Чурапчы улууһугар туруу үлэһит, уһулуччу талааннаах дьон элбэх. Кинилэр ортолоругар биир оннук киһи, биир дойдулаахпыт, улууска 90-с сылларга маҥнайгынан патеннаммыт урбаанньыт, оройуоҥҥа бастаан “Пейджер” сибээс киирэрин, спутниковай антенна установкатын, такси сулууспатын тэрийбит, чааһынай бэкээринэ аһынан үлэлэппит, саҥа тиэхиньикэ көрүҥүн эт илиитинэн таҥан оҥорор киһинэн Иннокентий Николаевич Новгородовы ааттаатахпытына, бука, сыыспаппыт буолуо.
Биир киһи маны барытын соҕотоҕун олоххо киллэрэн үлэлэппитин истэн сөҕө санаатым. Чааһынай предприниматель Иннокентий Николаевич бэрт эдэр сааһыттан тиэхиньикэ оҥоруутугар сыстыбытын, соҕуруу үөрэнэ сылдьан араас саҥалыы технология сайдыытын, тыа сирэ олох хаамыытын кытары тэҥҥэ хардыылаан иннин диэки сайда турарын туһугар күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы сылдьарын бэрт умсугутуулаахтык кэпсиир. Олорор дьиэлэрин тас олбуоруттан саҕалаан, тиэргэн иһигэр мунньуллан турар араас тиэхиньикэ тимирин-туһаҕын, мындыр толкуйтан оҥоһуллубут көтөҕөр кыраннары, гараас иһигэр турар “Сиэгэн” вездеходу киһи көрөн сөҕөр.
“Дьиэм тиэргэнигэр дистанционнай пульт көмөтүнэн кыһыннары-сайыннары аһыллар-сабыллар воротаны оҥорбутум түөрт сыл буолла. Италия оборудованиетын Москваттан сакаастаан ылбытым онтон атынын барытын бэйэм сыбааркалаан туппутум. Бастакы кыһыммар тоҥмута, кылгас кэмҥэ илиибинэн аһа-саба сылдьыбытым. Кэлин өйдөөбүтүм, подшипниктара тоҥон хаалаллар эбит, ону бензини убатан куппуппар, үчүгэй буолбута. Докумуонугар -20 кыраадыска эрэ диэри үлэлиир диэн даҕаны улахан тымныыларга эмиэ үлэлиир, дьиэм чугаһыгар кэллим да, пульпун холбоон воротабын аһабын, сүрдээх табыгастаах.
Саамай тутаах үлэбинэн — дьоҥҥо-сэргэҕэ килиэп оҥорон таһаарыы. Бэкээринэм, көрөрүҥ курдук, тиэргэним иһигэр турар. Күҥҥэ 200-чэкэ 800 граммнаах килиэби оҥорон таһаарабыт. Онуоха барытыгар кэргэним үлэлиир, улахан өйөбүл буолар. Килиэппин таһарга анаан, Ульяновскай куораттан анал массыына атыылаһан аҕалбытым. Килиэп атыыланар сирдэринэн “Эгэлгэ”, “Барыс”, “Олимп”, “Алар”, “Домашний праздник” маҕаһыыннар буолаллар. Бу бэкээринэбин үлэлэппитим 8 сыл буолла.
