Ынах-сүөhү ииттэр төhө сылаалааҕый?

— Сүөhү ииттэргэ бэрт сылаалаах. Биир да өрөбүл да, бырааhынньык да суох. Ыалдьар да быраабын суох, бу бэйэлээх кырачаан кыыллар маҥырыахтара-ытыахтара диэн тахса тураҕын. Бэйэтин кэминэн үөрэнэн хаалаҕын. Сүөhүгэ киhи сыстар эбит. Ынахтарбыт бары ааттаахтар-суоллаахтар. Ньирэйдэрбит кыратык улааппыттарын кэннэ эмиэ аат биэриэхпит.

— От үлэтигэр бэлэмҥит дуо?

— От үлэтигэр бэлэммит диэххэ сөп. Тыраахтарбытын өрөмүөннэнэн, уматыкпытын хаhаанан, тэрилбитин сааhылаан, бу ый ортото тахсаары син дьаhанан эрэбит диэххэ сөп.

— От бириэмэтигэр туох кыhалҕалары көрсөҕүтүй?

— От бириэмэтигэр кыhалҕа диэн — оттуур сир суох диэххэ сөп. Биhиги бэйэбит баран сир булунан оттуубут. Сайабылыанньа биэрбиппит иккис сыла буолла. Икки өттүгэр биэрбиппит — хайата да быhаарыллыбакка турар.

— Атын дьиэ кыылын ииттэр баҕа санаа баар дуо?

— Сибиинньэ ииттибит киhи диэн баҕа санаа баар. Сибиинньэ манна биhиги улууспутугар ииттибэттэр, тарҕаппаттар диэххэ сөп. Дьон син ылан ииттиэ эбиттэр быhылаах. Биhиэхэ манна сэппэрээтэр үүтэ ордон хаалар, ону ынахпытыгар бэйэлэригэр иhэрдэбит. Ол иhин сибинньэлээхпит эбитэ буоллар, үчүгэй буолуо этэ дии саныыбыт.

— Ынах иитиитэ кэҥии турарыгар тугу гыныахха наада дии саныыгытый?

— Эдэр дьон ынах-сүөhү иитиитинэн дьарыгырдаҕына таhаарылаах буолуо этэ. Бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөhөн интэриэс тардыа этилэр. Холобур, биир улахан төрүөх ынахха 30 тыhынча көрүллэр. Бу кыраларага эмиэ туох эмит көрүллэрэ буоллар ыччаттар эмиэ ылыныа этилэр дии саныыбыт. Билигин саха сүөhүтүн интэриэhиргиир буолан эрэллэр, сороҕор ыйыталлар даҕаны атыылыыгыт дуо диэн.

— Нэhилиэнньэ олохтоохторугар, саҥа ынах-сүөhү ииттэн эрэр дьоҥҥо баҕа санааҕыт.

— Ыалдьымаҥ, дьоллоох, эйэ-дэмнээх ыал буолуҥ, үлэттэн хаhан да толлумаҥ, элбэх сүөhүлээх буоллаххытына таhаарыыгыт элбэх буолуо.  Чөл олоҕу тутуhуҥ, бэйэ-бэйэҕитин убаастааҥ, үрдүккэ талаhыҥ, үчүгэйи эрэ санааҥ, хас биирдии бэйэҕитигэр көмө, сүбэ буола сылдьыҥ.

Дьэ бу курдук саха ынаҕа элбээн иhэрэ буоллар биhиги улууспутугар элбэх да үчүгэйи аҕалыа этэ. Ынах-сүөhү ииттиэх баҕалаах дьон — олох толлумаҥ, барытын сымсатык оҥостон, тэринэн иhиҥ.

Портнягиннар дьиэ кэргэҥҥэ уонна туох баар саха ынаҕын иитэ-аhата олорор дьоҥҥо баҕарабыт доруобуйаны, хаhаайыстыбаҕыт кэҥээн-хаҥаан истин, от дьыалата кыаллыннын, ыарахаттары бары бииргэ сомоҕо буолан кыайыҥ. Саха ынаҕын кэлин да ааттата, биллэрэ туруҥ.

 

Автор: Надежда УМАНОВА