Үлэм таһынан, хоббим диэххэ дуу, тиэхиньикэлэри оҥоруунан дьарыктаммытым 30-тан тахса сыл буолла. Бу төрдүс вариант вездехоппун оҥорон туруорабын. Инники варианнарым наар водяной охлаждениелаах “Юпитер” мотуордаах этилэр. Онтон кэлин биир табаарыһым бэйэтин “Ока” массыынатын бэлэхтээн, ол мотуорун ылан олордубутум, кыамтата даҕаны улахан буолла уонна көлүөһэлэрэ төрдүөн тардар кыахтаннылар. Бу маннык дьарыктанар туһуттан дьон туһаммат тиэхиньикэтин, тимирдэрин, саппаас чаастарын мунньабын. Маны барытын туспа уурунар туһуттан, куораттан табаарыспын ыҥыран, туспа анал тутуу туттара сылдьабын. Бэйэ оҥорон таһаарыы тиэхиньикэтин ГАИ учуотугар туруорарга докумуону эккирэтистэххэ, оҥорторуохха сөп, ол эрээри, экспертиза барыта Москванан эргийэр. Улахан тимирдэри көтөхтөрөр сыалтан былырыын улахан кыраан оҥорбутум, манна ноу-хаум (ураты оҥоруум) диэн иккис киллэһигинэн “ЗИЛ” массыына лебедкатын олордубутум, ити көмөтүнэн стрелата хамсыыр, инникитин көлүөһэ эҥин олордон, уопсайынан, айанныыр туруктаах оҥостуохтаахпын. Иллэҥсийдим да, наар гарааспар сылдьабын, пенсияҕа тахсыбытым. Вездеходум бу турар, хайдах үлэлиирин интернет ситиминэн видео ыыталаабытым, соҕуруу үрэхтэринэн тест-драйв оҥоро бара сылдьан, туохтан даҕаны иҥнибэккэ, этэҥҥэ айаннаан кэлбиппит. Туохтан даҕаны иҥнибэтин иһин мин кинини “Сиэгэн” диэн ааттаабытым, дириҥ уунан уустар, биир уратыта диэн “переломка” ол аата, сиһэ уҥа-хаҥас хамсыыр, 4WD, уонча киһини олордор миэстэлээх. Соҕуруу сөхпүтүм диэн барыта уу, манна кураан эбит, эппиккэ дылы, “Квадроцикл” даҕаны сатаан сылдьыбат сирдэрэ бааллар, онно барытыгар “Сиэгэн” аргыый аҕай сырытта, буксуйан даҕаны көрбөтө. Үгүс дьону кытары билсэн, наар сүбэлэһэ сылдьабын—сүрдээх толкуйдаах, мындыр уолаттар бааллар. Эдэр сааспыттан, аҕам манна хоту алааска кустуур сирдээх этэ, онно матасыыкылынан эрэй бөҕөнөн сылдьааччы, кэлин соҕуруу үөрэнэн кэлэн баран, аҕам улахан мэһэйэ суох айаҥҥа сырыттын диэммин, бастакы оҥоһукпут таҥмытым.
Табыллан истэҕин аайы, киһи стимулланан өссө эбии оҥостор, туох эмэ толкуй киирдэҕинэ, үлүһүйэн, арыт түүннэри тахсан оҥоробун. Киһиэхэ улахан баҕа санаа баар буолуохтаах, тулуурдаахтык, дьаныһан туран ону толорорго үлэлиэхтээх. Туох барыта толкуйтан тахсар. Билигин урукку курдук буолбатах— баҕалаах киһиэхэ туох барыта баар. Биир ыра санаам диэн улууска дьоҕус авиацияны тэрийэр санаалаахпын, урукку өттүгэр ити санаабын этэ сылдьыбытым. Итини таһынан массыына кондиционердарын заправкалыыр үөрэххэ үөрэнэн кэлбитим, онон билигин бириэмэ баар буоллаҕына, кондиционердары заправкалаан, диагностикалаан биэрэбин. Итиэннэ улууска бастакынан спутниковай тэриэлкэлэри аҕала сылдьыбытым. Онтон кэлин “Телекарта”, онтон билигин “НТВ+” туруоруу өҥөлөрүн толоробун. Манна барытыгар күүс-көмө, өйөбүл буолар дьонум, биллэн турар, дьиэ кэргэним буолар. Туох баар туттар тээбириннэрбин, инструменнарбын бэйэм булунабын, оҥостобун, доҕотторум-атастарым улахан көмөнү оҥороллор, кинилэргэ махталым улахан. Предпринимательство өттүнэн бастакы кэмнэргэ улахан көмөнү СӨ предпринимательствоҕа министиэристибэтэ, олохтоох дьаһалта оҥорбуттара”, — диэн Иннокентий Новгородов иһирэхтик кэпсиир.
Билигин урукку буолбатах, баҕалаах эрэ буоллахха, барыны-бары булан дьарыктаныахха сөп. Иннокентий Николаевич бэйэтин дьарыгын көрдөрөргө, кэпсииргэ, сүбэлииргэ мэлдьи бэлэм. Маннык дьон баар буолан, тыа сирэ билиҥҥи олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хардыылыыр.
Ураты дьарыктаах биир дойдулаахпытынан киэн туттабыт итиэннэ айымньылаах үлэтигэр чыпчааллары, дьиэ кэргэнигэр ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.
Автор: Семен Жендринскэй.